Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ. Николай Аржаков

Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ - Николай Аржаков


Скачать книгу
саха салаатыгар үөрэнэр кэммэр, сэттэ уонус сылларга, Николайы эдэр саас биһигэр Сэргэлээххэ көрөрүм. Өрүкүйбүт хара баттахтаах, мэлдьи тугу эрэ толкуйдуу сылдьар, саҥата-иҥэтэ суох, бэрт көрсүө, сэмэй уол быһыылааҕа. Соччо бодоруспатахпыт эрээри сиэр быһыытынан дорооболоһон, кэпсэтэн ааһар этибит. Кэлин даҕаны, төһө да биир научнай тэрилтэҕэ үлэлээтэрбит, оннук аһара чугасыһан барбатахпыт. Ол эрээри ааспыт сыл бүтүүтэ Чурапчы Хатылытыгар нэһилиэк баһылыга В.В. Ершов ыҥырыытынан научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ тахса сылдьан, Николай Николаевич төрөөбүт-үөскээбит түөлбэтиттэн – Биттики сайылыгыттан – булбут биһилэхтэрин туһунан кэпсээбитин истэн баран, өрөөбүт уоһун өһүллэҕинэ, хоммут уоһун хоҥнордоҕуна, кэрээбэт кэпсээннээх сээркээн сэһэнньит, ис сүрэҕиттэн дьаныһан туран үлэлиир кыраайы үөрэтээччи, сир түннүгэ киһи эбит диэн санааҕа кэлбитим.

      Н.Н. Аржаков атах сыгынньах сүүрбүт, көрүлээн көччүйбүт алааһын түҥ былыргытын, кини кистэлэҥнэрин, ытык сиргэ кимнээх олорон ааспыттарын туһунан архыып докумуоннарыгар олоҕуран суруйбут тойоннооһуннарын, сабаҕалааһыннарын, көрүүлэрин суруйан, хомуурунньук бэлэмнээбитэ олус кэрэхсэбиллээх. Ааптар туруоруммут соругун: «Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ кэлэн туран, былыргы өбүгэлэрбит тыйыс айылҕалаах дойдуларыгар туттар малларын-салларын хайдах оҥостоллорун, былыр үйэҕэ умнуллан хаалбыт араас мындыр ньымаларын үөрэтии уонна ону кэнэҕэски көлүөнэҕэ хаалларыы бу сүдү суолталаах сорук дии саныыбын», – диэн саамай сөпкө быһаарар.

      Ааптар туох-ханнык иннинэ оҕо эрдэҕиттэн оонньоон-көрүлээн ааспыт Биттики сайылыгын аатын-суолун анааран көрүүтэ кини чахчы мындырын, боппуруоһу бары өттүнэн дириҥник ырытарын көрдөрөр. Биллиилээх топонимист М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ үйэлээх сааһыгар хомуйбут картотекатыттан Биттики уонна маныаха майгынныыр сирдэр ааттара Намҥа, Тааттаҕа, Чурапчы Сылаҥар баалларын быһаарбыт. «Биттики, баҕар, билгэ диэнтэн тахсыбыта буолуо» диэн санаанан салайтаран, итиниэхэ сыһыаннаах икки түбэлтэни кэпсээн аһарбыта кэрэхсэбиллээх.

      Ааптар иккис сабаҕалааһын быһыытынан балкаар бэйиэтэ Саид Шахмурзаев хоһоонуттан Биттики диэн суруктаах хайа аата ахтыллыбытын булан ылан түөргэлээн суруйбута, рунанан былыргы тааска суруллубут суругу-бичиги кытта ситимнээбитэ итэҕэтиилээх. Н.Н. Аржаков түмүгэр Биттики диэн аат мээнэ бэриллибэтэҕин, түҥ былыргыны, үтүө үгэһи, манна олорбут дьон идэлэрин, дьарыктарын кытта дьүөрэлэһэрин, ытык кэрэ сир буоларын сиһилии арыйан көрдөрбүт.

