Тыын былдьаһыгар. Егор Картузов

Тыын былдьаһыгар - Егор Картузов


Скачать книгу
өйтөн тахсара буолуой. Саха былыргы булчуттара аар айылҕаҕа уһаарыллан-хатарыллан, куоһанан, сындалыйбат сындааһыннаах буолаллар. Кинилэр удьуордара – тустууктарбыт аан дойду улахан көбүөрдэриттэн кыайыы көтөллөнөн сири-сиксигинэн эргийэн кэлэллэр.

      Арай сарсыарда уһуктубутум: оһох тигинэччи оттуллубут, харбыыл истиэнэ быыһынан сулустар көстүбэттэр, халлаан суһуктуйан эрэр. Куоракка курдук буолбатах. Наһаа чэбдигирэн уһугуннум. Үөрэ-көтө ойон туран, курданарбар дылы сыгынньахтанан, хаарынан сууннум-тараанным.

      Ити күн өрөөн, маспытын бэлэмнээтибит. Эргэ үүтээн буолан, хаппыт мас биэрэстэ ыраах үрэх куулатыгар ордубут. Ону булан охторон, сороҕун таһан, быһа холоон биир ыйга тиийэр гына, бысталаан кэбистибит. Үлэни бүтэрэн киэһэ аһыы олордубут. Мин балаҕан баҕанатыгар өйөнөн, наара ороҥҥо олорон, куруускаттан итии чэйи сыпсырыйан иһэбин. Бүөтүр миэхэ көхсүнэн олорон остуолга аһыыр.

      Ол олордохпуна, эмискэ, төһө да аан аһыллыбатар, «киирдилэр» диэн сэрэйэ санаатым. Сүрэҕим эмискэ күүскэ тэптэ, кулгааҕым чуҥкунаата, мэйиим эргийдэ. Кыайан хамсаабат турукка киирдим. Бүөтүр тугу эрэ кэпсиир, ону өйдөөн истэр кыаҕым суох, саҥата ханна эрэ ыраах иһиллэр. Кыахпын былдьатан, далбааран, хамсалаах табах быстыҥа даҥ курдук олорбутум кэннэ «таҕыстылар» дии санаатым. Дьэ онтон уоскуйан туос амабар түстүм. Киэһэ үүтүн тохпут оҕолуу уку-сакы сырыттым. Оннооҕор доҕордоох киһи кыаҕын ылар буоллахтарына, бүтүн биир ыйы быһа билбэт сирбэр хайдах соҕотоҕун олоробун диэн санаа төбөбөр эриллэн киирдэ.

      Киэһэ хойут, утуйаары сытан, сүөм түспүппүн көрөн киһим сүбэлээтэ: «Үүтээҥҥэ соҕотоҕун хоноргуттан дьаарханар буоллаххына, күнү быһа үлтү сылайыах-хар диэри тыаҕа хаамп, киэһэ хойут кэлэн үлэҕин-хамнаскын бүтэрэн баран, тугу да санаабакка утуйан хаал. Бу дойдуга тугу эмэ сыыһа-халты туттан холдьоҕулуннаххына, түүн туран куотума, тоҥон өлүөҥ, халлаан сырдыыта айаннаар. Киһи эрэ буолларгын сэрэнэн сырыт, илиигин-атаххын дэҥнээтэххинэ ким да өрүһүйбэт, мин биир ыйынан кэлиэхпэр диэри суолуҥ сойуо, буларым да саарбах. Бу дойду сөбүлээбэтэҕинэ тута биллэрэр».

      Сарсыныгар Бүөтүр дьиэлээтэ. Биир ый соҕотоҕун аар тайҕа баһыгар хайалар быыстарыгар хааларбыттан санаарҕаан, санаа эргимтэтэ оҥосто сытан, утуйан хаалбыппын. Ороһуйа5 сытан түүл түһээн түҥкүлүйдүм. Үүтээҥҥэ баар курдукпун. Бүөтүр утары истиэнэҕэ баар оронугар сытарын курдук сытар. Дэлби хабаҕарбыппын, дьиэ таһыгар таҕыстым. Арай көрбүтүм: үүтээним дойдубар, ыалларым Өндөрөйдөөх далларын кэннигэр, баар эбит. Мин наһаа үөрдүм. Дьэ хата дойдубар бултуу сылдьар эбиппин дии санаатым. Ол быыһыгар дойдубар куобах суох, чэ, туох буолуой дии саныыбын.

      Ол сытан киһим турбутугар уһугуннум. Тута түүлбүн кэпсээтим. Бүөтүр балайда саҥарбакка дьоһумсуйан сытан баран түүлбүн тойонноон эттэ: «Дьэ, Дьөгүөр, бу дойду эйигин кырыы хараҕынан кынчарыйбатах, атыҥыраабатах, дойдугар сылдьар курдук санан диэбит».

      Тото-хана аһаан баран, дьиэ таһыгар тахсан киһибин, аҕатын сайыспыт оҕолуу, икки хайа


Скачать книгу