Тыын былдьаһыгар. Егор Картузов
Отууга тиийэн туохха түбэспиппин кэпсээтим, дьонум һуу-һаа буоллулар. Сарсыныгар убайдарбынаан саа-сэп бэлэмнэнэн тахсыбыппыт: хара тыа амырыын адьырҕата сыппыт сиригэр уһуктубат унньуктаах уһун уутун утуйа сытара. Туох буолан миэхэ таала кырыыланан бэйэтин былдьаппыта буолла.
Ол саас Күүлэлээх Эбэҕэ олус үчүгэйдик дуоһуйа бултаан турабыт».
Түүлээхтээһин
Ааспыт үйэ бүтүүтэ дойдубуттан Дьокуускай куоракка көһөн киирбитим. Бэргэһэни хабахха хаайбаккын дииллэринии, кыдьыгым батарбакка, куорат таһыгар оптуобуһунан сылдьан кыһынын туһахтыыбын. Атаһым Бүөтүр сүбэтинэн кэлин, көҥүл атыылаһан, түүлээхтиир буоллум.
Былыр-былыргыттан сахаҕа түүлээхтиир дьону өрө туталлара. Ыраахтааҕы суолун – түһээни түүлээҕинэн төлүүллэрэ. Киһи барыта күндү түүлээҕи эккирэтиспэт. Кырдьык, киһи эрэ барыта санаммат, элбэх сыраны-сылбаны, мындыры ылар булт көрүҥэ буолар. Тоҥ мутук тосту тоҥор тымныытыгар, тобуккар диэри тоҥуу хаары кэһэн саһылы, кииһи эккирэтиһии сыанан-арыынан аҕаабат. Бу дьиҥнээх эр киһи идэтэ, олус күүстээх абылаҥнаах эбит, өйгүн-санааҕын көстүбэт ситиминэн бүүс-бүтүннүү бэйэтигэр хам баайар. Төһө даҕаны киэһэ кыайан саҥарбат буола сылайан, сииккэ-сиэлэн, хаарга-хааман эстэн-быстан кэлэн утуйан баран, сарсыарда эрдэ уһуктаат ойон туран «баҕар Баай барыылаах Байанай бүгүн мичик гынаарай» дии санаан, син биир хара тыаҕа тахса тураҕын.
Үгүс киһи кыһыҥҥы айылҕа кэрэтин, тыа чэбдик салгынын, көҥүл-босхо сылдьары билбэт. Бу орто дойдуга туох барыта көҥүлгэ тардыһар. Сирдээҕи көҥүл диэн тугун дьиҥнээх булчут эрэ билэр.
Дьиҥинэн, түүлээх тириитин сыаната сыраны-сылбаны боруостаабатын да иһин, булт абылаҥар билиэн барбыт киһи сиэринэн, күн аайы тоҥору-хатары аахсыбакка бараҕын. Улуу тириэньэр Бөтүрүөбүс тустуу абылаҥар уһуйбутун курдук, булт абылаҥар аҕам уһуйан, күн аайы сибиэһэй салгыны түөспэр толору эҕирийэн, тоҥуу хаары кэһэн, туос сатыы тоһуурдарбын көрөбүн.
Мин саха киһитин сиэринэн түүлү-бити итэҕэйэбин. Оҕо эрдэхпиттэн бары булчуттар курдук, түүлбэр бултуубун. Дьэ түүл диэн дьикти, киһи өйүгэр баппат.
Атын эйгэ баарын улуу эмчити Гурий Уйбаанабыһы кытта чугастык билсэн баран итэҕэйбитим. Кини Хатас арыытыгар сүтэрбит саһылбын Бээрийэҕэ олорон хапкааны соһон хайдах айаннаабытын, ханна баарын этэн биэрбитэ. Былырыын матасыыкылынан Болтоҥоттон Бээрийэҕэ айанныы сатаабыппын икки ый буолан баран бэйэбэр кэпсээбитэ.
«Ити Танда баһыгар киириигэ суол хаҥас өттүгэр маҥан туох турарый?» – диэн соһуппута.
Икки ый анараа өттүгэр буспут хап-хара моонньоҕону үргээри тохтообут массыынаны хайдах көрдө? Ол массыына 4—5 чааһынан бардаҕа дии. Бороҕон оҕонньорун көрүүлэрэ киһини салыннараллар, соһуталлар-өмүрдэллэр.
Эдэрбэр сир-дойду иччитэ баарын хаста да биллэрэн турар, ону эдэр, дохсун буолан аахайбатах эбиппин. Дьиҥинэн сэрэтэ, үөрэтэ-такайа сылдьаллар, ону биһиги куойабытыгар-маҥкыбытыгар