Күтүөккэ хомолто. Сардаана

Күтүөккэ хомолто - Сардаана


Скачать книгу
биһиэхэ тиксибитин, дьылҕабыт көҕүрэтэ сатаабыта дуу, билбэтим… Биир күүтүллүбэтэх түгэн, хаһан да санаабатах өттүбүтүттэн киирбит иэдээн барытын туора соппута. Кэргэним Даайыс барахсан үһүс кыыспытын төрөтөөт, хаана баран күн сириттэн күрэммитэ. Туох кистэлэй, үлэлии сырыттахпына, оскуолаҕа эрийэннэр биллэрбиттэригэр, мин итэҕэйбэтэҕим. Сонно тута дьиэбэр тиийбитим. Сүүрэн киирэн дьиэм иһин эргиччи көрбүтүм: туох да иэдээн буолбутун туоһулуур суохха дылыта. Даайыһым барахсан өрбүт салпыаккатынан сылабаарбыт сабыллан турара. Сыттыктарбыт кытыыларынан киэргэтэн тикпит курусубалара туох да буолбатаҕын курдук, көҕөрүмтүйэ көстөн, курустаал ырааһыныы көрөн турбуттара. Орон аттыгар эргэ өрбөхтөрү өрөн сөрүө курдугу бырахпыта эгэлгэ дьүһүнүнэн киһи болҕомтотун тардар күүстээхтэрэ. Онтон… ол сөрүөм ойуулара… ойуоккалаһан барбыттара, харахтарым ирим-дьирим барбыттара, тохтоло суох ыарыылаахтык ыгыллан тахсар хараҕым уута аан-быдаан туманынан бүрүйбүтэ… итинник төһө өр сыппытым буолла, билбэтим. Биирдэ өйдөммүтүм, дьиэбэр ханнык эрэ, сорохторун аанньа билбэт да дьахталларым кэлэн уу-хаар өрөн эрэллэрэ…

      Итинник буолуо суохтааҕа эбээт! Даайыһым, чыычааҕым, доҕорум, кэрэчээнэм төрүү барарыгар балыыһаҕа илдьэрбэр даҕаны, иккиэн тугу да сэрэйбэтэхпит. Күннээҕинэн кыргыттарын дьаһалын күлэ-үөрэ сорудахтаабыта, барыта этэҥҥэ буолан тахсарыгар тугу аҕаларбын санаппыта, сып-сылаастык куустуһан, сып-сымнаҕастык сыллаһан арахпыппыт баара…

      Ол кэннэ олоҕум түүл-бит курдук буолбута. Бу сымыйа, омун тыллар буолбатахтар. Чахчы итинник буолар эбит. Аһыырыҥ амтана суоҕа, саҥа таһааран кэпсэтэр кыаҕыҥ сүтэрэ, тугу да сэҥээрэриҥ барыта өһүллэн-сүтэн хаалара баар эбит этэ, иэдээн иккис өттө. Бэйэбин ыһыктынан кэбиһиэхпин, хайдах да сатаммат этэ. Санаабар Даайыһым киирэн кэлиэхтээх курдуга. Туох эрэ сыыһа-алҕас тахсыбыта көнүөхтээх дьылҕаланара суох буоллаҕа эбээт, кыһыыта. Тиһэх суолугар да атаарарбар, кэргэним барахсаны билиминэ сыспытым, кубарыйан, кумааҕы курдук сэбэрэтэ киһи атыҥырыах айылааҕа… Оттон мин Даайыһым сэгэйэ үөрбүт мөссүөнэ, чаҕылыһа оонньуур харахтара, чуораанныы лыҥкыныыр куолаһа… бу сытар барахсаҥҥа ырааҕынан маарыннаабата! Ол да гыннар иэдээни ылынарга тиийбитим, доҕорбун букатыннаахтык сүтэрбиппин, аны кэргэним диэн киэн тутта ааттыырбыттан маппыппын өйдөөбүтүм.

      Оо, дьон диэн дьиктилэр даҕаны. Мин, эдэр киһи, ити ынырыктаах иэдээҥҥэ түбэһэн өйө-мэйэ суох сылдьар сордоох оннооҕор биир түгэни сөҕө да санаабытым. Киһи кыһалҕаҕа түбэстэҕинэ, билэр-билбэт дьонуҥ үс аҥы хайдаллар эбитин кытаанахтык өйдөөбүтүм: эн аһыыгын үллэстээччи, иэдээҥҥин тэҥҥэ уйааччы-өйөһөөччү уонна буруйдааччы булгуччу баар эбитин. Ханнык эрэ түгэҥҥэ миэхэ иһиллибитигэр соһуйбутум, хатыылаах да соҕустук саҥараллар, сэтэрииллэр эбит! «Сэрэйбит сэрэх, ити эрэ, дойду сир уола булгуччу уолла төрөт диэбит буолуохтаах, ол иһин Даайыс үһүс кыыһыгар сананааччы буолан суорума суолланна», «Дьэ, ол да иһин,


Скачать книгу