Тыын былдьаһыгар. Егор Картузов
ыттар үрдүлэр. Кыра убайым Куока уонна Таатта кырдьаҕаһа онно бардылар. Биһиги булпутун астаан баран, дьоммутугар тиийдибит. Ыттар үрэ сырыттахтарына, убайым урут кэлэн, тыһы тайаҕы охторбут. Булпутун астаан баран аһаатыбыт. Ол олорон кырдьаҕаспыт хайдах үллэстэрбитин туһунан тыл көтөхтө.
Саастаах киһибит Өндөрөй кырдьаҕаска бэйэтэ быһаарарыгар көрдөстө. Кырдьаҕас: «Эһиги ыттаргыт туруорбут тайахтарын сүүрдэн иһэн ытыалаан кыра тайаҕы биһиги охтордубут. Оттон эһиги ыттаргыт бууру эккирэтэн, тыһы тайаҕы үрсүбэтилэр. Биһиги ыттарбыт үрэ сырыттахтарына, эһиги киһигит охтордо. Онон хара тыа суруллубатах үгэһинэн маннык: эһиги ыттаргыт үрсүбэтилэр, онон биһиги эһиэхэ бэйэбит көрөн эт бэрсэбит, онтон үрсүбүттэрэ эбитэ буоллар, төбө тыыран, аҥаардаһыахпыт этэ», – диэтэ.
Биһиги, эдэр дьон, хомойон сүөм түстүбүт, урукку оҕо дьон сиэринэн, мөккүспэтибит. Мин «аҥаардаһарбыт буолуо» дии санаатым. Онтон оҕонньор сирэйбитин-харахпытын көрөн баран эттэ: «Аҕаҕыт Дьөгүөссэ бэрт ыллыктаах киһи этэ, уолаттара бары бултуулларын көрөн үөрдүм. Онон эдэр дьону санааларын көтөҕөн, тыһы тайах көхсүн аҥаарын уонна кыра тайах аҥаарын биэрэбит. Эдэр дьон этэҥҥэ сылдьан бултааҥ-алтааҥ», – диэн алҕаата.
Биһиги үөрэн-көтөн, булпутун суол кытыытыгар кистээн баран, үүтээммит диэки түһүннүбүт.
Сорохтор сарсыарда туран тайах этин тиэйиэхтээхтэр, онон Өндөрөй биһиги хаамар буоллубут. Өндөрөйдүүн өр хаамтыбыт, туох да суол-иис суох. Сотору Сылгы Салайар үрүйэтин уута кэлиэхтээҕин, онно чэйдиэхтээхпитин туһунан эттэ. Мин ол ууну кэтэһэбин, аччыктаатым.
Арай ол иһэн көрбүтүм: үрүйэ уҥуор, 300—350 хаамыылаах сиргэ, биир буур тайах утуктуу турар. Айылҕа мүччүрүйбэт сокуонунан, хаанын тэнитээри, тапталлааҕын көрдөөн түүнү быһа хааман баран, үлтү сылайан, үрүйэ кындаатыгар сынньана турар эбит. Кыратык үөмтүбүт, ыарҕа бүтэн, ыраас сиргэ кэлэн тохтоотубут. Ыарҕа мэһэйдээн, ыттар тайаҕы билбэттэр. Хата дьоммут туох буолан бөкчөһө-бөкчөһө үөмтүлэр диэбиттии дьиктиргии көрөллөр-истэллэр. Сааларбытын маска ууран ытыалаан тибиргэттибит. Уончата ыппыппытын кэннэ, кыылбыт сүүрдэ. Илин холун соһо сылдьар. Ону көрөн үөрдүм уонна тайах диэки буутум быстарынан ойдум. Дулҕаттан бүдүрүйэ-бүдүрүйэ, үрүйэни сүүрэн туораатым. Ыттар урут тиийэн ойуурга киллэрэн тохтоттулар. Кинилэри үөрэтээри, кыратык үрдэрэ түһэн баран охтордум.
Дьэ манна буолла өрөгөй, үөрүү кылаана. Баай Байанайбытын уот оттон арыылаах килиэбинэн күндүлээтибит. Тайахпытын астаан, быарын үтэн, холкутуйан аһаатыбыт.
Киэһэлик борук-сорукка Бассынаай үүтээнигэр тиийбиппит, дьоммут кутаа аттыгар аһаары сабдыгыраһа сылдьаллар. Бултаан сылайан истэххэ, бииргэ бултуур дьонуҥ кулуһуннарын уотун халлааҥҥа харбаһар кыымнара кэрэ көстүү буолан сүрэҕи өрүкүтэр, быары сылаанньытар. Бултаабыппытын көрөн дьоммут үөрэн харахтара чаҕылыста. Өл хаба түһээт, хайдах бултаабыппытын кэпсээтибит.
Онно кырдьаҕаспыт Өлөксөй: «Бэҕэһээ Таатта булчута алҕаан, бүгүн бултуйбуккут», –