Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов
хомнообокко – көҥүл олох муҥутуу сайдарын туһугар өссө күүскэ үлэлиэххэйиҥ!.. Үлэлиэххэйиҥ – олох кыһарҕаныттан, хоргуйан тыылга тыыннара быстыбыттар сырдык өйдөбүллэрин туһугар… Ытык дьоммут ыра санаа оҥостон дьулуспут олохторо халтайга хаалбатаҕын туоһулаан!.. Бүгүн, кинилэр дьулуспут улуу өрөгөй күннэрэ үүннэ, саҥа, эйэлээх олох саҥа саҕаҕа көһүннэ!.. Өрөйүҥ-чөрөйүҥ доҕоттор!.. Сотору, тыыннаах хаалбыттарбыт эргиллиэхтэрэ. Аны сэрии туһа диэбэккэ, аҥаардас үлэни эрэ өрө тутан олох олоруу үйэтэ үүнүө, бу күнтэн саҕалаан үүннэ даҕаны диэтэххэ, арааһата, туох да сыыһата, алҕаһа суоҕа буолуо. Төһө да аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт кырыыстаах сэрии бүттэр, олохпут биир күнүнэн, биир сылынан тосту-туора эмискэ көнөн барыа суоҕа. Сэрии алдьаппыта-кээһэппитэ, үтүмэн үгүһү урусхаллаабыта, ый-күн ыһыаҕа оҥорбута элбэҕэ, үгүһэ бэрт… Уонунан сылларга тутуллубуту – күнүнэн, түгэнинэн туора сотуу…
Маҥнай, сэрии иннинээҕи сайдан испит олохпутун чөлүгэр түһэриэхтээхпит, онтон дьэ салгыы өссө үтүө, дэлэгэй олоҕу бары куолаан, сомоҕо ньыгыл күүһүнэн, биир өйүнэн-санаанан сиэттэрэн тутуохтаахпыт… Хайҕаллаах хара үлэһит – кимнээҕэр, туохтааҕар да өрө тутуллар, инники күөҥҥэ сылдьар кэрэ үйэтэ үүнүө, үүннэ!.. Ол аата биһиги… эһиги, кэлэр кэнчээри ыччаттарбыт – саҥа, сонун, эйэлээх… урут сайдан испит олохпут саҕанааҕытааҕар өссө ордук үтүө олоҕу олороллорун туһугар – өссө ордук өрө күүрүүлээхтик үлэлиэххэйиҥ!.. Ол кэлэр саҥа олох бигэ оҥкулун тутуутун сэргэхтик, сонуннук саҕалыаххайыҥ!..
Мунньахха мустубут дьон, холкуостарын бэрэссэдээтэлэ Өлөксөөндүрэ Борокуоппайабына этэр тылын мэктиэтигэр өрө өндөҥнөһө-өндөҥнөһө иһиттилэр. Бу айылаах өрөгөйдөөх – Улуу Кыайыы күнэ үүммүтүттэн дьон-сэргэ сирэйдэрэ-харахтара дьиктитик туран сэргэхсийбиттэрэ сүрдээх…
Күн бэҕэһээ кэриэтэ ааспыт, аас-туор, ынырык ыар сыллар кэмнэригэр, дьахтар киһи дьарамай санныгар сүктэриллибит сүдү улахан итэҕэли толорон, ирдэбили кыайан, бэйэтин холкуоһун дьонуттан чороҥ да соҕотох киһини хоргуйан, сутаан өлүүгэ тиэрдибэтэх холкуостарын бэрэссэдээтэлин – дьон ытыктыахтарын ытыктыыллара. Ол барыта дьахтар киһи тус тыынын да толук уурарын кэрэйбэккэ, утуйар уутун умнан, күүһүн-күдэҕин харыстаабакка дьаныһан туран сатабыллаахтык, барыны-бары табатык аттаран үлэлээбититтэн ситиһилиннэҕэ. Дэлэҕэ да Свердлов аатынан холкуос «өҥ» сураҕын истэн, ыраахтан-чугастан кэлэн иһэн аара суолга охтубут үксүө дуо!.. Өлөксөөндүрэ Борокуоппайабына үрдүкү салалтаҕа санаатын туох баарынан аһаҕастык этэн туруорсары сатыыра. Кини куттаммата, дьаархаммата, бэйэтин иннигэр хайыҥ охсуна эрэ сатаан сыыһа дьаһаллары, үөһэттэн этиилэр, модьуйуулар эрэ диэн толоро сатаабата. Ирдэниллибит дьаһал төһө сөптөөҕүн куруук эт мэйиитинэн ырытан, ырыҥалаан көрөн баран, туох эмит итэҕэс-быһаҕас баар, тахсыах курдук буолла да, «маннык сатаммат, итинник гыннахха ордук сөп буолсу» диэн тус санаатын мэлдьи туруулаһан туруорсара. Буруйа