Тыын былдьаһыгар. Егор Картузов

Тыын былдьаһыгар - Егор Картузов


Скачать книгу
түргэн хаамыынан хайаттан түһэн истим. Тайахтар суохтар. Талахтан тахсалларын кэтиибин. Өйдөөн көрбүтүм, биир бөлкөй талах кэннигэр тураллар эбит. Маннык чугаһатыахтара диэбэтэх киһи, соһуйан, саабын эмискэ өрө көтөҕөрбүн кытта, тайахтар ыстанан кэбистилэр. Маҥнайгы ойууларыгар куобахтаан бачырҕаттылар, иһэхтэрэ ыраахха тиийэ бырдаҥалаан олордо. Уҥа диэки ыстаммыты ытан саайдым. Онуоха эргиллэ түстэ да, миэхэ утары сүүрдэ. Мин тамайа сиэлэн эрэр иккис тайаҕы ыттым.

      Маҥнайгы, утары сүүрэн кэлэн чугас, сүүрбэччэ хаамыы сиргэ, хорус гынна. Долгуйан, ботуруоммун мүччү-хаччы уган, кыылбын кыҥааппын кытта тайах кэннигэр ыппыт сүүрэн кэллэ. Ыты дэҥнээтэххэ аана суох алдьархай, иитэ суох иэдээн буолар, онон ыппатым. Тайаҕым ыты көрөн эргилиннэ даҕаны, үрэҕи туораан, үрүйэни өрө батан бара турда. Тайах кэнниттэн Дьэримиэй ытын кытта сүүрэн бурҕатта.

      Мин маҥнайгы ыппыт тайахпын суоллаабытым ырааппакка охтубут этэ. Тайах иһин хостоон баран, хайа үрдүгэр тахсан аппын ыллым. Битигирэтэн киһибэр тиийбитим, Дьэримиэй анараа тайаҕы охторон сытыарара. Атаһым уоскуйан тоҕо хойутаабыппын туоһуласта, онуоха тайах астыы сылдьыбыппын кэпсээбиппэр соһуйда да, үөрдэ да.

      Кыылбытын астаан баран атаһым эттэ: «Бу сиһинэн Эбэҕэ быһа түһүөххэ». Сүүсчэкэ хардыыны барарбытын кытта билигин эрэ ааспыт киис суолун көрдүбүт. Өр буолбата, ыппыт үрэн тоҕо барда. Тиийбиппит – кииһи сытар тиит көҥдөйүгэр хаайбыт эбит. Сүгэнэн хайаҕас оҥорон кыылбытын ыллыбыт. Сотору хараҥаран барда, онон үрэххэ киирэн суол устун дьиэлээтибит.

      Баай барыылаах Байанай наарын оҥорон оннук күндүлээн соһутан да, үөрдэн да турардаах. Аҕыйах да хонукка буоллар, кэрэ кыыс Амма Эбэ барахсан дуоһуйа сынньатан, астына бултатан турар. Кэлин Дьэримиэй дойдутугар, Хатарчыма үүтээнигэр бултаан турабын, ол туһунан туспа кэпсээн.

      Түгэнэҕэ

      Биһиги биир саас Горнай улууһун Түгэнэ үрэҕэр Кыайыы күнүттэн Ньукуолуҥҥа диэри кустаабыппыт. Баай Байанай мичик гынан, кус бөҕөнү өлгөмнүк бултаан, сарсыныгар айаннаары тото-хана аһаан баран, утуйаары сыттыбыт.

      Ол сытан сылгыһыт Бииктэртэн: «Дьэ бу олорор дьиэҥ аартык айаҕа эбит, айан суолунан төһөлөөх киһи ааһара буолуой. Туох эмэ киһи өйүгэр хаалар түбэлтэ буолбута дуо?» – диэн ыйыппытым.

      Бииктэр, улахан курбуу курдук уһун хара бараан сааһыран эрэр киһи, оронуттан туран оһоҕун иннигэр тиийэн талах олоппоско олорон эрэ табах ууруммута уонна оргууй тарда-тарда кэпсээнин ырааҕынан эҥсэн саҕалаабыта…

      «Түгэнэ Эбэ – мин биһикпин ыйаабыт төрүт сирим. Бу Эбэҕэ саас кус саҥата киһини утуппат буолара. Мин саас кус кэлиитэ, ити эһиги сыппыт көлүччэҕитигэр, ууну атах сыгынньах кэһэ сылдьан куска тиргэлиирим, күөнэххэ туу угарым. Дьэ, кырдьык, бу суолунан араас дьон ааһар.

      Биирдэ үгэспинэн сылгыбын көрө сырыттым. Мантан тэйиччи соҕус күөл үрдүгэр быраҕыллыбыт үүтээн баар. Ол үүтээн таһыгар чэйдээри тохтоотум. Арай Доҕор диэн ытым ырдьыгыныы-ырдьыгыныы үүтээҥҥэ ойон тиийдэ. Эргэ, быраҕыллыбыт үүтээн аана суох этэ. Ытым боруокка


Скачать книгу