      Ааптар суруйарынан, Биттики алаас нууччалар Саха сиригэр кэлиэхтэриттэн, Дьокуускай кэнниттэн илин эҥээргэ иккис остуруок тутуллуоҕуттан сурукка-бичиккэ, историческай докумуоннарга киирбит эбит. Н.Н. Аржаков биллиилээх суруйааччы В.Г. Короленко, фольклорист С.И. Дьячковскай-Сэһэн Боло уонна оҕо сылдьан истибит кэпсээннэригэр олоҕуран, итиэннэ Ем. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музейтан булбут В.Г. Короленко уруһуйунан сирдэтэн, остуруок турбут сирин чуолкайдаабыт. Алаас өтөхтөрүн хас да сайын чинчийэн, олус кэрэхсэбиллээх булумньуламмыт. Бу көрдөөһүнүн түмүгэр Биттикигэ сахалар нууччалар кэлиэхтэрин инниттэн уутуйан олохсуйбуттарын, тимири уһааран араас тэрили оҥороллорун сиһилии суруйбут. Тимир уустара оҥорбут сэптэрэ-сэбиргэллэрэ – иһэрдии сүгэ, быһах, чокуур саа саха тимири уһаарыыга үөрүйэҕин, сатабылын, култууралара үрдүгүн кэрэһэлиир.

      Николай Николаевич руна суруктаах биһилэхтэри булбута сүҥкэн арыйыы диэххэ сөп. Маны этэн эрдэхтэрэ «көрдөөбүт көмүһү булар» диэн. Ааптар биһилэхтэргэ баар бэлиэлэри саха боотурдарын тамгата диэн сэрэйэр уонна историческай докумуоннарга киирбит Чоху Гуликанов биһилэҕэ буолар диэн сабаҕалыыр. Маннык руна суруктаах биһилэх Верхоянскай музейыгар баарынан сэрэйдэххэ, сахалар руническай суруктарын илдьэ кэлбиттэрэ чахчы быһыылаах. Ол да иһин, өрдөөҕүтэ эмиэ Чурапчы сиригэр Чэлгиэрийэ руническай сурук көстүбүтэ түбэһиэхчэ буолбатаҕын кэрэһэлиир. Норуот былыргы сэһэннэригэр өбүгэбит төрдө Эллэй Боотур туоска сууламмыт суруктааҕа үһү. Ол суругун ууга түһэрэн кэбиспит диэн буолар. Өр сылларга Саха сиригэр олорон биһиги төрүттэрбит руническай суруктарын-бичиктэрин умнубуттарын сэһэҥҥэ судургу соҕустук быһаарбыттара көстөн тахсар. Маныаха Н.Н. Аржаков курдук сир түннүгэ дьон, кыраайы үөрэтээччилэр наука үлэһиттэригэр кэрэхсэбиллээх булумньуларынан кыттыһалларын эҕэрдэлиэххэ эрэ сөп. Ааптар иккис улахан суолталаах арыйыыта – саха боотурун куйаҕын туорумнарын (пластинкаларын) булбута буолар. Уопсайа 110 туоруму булбут, ааптар сабаҕалыырынан, куйаҕы таҥарга анаан бэлэмнээбит баллырдара эбит. Хотугу сир физико-техническэй кыһалҕатын үөрэтэр институт лабораториятыгар аныгы технологическай ньыманан анаалыстааһын түмүгэр саха уустара аҥаардас хатаран уонна таптайан үрдүк хаачыстыбалаах тимири уһаараллар уонна араас тэрили оҥорор ураты сатабыллаахтар эбит. Маны тэҥэ сахалар, ол иһигэр Биттики олохтоохторо, билигин туойунан араас иһити, көһүйэни оҥороллоро төрүт култуура көстүүтэ буолар. «Чороон» ХЭТ бу хайысханан Кытайы кытта үлэлэһэн, чороон арааһын, биллиилээх художник-дизайнер А.Н. Филиппова эскиистэринэн фарфортан сувенирдары оҥорон тарҕатан эрэрэ хайҕаллаах. Ол эрээри саха күөсчүттэрин технологияларын тилиннэрэн сөргүтүөххэ наада. Н.Н. Аржаков, бэйэтэ идэдийбит уонна дьоҕурдаах киһи сиэринэн, «Саха сирин боотурун сэбэ-сэбиргэлэ» диэн үлэтин


Скачать книгу