Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм…. Группа авторов
доргуйталаата – бу букатын кыра дьыала.
Мин сэргэстэһэ сытар эбэтэр бииргэ үлэлии сылдьар табаарыстарым мэйиилэрэ ыһыллар, быһар быһалар. Дьэ бу аата снаряд таптаҕына өллөҕүҥ, таппатаҕына тыыннаах ортоҕуҥ. Немецтэр самолеттан бомбалыыллар, пушкаттан уонна миинэттэн ыталлар. Сороҕор төһө эмэ киэҥ сиргэ биир да тыыннаах кырыс орпот буолар. Оттон биһиги немецтэргэ оннооҕор ордугунан хардарабыт, онон кыралаан иннибит диэки сыҕарыйан иһэбит.
Мин сибээс взводугар телеграфиһынан үлэлиибин. Сэрии буола турдаҕына командирдар приказтарын телефонунан биэрэбин. Үксүн сэрии уотун хаба ортотунан айаннаан штаб уонна роталар икки ардыларыгар сибээс-линия тардабын.
Итинник үлэни сүүрүүнэн, аттаан уонна быарбынан сынан толоробун, ууну, кутаны, бадарааны хаба ортотунан барабын.
Куттанар, өлүөм эбээт диэни киһи умнар буолар эбит. Снаряд аттыгар түһэн дэлби ыстаннаҕына хаптас эрэ гынаҕын, табаарыһыҥ бааһырдаҕына эбэтэр өллөҕүнэ бэлиэтии эрэ көрөн кээһэҕин. Оттон винтовка эбэтэр пулемет буулдьатыттан кумаардаан да көрбөккүн, таптаҕына биирдэ охтуоҥ буолуо.
Мин олоҕум диэн итинник. Ыам ыйын 7 күнүттэн 16 күнүгэр диэри буолбут сэриигэ мин тыыннаахпын, өлүөм эбээт диэн санаа ончу суох. Маннык будулҕан ортотугар аһы-үөлү бэркэ тэрийэллэр – аччыктаабаккын, арай сороҕор урут, сороҕор хойут эрэ аһаталлар.
Доҕоруом, эн суруккун тутаммын, дойдум олоҕун сонуннарын билэммин бэркэ диэн дуоһуйдум-астынным. Быраһаай, этэҥҥэ сырыттахпына суруйуом.
Куораттан, дьиэҕиттэн уонна үлэҕиттэн араҕыма. Дьиэлэр үчүгэй хаһаайыстыбанньык ыалы дьуккаах киллэр. Мин билэр дьоммор барыларыгар привет.
Сыллыыбын, убуруубун!
Мотя! Киэһэ. Иллэҥ бириэмэм, керосиным баранара чугаһаан уот имик-самык умайар. Бу сурукпун суруйа-суруйа дойдубун, эйигин, билсэр дьоммун сытыы баҕайытык тэһэ ахта саныыбын. Дойдуну, кэргэни ахтартан ордук киһи сүрэҕин тыытар туох баарый? Өстүйэр, абарар санаа баар. Ийэттэн оҕотун, кэргэниттэн эрин арааран тыһыынчанан көстөөх сиргэ сэриигэ ким миигин ыыппытай? Чуумпу, дьоллоох, өҥ-тот олохпуттан арааран, кыһыҥҥы тымныыга тоҥорго, сайыҥҥы бадарааҥҥа булкулларга ким миигин кыһайбытай? Тапталлаах кэргэммин, төрөөбүт Сахам сирин ахтартан сүрэҕим ыалдьарыгар ким миигин тиэрпитэй? Советскай норуот дьоллоох олоҕун ким аймаата? Советскай норуот кыа хаанын ким тохто?
Мотя! Өйдөө барытыгар буруйдаах Гитлер, германскай фашизм. Дьэ ситиһэр чаас улам чугаһаан иһэр. Өлбөтөхпүнэ – мин эмиэ ситиһиэм. Өллөхпүнэ – мин табаарыстарым ситиһиэхтэрэ.
Суруйааччы буолар – төрөөбүт культураҕа, искусствоҕа уйманар эмиэ эрэйдээх буолар эбит. Дойдубун мин ити боппуруоһунан ситимнээн ахтабын. Сахалыы кэпсэппэтэҕим, саха саҥатын истибэтэҕим балтараа сыл буолла. Киһиргээн этэр буолбатахпын – сорох тыллары умнуталыах курдук буолан эрэбин. Сахалыы кэпсээни ылбычча суруйуо суох курдукпун. Нууччалыы билэр, нуучча саҥатын истэр эмиэ кэрэ буолар эбит. Мин аҕыйах бириэмэҕэ