Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм…. Группа авторов
биллэрдэрбин эрэ түргэнник ыытар буолуҥ.
Бу суругу кытта карточкабын ыытабын. Боростуой соҕус түһүү, баалаамаҥ.
Чэ, үчүгэйдик көрсүөххэ диэри.
Быраһаайдарыҥ.
Паша! Эһиэхэ суруйбатаҕым ыраатта. Сылдьыы, доруобуйа чааһа олус үчүгэй. Сэриигэ киирэ иликпин. Ол гынан баран өтөр дуу, сотору дуу киирсэрим буолуо. Эрэнэн кэбис, эн убайыҥ сэрии уотуттан чугуйуо суоҕа, бэйэтин аатын, норуотун аатын түһэн биэриэ суоҕа. Бу сэриигэ эбэтэр өлүөм, эбэтэр тыыннаах кыайан-хотон тиийиэм.
Барыгытыгар коммунистическай привет.
Паша! Доруобуйа үчүгэй. Сэриилэһэ сылдьабын. Биир былыргы нуучча куоратын уһугар киирэн сүрдээх суолталаах сири ылан, ону тута сытабыт. Уон биэс хонно өстөөҕү утары быыстала суох сэриилэспиппит. Билигин биһигини тула сэнэрээттэр эстэллэр, буулдьалар ыйылаһаллар. Кинилэр биһиэхэ сонун буолбатахтар. Өстөөх сүтүгүн төннөрөөрү сорунан көрдө да, өссө улахан сүтүктээх төттөрү охсулунна. Кэнники төбөбөр чэпчэкитик баас ылбытым оһон эрэр. Оннубун бырахпакка оһордум. Үчүгэйдик олоруҥ, уолу үөрэттэр, бэйэҥ үөрэн дуу, үлэлээ дуу, мээлэ олорума. Малгын кичэйэн илдьэ олор. Кэлэр дьылга кыайыыны кытта тиийиэм. Бары дьоҥҥо привет. Окуопаҕа олорон суруйдум.
Михаил Гаврилович Винокуров Таатта оройуонугар Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Сэриигэ барыан иннинэ «Эдэр бассабыык» хаһыат редакторынан, оттон кэлин Саха сиринээҕи кинигэ кыһатыгар эппиэттиир редакторынан үлэлээбитэ. Армияҕа 1941 сыллаахха от ыйын 28 күнүгэр ыҥырыллыбыта. М.Г. Винокуров өстөөҕү кытта геройдуу охсуһа сылдьан, сэтинньи 22 күнүгэр 1942 сыллаахха өлбүтэ.
ТАТАРИНОВ ТИМОФЕЙ ТИМОФЕЕВИЧ
Кэргэнигэр суруктарыттан
Мин бу соҕотохто кэлбит олохпор биирдэ булбут доҕорбун, эйигин, санаатахпына, эн биһиги сүрэхтээх быарбыт тапталыттан үөскээн хаалбыт оҕолорбут Володяны, Толяны уонна бэйэм уу харахпынан көрө илик кыһыл кыыһы санаатахпына сүрэҕим дьаралыйар. Ити санаам мин хайа да күммэр хаалыа суох быһыылаах.
Баскыа! Биһигини үөскээбит үйэбит биир бэлиэ кэмэ араара сылдьар. Доҕоор! Мин эн иннигэр этиим диэн буолар: Дойду иннигэр саа тутан сэриигэ, эйигин хайдах саныыбын да, ол курдук, чиэһинэйдик сылдьыам. Табылыннаҕына, чахчы да буолуо бука, бүтүн икки сүүс киһини бэйэм сэриигэ киллэрэр киһи буолуом, ылбыт аатым оннук.
Доҕоор! Дьэ адьас ис сүрэхпиттэн этэбин эйиэхэ. Эн мин туспунан сүрэххин хамнатыма, бука диэн санааргыы сылдьыма. Миигин өстөөх буулдьата былдьыа суоҕа. Мин бэйэм дьылҕам туһунан сүрэхтээх-быарым сүрдээх күүстээх. Куһаҕан буоларым буоллар баҕар билиниэм этэ. Сэрии аата сэрии, баҕар эҥин-дьүһүн буолан хааллахпына биллэриэхтэрэ. Оччоҕо эйиэхэ этэр бэстилиэнэй тылым диэн буолар: Володяны этэҥҥэ сырыттаҕына, хайаан да үөрэттэрээр. Мин кэриэспин киниэхэ кэнники өйдөммүтүн кэннэ этиэҥ. Кини уопсай үөрэххэ үөрэннин диэбитэ диэн. Оттон