Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов
сүмэһиннээх» айыы сүбэлэрэ-амалара – улуу күүс. Өбүгэлэрбит барахсаттар туох барыта иччилээҕин толору өйдүүллэр, тугу барытын тыыннааҕымсытан көрөллөр. Бэйэлэрин ураты айылгыларынан, эйгэлэринэн «көстүбэттэри» кытта мэлдьи кэпсэтэллэр, алтыһалар. Ол барыта иччилээх тыл уонна санаа нөҥүө…
Дьоҥҥо-сэргэҕэ, уос номоҕор кэпсэнэринэн, тыл – чыычаах буолан көтөр, этиллибит, ыйыллыбыт, туһуламмыт сиригэр мэлдьи тиийэр. Олоҥхоҕо ойууланарынан, тыл кулунчук буолан кубулуйан Үөһээ Дойдуга көтөн тахсан айыы бухатыырын илдьитин халлаан үрдүк туонатын бары хаттыгастарыгар тириэрдэр, оттон Аллараа Дойдуга атыыр оҕус буолан айаатаан, айгыстан түһэр… Тыл – тыыннаах, илэ сылдьар киһи уонна сүгүрүйэр бары айыыларбыт, иччилэрбит курдук бэйэтэ анал ааттаах – Ытык Чыыбыстаан эбэтэр Чупчурукаан диэн. Биһиги дойду эҥээр итинник аат ааттаан көрдөһөллөр, сүктэллэр. Атын сиргэ-уокка, баҕар, туспа ханалытан да ааттыыллара буолуо. Бэл, тус-туспа уйаҕа умайар эһэкээннэр барахсаттар иччилэрэ атын-атыттар дииллэр. Аал уотун мэлдьи аһатар үтүө үгэстээх ыал эһэкээнэ – бэрт сэргэх сэбэрэлээх, үтүө дьүһүннээх буолара эбитэ үһү, оттон аанньа ахсаран, ахтан аһаппат ыаллар эһэкээннэрин иччитэ хом түһэн хоргуппут дьүдэх дьүһүннэнэрэ үһү дэһэллэр. Эбэм Маарыйа дьиэ иһигэр уонна таска, тэҥинэн уот оттуллан умайдаҕына – иккиэннэрин аат ааттаан аһатар: «Эһэкээннэр «холумтаннарын» иччилэрэ тус-туһунаннар…», – диир. Кыраҕытык сыныйа санаан, эридьиэстик эгэлгэлээн өйдөөтөххө, кырдьык да, олус уустук!.. Хас биирдии саҥарыллар, этиллэр тыл барыта иччилээх. Түҥ былыргыттан тыл иччитигэр сүгүрүйүү – төрүтү утумнааһын кэһиллибэт ытык иэһэ. Тыл суолтатын, күүһүн туһунан өс хоһооннорун киһи күннээҕи олоҕор мэлдьи истэр: «тыл уҥуоҕа суох», «тылтан тыл тахсар», «тылынан кынаттанар», «кырыстаах кыраабытын курдук», «киһи тыла – ох», «тыл дэгэтинэн доҕуһуолланан»… Тыл иччитэ диэн, тыл – киһини итэҕэтэр күүһэ. Иччилээх тыллаах киһи туспа буолар, киһи эрэ барытын тыла иччилэммэт. Үгүс киһи саҥарар саҥата уу сүүрүгүнүү устугас, күннээҕи кэпсэтии тыла, сонно тута умнуллар, уота-күөһэ сөҕүрүйэр тыл. Оттон иччилээх тыл ураты этитиилээх, кини – анаммытыгар тиийэр, тустааҕар тохтоон дьылҕатын араастаан уларытыан-тэлэритиэн сөп. Иччилээх тыллаах мөкүнү ыраланнаҕына, ону истибит, чугастык ылыммыт, кэбирэх уйулҕалаах муҥнаах алдьархайы, иэдээни күүтэр, онон ол кэтэспит кыһалҕатыгар кэбэҕэстик түбэһэр. Оттон төттөрүтүн үтүөнү, дьолу түстээтэҕинэ, ону ылынааччы наар үчүгэйи кэтэһэр, санаата мэлдьи сайа, эгдэйэ сылдьар, ол күүтэр үтүөтүн бэйэтэ ыҥыран ылар…
Киһи санаатын көтөҕөөччү, өрө дэбдэтээччи – алгысчыт. Алгыһынан кынаттанан сылдьар киһи кыайыа да суоҕун кыайар, сорунуо да суоҕар сорунар, санаата мэлдьи күүстээх, хотуулаах. «Алгыс баһа сыалаах…» эбэтэр «алгыс аалы хоҥнорор», «…кырдьаҕастан – алгыһын ыл» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Дэлэҕэ да үчүгэйи ыраламмыты «сыҥааҕыҥ сыаланнын» диэхтэрэ дуо…
Бииртэн биир санаа ситимэ илим хотоҕоһунуу субуллан,