Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ. Николай Аржаков

Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ - Николай Аржаков


Скачать книгу
саҕалыыр. Оччотугар быһах чарааһыыр, ол иһин быһах охсорго кыра тимиртэн тэнитэ таптайан улахан быһаҕы охсуохха сөп. Хоруу курдук кэтит үөһээ быһах токуруйууга утарсарын улаатыннаран биэрэр. Быһах сытыы суптугур уһугунан маска, тириигэ араас үүттэри дөбөҥнүк дьөлөн оҥоруохха сөп. Хайа уонна суптугур уһуктаах быһаҕа суох хайдах кыракый түүлээх кыыллары тииҥи, кырынааһы, солоҥдону, кииһи даҕаны сүлүөҥүй диир? Төгүрүк үүтү маска хаһарга табыгастаах буоллун диэн быһах уһугун ончоҕун кэтэх диэки кырыытын ылан кэбиһэллэр. Оччоҕуна быһах уһугун диэки өттө кэтэҕин иэнэ төгүрүктүҥү буолан, төгүрүк үүтү хаһарга ордук табыгастаах буолар. Ити курдук эбит өбүгэлэрбит уһун сылларга кэтээн көрүүлэрин түмүгэр айан таһаарбыт быһахтарын быһыыта-таһаата. Онтубут билиҥҥи кэмҥэ кэлэн умнуллар кутталланна. Билиҥҥи уустар охсор быһахтара кыра суолтатыгар эрэ үөстээх, быһыыта-таһаата кэтит, куукунаҕа туттуллар килиэп быһаҕыттан атына суох. Былыр уот суоҕар, чүмэчи, кыраһыын лаампата үөдүйэ илигинэ, өбүгэлэрбит тымтыгы уматан сырдатына сылдьыбыттара диэн Телье кэпсээнин салгыыр. Хараҥа хотоҥҥо ынах ыырга, балаҕаҥҥа көмүлүөк оһох уота умуллубун кэннэ күн аайы туттарга төһөлөөх элбэх тымтыгы уматыахха сөбүй? Ол иһин тымтык тыырар быһаҕы анаан-минээн оҥоттороллор этэ диэн кэпсиир Телье. Тымтык тыырар быһах кэтэҕин иэнин икки сирэйдээх гына оҥороллор эбит. Оччотугар тымтыгы тыырарга быһах батары киирэн кыбыллан хаалбат. Телье болҕомтотун биир кыра быһычча тарта. Бу дьикти баҕайы оҥоһуулаах, биитэ көбүс-көнө, ол оннугар уһугун диэки ончоҕо быһах биитин санатар токуруйуулаах. Туохха туттулларын сатаан быһаарбакка сылдьыбытым. Ону Телье сыркы быһычча диэтэ. Маннык быһыччанан түүлээх намчы тириитин быһычча уһугар баар токуруйуулаах ончоҕунан остуол сирэйинэн сүүрдэн, үөһэ диэки хайыспыт сытыы биитинэн тириини кэбэҕэстик тыыра анньан тэлэллэр үһү.

      Хомус. Кыра эрдэхпинэ, ийэм Маайа дьүөгэлэрин кытта хомуска оонньоон, нэһилиэк уус-уран самодеятельноһыгар кыттааччы. Ол хомуһун ылан, кэлин тыас таһаарарга үөрэммитим. Биирдэ тэлээбиидэнньэҕэ Дмитрий Дибров «До и после полуночи» диэн биэриитигэр тувалар хабарҕаларын ырыатын туһунан кэпсээтэ. Ону көрө олорон, Иван Гоголев «Хара кыталык» романыгар хос куолаһынан саҥарар Хабырыыһын өйдөөн кэллим. Хабарҕа ырыата сахаларга син эмиэ былыргы «аймахтарбытыгар» туваларга, алтай омуктарыгар, бүрээттэргэ, монгуолларга курдук былыр баара, арааһа, умнуллан, билигин тойукка туттуллар кылыһах ордон эрэ сылдьар быһыылаах. Хабарҕа ырыата, хомус даҕаны дьону турукка киллэрэр кистэлэҥ күүстээх быһыылаах. Хаста даҕаны истибит дьон «иэним кэдэҥнээн, куйахам күүрэн, этим сааһа аһыллан ылла…» диэн тураллар.

      Хомус

      Хомуһуннаах тыллаах

      Этигэн хомус

      Киһи аймах

      Кутун-сүрүн

      Доҕоро буолаҥҥын,

      Алыптаах дорҕоонуҥ

      Иэйиитэ

      Сүрэх-быар

      Ортотунан киирэн,

      Үөрүүнү

      Үллэстэн,

      Сүргэни

      Көтөҕүө.

      Хомуһуннаах


Скачать книгу