Күтүөккэ хомолто. Сардаана
олорор көмүс чыычааҕым быыһанар суолга тиийбэккэ тыына быһыннаҕа. Аны кинини кытта икки кырбас кыргыттарым… Аана суох аймалҕан мин мэйиибин оргуппута, харахтарым уута икки иэдэспинэн тохтоло суох сүүрбүттэрэ…
Тиийбит куораппыт, мин эрэйбин-муҥмун эрдэттэн сэрэйбит курдук, хараҕым уутун кистэһээри, бөдөҥ таммахтарын ыспахтаан, ардыы тоһуйбута. Аэропорт иһигэр ыскамыайка булан, оҕолорбун олордубутум. Бэйэм төттөрү Дьокуускайдыыр билиэт атыылаһаары хаассаҕа сүүрбүтүм. Кыра оҕобун илиибиттэн арааран, сатаан ыскамыайкаҕа сытыаран хаалларбатаҕым, санаабар сайыһан ытыах курдуга. Ол иһин көтөхпүтүнэн барбытым…
– Здравствуйте! Пожалуйста, подскажите, когда самый ближайший рейс в Якутск?
– Только через два дня, – хатыҥыр нуучча кыыһа, тугу эрэ бэчээттии-бэчээттии, мин эрэ диэки хайыспакка, туора көрөн олорон хардарбыта.
Хайыахпыный, оҕолорбун туппутунан куорат устун хонор дьиэ көрдүү барбыппыт. Хата, биһиги дьолбутугар, аэропортан чугас икки этээстээх мас дьиэҕэ биир хостоох кыбартыыраны икки хонукка диэн болдьоһон, онно тохтообуппут. Нөҥүө күн улахан кыыһым Маайыс:
– Аҕаа, Сайыына тоҕо уһуктубатый? Киэһэ буолан эрэр дии, – диэн ыйыппыта.
Алталаах кыыс буолан син мэйиитэ хойуннаҕа, оҕобут туругун, эмискэ чуумпуран хаалбытын өйдөөн көрөр эбит этэ. Татыйаас тугу да сэрэйбэккэ, бэйэтэ бэйэтигэр оонньуу, ыллыы-туойа сылдьыбыта.
– Мин сотору кэлиэм. Балтыгыт сытар хоһугар киирээйэҕит, утуйдун, тыытымаҥ, айдаарымаҥ. Сөп дуо? – диэн баран улахан чымадаан атыылаһар баҕалаах онтубун көрдүү сүүрбүтүм.
Санаам барыта оҕобор этэ. Муҥнааҕым сыыһа, аҕата хайыыр да кыаҕа суоҕуттан буорайаахтыырга тиийдэҕэ… Бу куйааска онто суох этэ-сиинэ онон-манан көҕөрөн эрэрэ. Сарсын Дьокуускайга көтүөхтээхпит. Хоруоп оҥорторор дуу, атыылаһар дуу, өлбүт оҕону куруус быһыытынан оҥорторон, докумуоннатан ыытарга харчым да суох буолан, судургутук быыкаа барахсаммын улахан чымадааҥҥа угар эбиппин диэн бөлүүн түүн толкуйдаммытым. Тиһэҕэр биир улахан маҕаһыынтан көрдөөбүппүн булан баран, үөрүөхпүн да, хомойуохпун да билбэтэҕим. Сарсын бу манна мин оҕом барахсан сытыа, биһигиттэн туспа, ол-бу таһаҕас, араас суумкалар, чымадааннар быыстарыгар айанныа диэн санаатахпына ыарахан да этэ. Итинтэн атыннык дьаһаллар кыаҕа суоҕа, хайдах да гынан атын суолунан дойдутун буорун булларар кыаҕым суох этэ, ол иһин итинник бигэтик быһаарыммытым.
Айанныыр күнүм үүнүүтэ туох-баар эр санаабын мунньунан, оҕобун көтөҕөн ылан, таҥаска суулаабытым. Хаһан эрэ саҥа төрөөбүтүгэр быыкайкаан бэйэтин субу маннык суулуурум диэн санаан, уйадыйан ылбытым. Оннук харах уулаах хара чымадааным тимир хатыырын «тилир» гыннаран хатаан кэбиспитим. Улахан кыргыттарбар:
– Балтыгыт манна утуйа сытар, айдаарымаҥ, уһуктан хаалыа, – диэн албыннаабытым.
Кыргыттарым барахсаттар истигэннэрэ бөҕөтө. Биирдэ бардьыгынаан, мөҕүттэн кинилэри дьарыйбыт аньыым суоҕа. Көнөтүнэн