Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов

Ийэм кэпсиир… (4 чааһа) - Семен Маисов


Скачать книгу
аастылар. Атыыр улун төбөтө уонна моонньун сороҕо кип-килэбэчигэс хараҥатыҥы күөх өҥнөөх, тумса, атахтара кыһыл, уоннааҕыта барыта мап-маҥан. Иккиэн кэтэхтэригэр, умсаах кус курдук сытыы көҕүллээхтэр… Сиртэн-буортан тэйбиккэ дылы тэһиитик туттубут улуннар дьэрэкээннэнэн түһэн көрөргө кэрэлэрэ сүрдээх… Аны ньалыар ууттан утуу-субуу көҕөттөр көтүтэлээтилэр. Тэһии көтөрдөр сүнньүлэрэ көнө буолан биэрдэ, үрэҕи бата бара турдулар…

      Баҕарах ортотунан үтэн киирбит үрдүк хордоҕой тумуһаҕы эргийэ көтөөппүн кытта, сылгы хаһыытыгар тахсыбыт, чыыкыр боруу отунан саба үүммүт кэҥэс көлүйэ нэлэс гына түстэ… Хаһан тыас хомуммуттара эбитэ буолла, оол курдук тыһылаах атыыр моонньоҕоттор үрэҕи кыйа көтөн хата ырааппыттар, кэннилэриттэн икки чөркөй уҥа-хаҥас иҥнэх гына-гына саппай уобустулар.

      Үрэх баҕарах иһинээҕи дулҕалара үрдүктэрэ сүрдээх, сорох сиринэн аттаах киһини ыраахтан көрдөххө төбөтө эрэ лэкээриҥниирэ чуолкай. Мин иҥэһэҕэ атаҕым төбөтүнэн үктэнэн өндөс гына-гына холлороон курдук хотоол сиринэн өрө дьэндэспит дулҕалар быыстарынан хаамтара-хаамтара кустары көрө иһэн, хахха сирим бүтэн, эмискэ ыраас көрдүгэҥҥэ киирэн кэллим… Дьэ доҕоор!.. Соһуйан-өмүрэн ахан, отой субу иннибиттэн хоҥор хаастар салаҥ улахан кынаттарын сабдых-сабдых сапсынан көтөн таҕыстылар… Бэһиэлэр… Эмискэ өрө мэҥитэн киирбит аттаах киһиттэн соһуйбут омуннарыгар хойууннан-убаҕаһынан саахтаан ыһылыннаран кээһэ-кээһэ үрдүк мэҥэ халлааҥҥа өрө харбыаластылар… Көрдөххө бэрт мөдөөн курдуктар эрээри, сир ылаллара сүрдээх эбит. Аҕыйахта сапсынаат да, отой тэйэ оҕустулар. Маҥнай булумахтаһа көппүт бэйэлэрэ, уоскуйан, оннуларын булунан, бэһиэн эриэ дэхситик сэлэлээн сис тыаны үрдүнэн көтөн уста турдулар. Хаастары, хараҕым далыттан сүтүөхтэригэр диэри батыһа көрө истим… Сүргэни көтөҕөр, хараҕы толорор астык көтөрдөр, эчи улаханнарын, хомурах хоҥордоро барахсаттар…

      Өрт буруота маҥнай утаа биир сиринэн эрэ бургучуйбут бэйэтэ, сотору атын туһаайыынан эмиэ, хас да сиринэн саҥа хойуу буруолар өрө ытыллан таҕыстылар…

      Дөрүн-дөрүн, кыра сиккиэр тыал үрэн сирилэтэн ылар, ол аайы үрэҕи кыйа өнөрдөөн үүммүт былырыыҥҥы кур от долгулдьуйа хамсыыр; хаһырыа, хотоол сир уулара эриэ дэхси итир эрэһэ долгуннарынан ирбинньиктэнэ оонньууллар.

      Субу-субу үрэх эниэтин куодалыы хаһан эмти хорон түспүт көҥүс күүгэннээх уута курулуу ытылла сытар сирдэрэ кэлэллэр. Кырдалтан суккуллар, күүһүн саҥа ылан эрэр сүүрүк уута араас хатырыгы-итириги, кыра оту-маһы үтэн, үтүрүйэн аҕала-аҕала үрэх иһигэр көппөччү мунньубут. Күүгэннирэ күрүлгэннэнэр курулуур-харылыыр, бурулҕаннаах сүүрүктэр аттыларынан аастахха сөп-сөрүүн нүөл сир никсигин сыта ураты минньигэстик муннубар саба охсор. Биир оннук күрүлгэҥҥэ тохтоон, аппыттан түһэн, бастыҥалыы бааммыт сиидэс былааппын устан сирэйбин сууннум. Сүүрүгү туора сууллубут хаппыт үөккэ тыа диэкиттэн устан кэлбит от-мас иҥнэ-иҥнэ халбарыс, эргичис гынаат аһары көтө-көтө үрэх иһигэр кутулларын


Скачать книгу