Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ. Николай Аржаков

Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ - Николай Аржаков


Скачать книгу
кытыытыттан Аарах диэки көрдөххө, үүт-үкчү В.Г. Короленко ойуутун курдук буолан биэрдэ. Ити сир үөһэ этиллибит остуруок турбут бэлиэлэригэр барытыгар толору эппиэттиир уонна өссө мантан руна суруктаах алтан биһилэх, былыргы дьэс чаанньык тумса, хорҕолдьун тооромосторо көстөн тураллар. Эһиги көрүүгүтүгэр ити эппит сирбиттэн түһэрбит хаартыскабар остуруок уруһуйун Photoshop бырагырааманан көһөрбүппүн көрдөрөбүн. Уҥа диэки Эмээхcин Ураһатыттан Аарахха киирэр суол төрдө уруһуйдаммыта, билигин хаартыскаҕа тумус тыа аллара үүнэн киирэн, көстүбэт буолбут. Онтон атына барыта сөп түбэһэр. Итиннэ биири чопчулаатахха, В.Г. Короленко тоҕо «… посреди аласа…» диэбитий диэтэххэ, кини Аараҕы уонна Биттикини араарбакка, тумустарынан быыһаспыт биир алаас курдук көрбүт. Оччотугар остуруок алаас ортотугар турар диэбитэ оруннаах буолан тахсар. В.Н Иванов «Якутия в составе русского государства (XVII век)» диэн 2002 с. тахсыбыт кинигэтин 25 сирэйигэр өссө биир бэлиэ эбии суруллубут [8] «… отряд (из 10 человек) Федора Чуркина побывал в «новой землице Катулинского роду князца Даваня и тунгусских людей и поставил острожок на устье р. Хампуни – Середь Катулинсково роду…» диэн Москубатааҕы Арассыыйа судаарыстыбатын былыргы аакталарын архыыбыгар баар докумуоҥҥа олоҕуран суруйбут (ф. 214, стб. 53, сст. 506) . Биттики алаас ортотунан Өлөксөөндүр Булуҥуттан саҕалаан, намталынан сааскы хаар уута остуруок турбут сирин аннынан сүүрүгүрдэн, хоруу курдук хорон, Аарах күөлүгэр түһэр. Ол түһэр сирин Хампуни үрэх түһэр сирэ диэн ааттаабыттар. Онон бу бэлиэ атын сабаҕалааһыннары бүтэһиктээхтик туора сотор, тоҕо диэтэххэ, аттыларынан ханан да үрүйэ сүүрүгүрбэт.

      Хайа уонна остуруогу уоттаталларыгар «суол аттыгар турар, абааһылаах-иччилээх, онон кэлэр-барар оҕо-дьахтар, дьон куттанар» диэбиттэр этэ дии. Тоҕо куттаналлара эбитэ буолла, баҕар, тугу эрэ көрөллөрө буолаарай? Итинэн сиэттэрэн, кэлин буолбут икки түбэлтэни кэпсиим. Быһайын Биттикигэ Аарах диэки от кэбиһэ сырыттахпытына, шасси тыраахтар кэлэн, от охсон барбыта. Хайалара буоллаҕай диэн Сэмэнтэн ыйыппыппар «ээ, Батаарын Баһылай буолуо» диэбитэ. Дьэ, ол Баһылай кэлин Сэмэҥҥэ манныгы кэпсээбит. Арай, ол кэлэн от оҕустара сылдьан көрдөҕүнэ, Биттики диэкиттэн Аарах суолунан биир дьахтар иһэрэ көстүбүт. Маҥнай ыраах буолан, аахайан көрбөтөх, сир астаан иһэр дьахтар ини диэн иһигэр санаабыт. Онтон чугаһаабытын кэннэ өйдөөн көрбүтэ, дьахтара былыргылыы саары этэрбэстээх, халадаай ырбаахыылаах уонна туос ыаҕайа тутуурдаах үһү. Дьэ, доҕоор, сибиэни илэ көрөн, Баһылай этин сааһа аһыллан, тымныы көлөһүнэ сарт түһэн, бүтүннүү дьар гына түспүт, уҥуоҕа халыр босхо баран хаалбыт. Ылгымаайы үрүйэтин диэки барар суолунан туох баарынан бирилэтэ турбут. Хата, онно тиийбитэ, Үстүүнэп Куолалаах от кэбиһэ сылдьаллара үһү. Кырдьык, ол күн сарсыарда Биттикигэ ааһарбытыгар Үстүүнэп Куолалаах отторун мунньаары хаалбыттара. Иккис түгэни быйыл убайым Онотуолуй эмиэ оттуу сылдьан, Биттикигэ Үстүүнэп дьиэтигэр чэйдии олорон кэпсээбитэ:


Скачать книгу