Килиим. Огдо

Килиим - Огдо


Скачать книгу
били Килиимнээхтэрэ, Ооппуустара, Мооппуустара бука бары чэрэһэн аҕай, ылардаах курдук көрөн, субу олороллор! Соһуйан да, куттанан да сатаан өйдөөбөккөлөр, чуут түҥ-таҥ бара сыспыттара. Ону көрөннөр, сайылык саспыт ыччаттара онтон-мантан күөрэһэн-күөгэһэн тахсаннар, дьээбэлэрэ табыллыбытыттан иэрийиэхтэригэр диэри күлбүттэрэ. Хата, холбоһуктаах көрөөччүлэр, маарыын сүгүн ыыттарбатах кэнсиэрдэрин ситэри манна кэлэн астына-дуоһуйа көрөн, киэһээҥҥи ыамнарыгар матасыыкылларынан төттөрү көтүппүттэрэ.

      Килиим ити кэмҥэ, тугун чуо билбэтэр да, айар баҕата эбии күүһүрэр. Ону дьоҕур, талаан диэн тылларга оччотооҕу оҕо олус суудайбат, онно-манна умньаабат, «итини-маны сатаатым, кыайдым, аатырдым» диэн хайҕаммат майгылаах буоллаҕа эбээт! Киниэнэ боростуой, төбөтүгэр туох көтөн түһэр да, сатаннаҕына үөрэр, соччо биһирээбэтэҕинэ дьүүллүү-дьаабылыы барбат, сонно умнан кэбиһэр.

      Килиим актыбыыс бастыҥа, кинини билээччилэр куруук батыһа сылдьааччылар. Тоҕо диэтэххэ, туохха да уолуһуйбат, барытын уурбут-туппут курдук оҥорон-бүтэрэн иһэр идэлээх. Онтунан хаһан да киэптээбэт, кэпсэммэт. Кэнсиэр бөҕөтүн көрдөрөллөр, толкуйдууллар, онно үҥкүүлэһэн тэйэр, сценка бөҕөтүгэр оонньуур. Итинник дьээбэ-хообо кэриэтэ, ааһан иһэн сатыырын, кыайарын таһаҕас гыммат. Оннооҕор хаһыакка, эмискэ иэйэн кэллэҕинэ, тылланан уруһуйдаан кэбиһэр. Киһи хараҕа халтарыйыан курдук. Киһилии баҕайы майгылаах эдэр уол тук курдук барытыгар кыттар. Ол эрээри, эмиэ биир дьиктитэ, тылынан саҥаран соччо-бачча хотороро суох быһыылаах, конферансье диэнтэн ыраах, ырыаттан букатын тэйиччи. Ансаамбылга көххө ыллаһар эрээри, бэйэтин куолаһын, кини соҕотохтуу ыллыырын истибит киһи өтөрүнэн-наарынан биллибэт.

      Дьэ, итиэннэ били Бөтүүк сылыгар төрөөбүт диэни ырытыах. Гороскоп эҥин, ыйдарынан-сылларынан ааҕыллар дьылҕаны анаарыы муодаҕа киирэн, хойутуу, 90-с сыллар ортолорун диэки оргуйар күөстүү үллэн-баллан барбыта. Ханнык эрэ илиҥҥи дойдулартан ааттаахтара, Кытай дуу, Дьоппуон дуу дойдутун кыахтаахтара, «халлааҥҥа ыстанан тахсан, былыты тарыйталаабыттарыгар» дылы, биллибитэ-суруллубута ырааппыт чахчыны, үгүөрү харчыга эрэ атыылаһан аҕалан, анаан-минээн билиһиннэрэллэр диэн буолбута эбээт. Килиим төрүүрүн саҕана, 70-с сыллар саҕалана да иликтэринэ, итини ким тымтыктаммыт үһү.

      Онуоха уларыта тутуу сайдыылаах салгынын охсуутуттан билбитэ, кини Бөтүүк эбит. Айабыын! Биир гороскопка аахтахха туох да ааттаах, киһи киэнэ килбиэнэ. Иккискэ, бээ-бээ, хайдах эрэ ытырыктатыах да курдук санаа киирэр. Үһүскэ – быстар куһаҕан, тостор мөкү. Ама да буолбутун иһин, бутуурдаах соҕус гороскоптар диэбэккиэн? Эбэтэр итинэн хаһыат-сурунаал аһары үлүһүйэн, сорох-сорохтор баҕас аһары туттан кэбиһэннэр, сыысхаллаах да соҕустар ааҕааччыга-наадыйааччыга тиийэллэрэ баа буолуо дуо… Ону Килиим биирдэ бэйэтэ илэ хараҕынан көрөн турардаах. Хаһыакка үлэлиир билэр уолугар кэлбитигэр, киһитэ ыктаран аҕай олорор.

      – Кэлэр нэдиэлэ гороскобун оҥоробун, – диир.

      – Бай, ону… эн?! – диэт, тылыттан матан хаалар.

      – Уонна


Скачать книгу