Тыын былдьаһыгар. Егор Картузов
гына көрбүтүм, киһим саатын сүкпүтүнэн саҥа туран эрэр эбит. Сааны көрөөт син чэпчээн һуу гынным. Арба мааҕын хара улар көтөн күлүбүрээн тахсыбытыгар киһим саатын ыҥыырыттан устан сүктэ этэ дии.
Баҕар, ол хара уларынан сирэйдээн аар тайҕа иччилэрэ биһигини өлөр өлүү айаҕыттан мүччү тардан таһаарбыттара буолуо. Адьырҕа куобах уҥуоҕун минньигэстик хачыр-хучур ыстыы сыттаҕына, өмүрдэн соһуппут өстөөхтөрүн өһүөннээх хараҕынан дьиэгэниччи көрдө, бэлэммит суоҕун тута өйдөөтө. Турар түгэн биэрбэккэ, саба баттыы охсоору ойдо. Эмискэ Суолдьут барахсан сирилээн кэллэ да, мин үрүҥ тыыммын өрүһүйээри, өлөр өлүү айаҕын бүөлүү турунан кэбистэ.
Өлүү айаҕын нэтээгэнэн бүөлээбит диэбиккэ дылы, адьырҕа обургу кыра ыт оҕотун эрэйдээҕи ааһан иһэн хайа дайбыыр буоллаҕа. Эрэллээх доҕорум үрүҥ тыыным өллөйө буолан, олоҕун толук уурарга бэлэм тураахтаата. Адьырҕа Суолдьуту мэһэйдэтэн, иннибэр икки-үс хаамыы сиргэ хорус гынна. Ол кэмҥэ улахан ытым Булчутум ойон кэллэ да, биир-биэс тыла суох арҕаһыгар сүктэрдэ. Адьырҕа соһуйан охсон көрдө да, дэгиэ тыҥырахтаах баппаҕайа кулгааҕын кэннигэр тиийбэтэ. Булчутум барахсан адьырҕа кулгааҕын көмүллээн10 барда. Манна буолла дуолан охсуһуу, ааттаах араллаан. Тыатааҕы ардай аһыытынан хаба сатыыр, дэгиэ тыҥырахтаах баппаҕайынан охсор да, Булчут таптаран бэрт. Ытым дьыпсаатыттан, уоҕуттан-уоруттан сөҕөн, чыпчылыйыах түгэнэ көрөн тура түстүм. Ол кэмҥэ киһим ыта кэллэ да, тыатааҕы борбуйугар хатанна. Ону көрөн, кыра ытым Суолдьуту үтүгүннэ.
Тыатааҕы охсор кэмигэр биир ыт аһаран биэрэр, ол кэмҥэ атына борбуйугар хатанар. Сүбэлэспит курдук утуу-субуу борбуйдаһаллар. Ити кэмҥэ ытарга сөп буолла диэбиттии, Булчут адьырҕа арҕаһыттан ойон түстэ. Эмискэ саа тыаһа сатараата, ону кытта даҕаспытынан адьырҕа соһуйан тиэрэ баран түстэ. Онтон туран, үрэххэ киирэн хааһаҕы бырахпыттыы ойон бурҕата турда. Инчэҕэй сиртэн тэбинэн, иһэҕэ кэнниттэн ыһылла истэ. Ыттар тилэх баттаһан, саппай уобустулар.
Биһиги буолар буолтун кэннэ дьэ өйдөнөн уу испит сылгы курдук уҥуохпут халыр босхо баран, сүһүөхпүт уйбакка, сиргэ лах гына олордубут. Уоскуйан табахтаан сыыйдыбыт. Ол олорон кыл түгэнэ буолбут хабыр хапсыһыыны эргитэ санаатыбыт. Сап саҕаттан салҕанан, ситии саҕаттан ситимнэһэн, айыыларбыт аргыстаһан, иэйэхситтэрбит эҥээрдэһэн тыыннаах орпут үөрүүбүт өрөгөйө хам кууста. Онтон Баай Байанай утары ууммут боччумнаах булдун мүччү туппут хомолтобут курус тыына солбуйда. Үрэххэ аргыый киирэн кыылбыт дэгиэ тыҥырахтаах атаҕынан батарыта үктээн, ойбут олугун көрбүтүм уоннуу ыллар хардыы этэ.
Булчуту, эр-бэрдин, сардаҥалаах сарсыҥҥыга адьырҕа ардай аһыыта дуу, булт үлүскэн үөрүүтэ дуу, сииккэ сиэлэн, хаарга хааман мэлийии курус тыына дуу күүтэрин, инникини тымтыктанан көрбүт суох.
Солоҥдо
Талба-талыы хонуулаах Таатта Эбэ хонуутун устун булчут хайыһарын аргыыйдык сыр-сыр тэбэн истэ. Билигин тымныы кыһын оройо үгэннээн турар кэмэ, хонуу-сыһыы маҥан суорҕанын