Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ. Николай Аржаков
үөрэтии түмүгэр түгү билбиппин ааҕааччылары кытта үллэстэргэ быһаарынным.
Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ кэлэн туран, өбүгүлэрбит тыйыс айылҕалаах дойдуларыгар туттар малларын-салларын хайдах оҥостоллорун, былыр үйэҕэ умнуллан хаалбыт араас мындыр ньымаларын үөрэтии уонна ону кэнэҕэски көлүөнэҕэ хаалларыы бу сүдү суолталаах сорук дии саныыбын. Оччотугар эрэ кэнэҕэски көлүөнэ былыргы өбүгэлэрбит мындырдарын сөҕө, кинилэр былыр да, бэйэлэрин кэмнэригэр да үрдүк култууралаах уонна сайдыылаах, атын омуктартан итэҕэһэ суох олорбуттара диэн киэн туттуохтара.
Биттики алаас урукку Боотуруускай улууһун Сүпсүк Болугур аҕатын ууһун дьонун-сэргэтин биир маанылаах уонна ытыктабыллаах сирэ-дойдута буолар. Бу алааска төрүттэрбит урут үрдүк сайдыылаахтык олорбуттарын 1634 с. Биттикигэ Дьокуускай кэнниттэн иккис остуруогу тутуу, саха номоҕор эрэ баар өбүгэлэрбит суруктара-бичиктэрэ, аҕа уустарын бэлиэлэрэ, тимир уһааран араас туттар сэби, сааны уонна куйаҕы оҥороллорун дьиҥ чахчы көстүбүт артефактар туоһулууллар.
Сахалар, бэйэбит да аҕыйах ахсааннаах норуот, түҥ былыргыттан бу тыйыс айылҕалаах сиргэ кэлэн да баран, сүтэн-симэлийэн хаалбатаҕар көмүскэнэр куйахтара, сэриилэһэр уонна бултуур сэптэрэ-сэбиргэллэрэ үрдүк таһымнаах оҥоһуулаахтара история араас уустук моһоллорун солуулларыгар улахан суолталааҕа чахчы. Онон билиҥҥи сахалар өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт сэптэрин-сэбиргэллэрин сөргүтэрбит уонна күннээҕи олохпутугар киллэрэн, саҥалыы тыын биэрэрбит – ытык иэспит. Баччааҥҥа диэри саха боотура хайдах куйахтааҕа биллибэт эбит буоллаҕына, билигин дьиҥ чахчы көстүбүт булумньуларга олоҕуран, «хатырык» уонна «дьапталҕа» куйахтар оҥоһууларын көрдөрдүм. Ону сэргэ, саха боотурун сэриигэ уонна бултуурга туттар уһуктаах уонна биилээх сэбин-сэбиргэлин – батаһы, батыйаны, кылыһы, үҥүүнү, ох сааны, оноҕостору музейга баар экспонаттарга уонна научнай үлэлэргэ тирэҕирэн, хайдах курдук мындырдык оҥоһуллубуттарын сырдатан суруйдум.
«Бу кинигэ күн сирин көрөрүгэр үгүс дьону кытта алтыһан, санаа атастастым. Үтүө сүбэлэрин уонна көмөлөрүн иһин кыраайы үөрэтээччи П.Р. Ноговицыҥҥа, Гуманитарнай чинчийии институтун научнай үлэһитэ В.Г. Поповка, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, тимир ууһа уонна суруйааччы Б.Ф. Неустроевка-Мандар Ууска, Саха сирин научнай киинин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, техническэй наука доктора А. Левиҥҥэ, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет профессора С.К. Аржаковаҕа, «Арчы» хаһыат солбуйар эрэдээктэрэ Н.Н. Петровка дириҥ махталбын биллэрэбин. Кинигэ таһын уонна түһүмэхтэри биир дойдулааҕым Г.К. Чичигинаров, боотурдары олус итэҕэтиилээхтик, оччотооҕу кэм куйахтарыгар, таҥаһыгар-сабыгар чугаһатан ойуулаан, анаан-минээн киэргэттэ.
Күндү ааҕааччыларым, өбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторун үөрэтэн, былыргы умнуллубут өрүттэрин сөргүтэн, кэнэҕэски көлүөнэҕэ хаалларан, сахабыт норуотун историятын өссө байыттыннар диэн баҕа санаабын этэбин.
Ураанхайдар