Килиим. Огдо

Килиим - Огдо


Скачать книгу
орто оскуолатын бүтэрэригэр, ыччаты ынах ыата ыытыаҕыҥ дииллэрин истэн, бачыымнанан турар. Оҕолорго ыҥырыы таһааран хотоҥҥо баран «Мукучу» сопхуоска 18 ынаҕы икки сыл тухары ыан, көрөн-истэн, үүккэ үрдүк көрдөрүү иһин күннэри-түүннэри түбүгүрэн, хара үлэҕэ эрчиллэн, таарыччы сатабыллаах хаһаайыстыбанньык буола сыспыттааҕа.

      Ол быыһыгар дьээбэтэ-хообото син биир батарбат. Ыанньыксыттар сэттиэлэр, бары да анаан таҥыллыбыт этэрээт курдук, күлүү-үөрүү быһа тутан сиэбит ыччаттара. Кинилэр икки Киристиинэлээхтэр. Ону оонньоон бэйэ икки ардыгар биирин Ооппуус, иккиһин Мооппуус диэн ааттыыллар. Сайын буолла да, бука бары тутуспутунан, эргэ баҕайы сайылыкка олороллор. Оччолорго дьиэ-уот туох аанньа туруктаах буолуой, барыта быраҕыллыбыт, самнархай да буоллар син мээнэ хомунан-дьаһанан олороллор. Аһыылларыгар уп-уһун остуоллаахтар. Остолобуойу санатар. Ол тула бары барыта буолар, сайылыкка сонун ити уһун остуолунан киирэр. Былаан толоруутун кэтиир, үүтү бэрэбиэркэлиир, үлэ хаамыытын көрөр ыраахтан-чугастан тойон-хотун кэллэҕинэ, мунньахтаары гыннахтарына, остуолларын тула чөкөһөн олороллор. Оччоҕо оруобуна «Кыһыл муннук» буола түһэр. Алҕас хантан эрэ охсуллубут артыыс да кэлэрэ буоллар, син биир ол остуолларын тула кылахачыһан олорон көрүөхтэрэ эбитэ ини. Ону баара, кинилэр кыра кытыы сирдэригэр, сайылыкка буолуохтааҕар, бөһүөлэктэригэр даҕаны, Килиим ыанньыксыттыырын саҕана биир да идэлээх ырыаһыт кинилэргэ тиийэ сылдьыбатаҕа.

      Хата, арай биирдэ, Кэбээйиттэн аҕытаассыйалыыр биригээдэ кэллэ. Тугу аҕытаассыйалаабыта биллибэт, ким да ону өйдөөбөтөх. Быһата «ырыа уонна муусука», «сонун сир эдэр ыччата» диэн ылыннахтара дии. Үөрүү-көтүү, сир аннынан сибигинэһии, сэргэхсийии бөҕөтө буолла. Ханна барыахтарай, эмиэ били аһыыр остуолларын тула, кэнсиэр көрөөрү кылаллан бэлэм олордулар. «Артыыстар» утуйар хостон, туттан-хаптан, таҥнан-симэнэн тахсан «саалаҕа олорооччуларын» соһуталыахтаахтар. Хайыахтарай, атыны талар суох, дьиэлэрэ-уоттара ат эккирэтэр иэннээх буолбатах, биллэ дьоҕус.

      Биллэрээччи кыыс тыастаах соҕустук аанын арыйан тахсан, кинилэргэ ынан кэллэ:

      – Кэнсиэрбитин саҕалыыбыт! – диэтэ.

      Ыллыахтаах уоллара, гитаратын туппутунан, кыараҕас аанынан кыбылла-кыбылла таҕыста уонна көрөөччүлэригэр уун-утары, сирэй-сирэйгэ анньыһан туран, тарбахтарынан тимир кылларын тардыалаан, туох эрэ дорҕооннору сыыйан, оонньоон тыаһатан барда. Хайыай, кыараҕас буоллаҕа дии. Айаҕын атан ыллаары гыммытыгар кыбыһынна, көрөөччүлэрэ аһары чугастарыттан дьулайда быһыылаах, ол иһин ини, оргууй төбөтүн хантаччы быраҕан баран, дьиэ үрдүн одууласта.

      – Ээ… доо, бу баарбыт, биһиги… – остуол уһугуттан ыгылыйа быһыытыйбыт Ооппуус тыл ыһыгынна.

      – Итиннэ дьиэ үрдүгэр ким да суох! Биһиги бары бу олоробут! – диэн, хос сыҥаах буолан, иккис кыыс Мооппуус хатан баҕайытык, чаҕаарбытыгар ырыаһыттара чуут күлэ сыста.

      Онтон эрдийэннэр, сайылык иччилэрэ ырыаны сүгүн истибэтилэр:

      – Күл-күл! Ыллаама!


Скачать книгу