Күтүөккэ хомолто. Сардаана
аайы сиһигэр охсуллан, киэҥ былаачыйатын кытта тэҥҥэ долгуннуран көстүбүтэ.
Мин тоҕо эрэ кини кэнниттэн хаалан, тэйиччиттэн одуулуу, дьикти баҕайытык ис-испиттэн сайыһа хаалбытым. Унаарытан саҥарар дьикти куолаһын ситэн ылан өссө истиэхпин баҕарбытым. Ол биһиги аан маҥнайгы көрсүһүүбүт этэ. «Кэрэ да кыыс… Аатын билбэккэ да хааллым…», – диэн иһим түгэҕэр ботугураан баран, таалан туран хаалбытым. Хайдах эрэ өр көрдөөбүт дьолбун булбуттуу, ис-испиттэн үөрэн, өрө ойуолаан ылбытым. Онтон ырбаахыбын устан, күөх окко быраҕаат, ып-ыраас үрэххэ сүүрэн киирэн, умсан ылбытым. Дуоһуйа сөтүөлээммин, кытылга тахсан күн уотугар сыламнааммын харахпын симэн ылбыппар: билигин аҕай көрсүбүт, кэрэчээн кыыһым сэбэрэтэ көстөн кэлбитэ. Өйбөр-санаабар кини мөссүөнэ дириҥник хатанан хаалбыта. «Таптал диэннэрэ бу буоллаҕа» диэн бэйэм бэйэбэр мунаарбыппын ыйыта-ырыта сатаабытым. Кыысчаан кимин билиэхпин, дьонтон ыйыталаһыахпын кытта баҕарбытым. Хас да күн кинини көрсө түспүт кытылбытыгар киирэн кинини кэтээн балачча өр хаамыталаабытым. Оттон кэрэчээнэм суоҕун курдук суоҕа.
Түүл курдук биир күн кытылга көстөн ааспыт кэрэ кыыспын санаабытынан, күһүҥҥү күннэргэ үктэммитим. Маҥнайгы чуораан үөрэх дьылын чугдаарыта арыйбыта. Кыра бөһүөлэкпит иһэ сэргэхсийэ түспүтэ. Үөрэнээччилэрбин кытары билсиһэн, үлэлээн-хамсаан барбытым. Оскуолам дириэктэрэ биир кыра дьиэни кэпсэтэн, бэйэм бас билэр муннуктаммытым.
Биирдэ килиэп ыла маҕаһыыҥҥа киирбиппэр: били мин сүтүгүм, хара маҥнайгыттан сөбүлүү көрбүт кэрэчээн кыысчааным уочаракка турара. Миигин билэн ис киирбэхтик мичээрдээбитэ. Соһуччута бэрт курдуга. Тоҕо эрэ сүрэҕим мөҕүл гыммыта. Кыысчааным, көрдө көрөөт туох диэхтиэй, кэпсэтэ да сатаабакка кыракый тутуурдаах аттыбынан ааһан, тахсан барбыта. Санаабар кини хааман ааспыт салгына сирэйбэр ил гынан биллэргэ дылы гыммыта. Ону кытта бу түгэни мүччү туттахпына, аны кыысчааммын хаһан да көрбөт иэдээҥҥэ түбэһиэхтээхпин таайбыт курдук, этим барыта итий гына түспүтэ. Бу түгэҥҥэ мэйиим уонна илиим-атаҕым хамсыыра туох да сибээһэ суох курдуга. Арай сүрэҕим эрэ битигириирэ. Мин даллаҥныырбын да мэйиим салайбат быһыылааҕа. Онон, тугу атыылаһыахтаахпын умнубутум курдук, соннук быһааран тугу гынарбын да өйдөөбөккө, кини кэнниттэн аан диэки ойбутум. Ыксаабыт омуммар, боруоктан иҥнэн, субу тахсыбыт кыыһым иннигэр буору бурҕаппытынан тобуктуу түспүтүм. Сити эрэ кэмҥэ, тирэхтээх уола хаан бэйэм, киһи да сонньуйуох, модьоҕоттон иҥнибит аатыран, сүһүөхтүүн хамсаан, бэрт судургу кирилиэскэ охтубуппун өйдөөбүтүм эрээри, тобукпун таарыйбыт да ыарыыбын дьүүллээн-дьаабылаан аахайбатаҕым. Сиккиэр тыалтан өрө көтүппүт күһүҥҥү сэбирдэхтэр иккиэммит тула эргийэ тэлээрбиттэрэ.
Кыыһым миигиттэн өр да өр күлбүтэ, буор буолбут таҥаспын нарын тарбахтарынан тэбээбитэ. Кини миэхэ кыыһырбакка, эйэргиир харахтарынан имэрийэ көрөрүттэн симиттиэх эбитим буолуо да, дьылҕа оҥоһуута буолуо дуу, төттөрүтүн, угуйар уот диэн баар буоллаҕына, арааһа, мин мичээрэрбэр, таптаабыт