Күтүөккэ хомолто. Сардаана
дуо? Күүтүө буоллаҕа, ханна барыай. Оҕолоруҥ аттыгар бааллар, бары тыыннааххыт, этэҥҥэ көтөн түстүгүт уонна туох нааданый? – диэн сөҥ куолаһынан лоп бааччы ууран, үөрэтэрдии, дьарыйардыы миэхэ туһаайан саҥарбыта.
Барахсан хантан тугу билээхтиэй, ыар кыһалҕалаах эдэр киһи таптыыр кэргэнигэр ыксыыр кыаҕа суоҕун… Ийэбит диэн тылы умна быһыытыйа улаатан эрэр чыычаахтарым, маамалара хаһан да биһигини көрсүбэтигэр үөрэммит бэйэккэлэрэ эбээт. Оттон биир оҕом муҥнаах, тыыннаах хаалаары ыраах сиргэ тиийэ сатаан кыаммакка, аара, буолаары буолан мэҥэ халлаан оройун анныгар аһаҕас сиргэ өлөн баран… аҕатын уоппускатын түөрт мөһөөгөр атыыласпыт хара чымадааныгар таҥаска сууланан сытарын…
Мин утары аахсан туох да диэбэккэ, икки кыыспын сиэппитинэн, саҥата суох тахсар ааҥҥа дьулуруйбутум. Сүрэҕим сорҕото хатанан сытар хара чымадааммын булан, илиибэр тутан, бэйэбэр ыксары кууспутум уонна дьэ уоскуйбут курдук буолбутум. Кыргыттарым ону көрөн:
– Аҕаа, Сайыына, уһуктуо, сибигинэйэн кэпсэтиэх, – дэспиттэрэ.
Оннук бары саҥата суох, сиэттиспитинэн Өлүөнэ өрүс нөҥүө баар дойдубар Чурапчыга айаннаары кытылга тиэрдэр массыынаҕа олорсубуппут. Куйаас да күн этэ. Чымадаантан аҥкылыйар олох атын, ап-аһыы сыт олорсубут массыынабыт иһин тунуйбута. Боруом сылдьар биэрэгэр тиийээппитин, чымадааммын туппутунан таһырдьаны былдьаспытым. Сай ортотун өҥүрүк куйааһа сүрдээҕэ. Ыксаан хайыахпын да булбакка талбааран турбутум. Тулам тохтор кумах, кыймаҥнас элбэх киһи, массыына арааһа, арай боруом эрэ суоҕа.
Сотору кэминэн кыргыттарым утатаннар уу көрдөөбүттэригэр, хата биир айанньыт эмээхсин уу бэрсэн абыраабыта. Онтон эрдийэммин, оҕолорбун киниэхэ хааллара түһэн баран, талахтар диэки сүүрбүтүм. Онно тиийэн чымадааны арыйа баттаабытым – оҕом сыыһа сууланан сытаахтыыра, сирэйэ-хараҕа туох аанньа буолаахтыай, күп-күөх, быыкаа бэйэтэ дарбайан хаалаахтаабыт, сыта-сымара да сүрдэммит этэ. Ыксаан, сытын намырата түһээри, хайыамый, аны салапааҥҥа суулаан, оҕобун төттөрү суумкабар уган, кыргыттарбар төттөрү ойбутум. Барыта да тула кыһалҕа этэ эбээт. Көрүөх буолбут баабыска наадата кэллэр барара чуолкай. Оччоҕо таах көрүүтэ суох хааллахтарына, чыычаахтарым аны уу кытыытыгар киирэн, билбэт сирдэригэр ууга былдьаныахтара диэн куттанан сүрэҕим мөхсөн ылбыта. Иэдээҥҥэ сылдьар киһи күн сирин кэрэтин көрбөт буолан хаалар эбит этэ. Тулаҕар булгуччу туох уустук, куттал, соччото суох быһыы-майгы, араас харгыс эрэ баарын болҕойор курдук буолаҕын. Ол курдук мин эмиэ наар дьаархана сылдьарым биллэрэ.
Кыралар эбээт, алталаах уонна биэстээх эрэ кыргыттар. Оттон Сайыынам үстээх эрэ этэ. Ийэтин курдук сырдык хааннаах, кэрэчээн-нарынчаан бэйэккэтэ ити буолан сытаахтаатаҕа…
Мин сити кэмҥэ биири эрэ толкуйдуурум – түргэнник дойдубар тиийэн, оҕобун кистии охсубут, киһилии харайбыт киһи диэн баҕабыттан туймааран, ыксаабытым даҕаны. Ол эрээри ол кэннэ оҕом эрэйдээҕи аны хаһан да илиибэр туппаппын,