Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов

Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов


Скачать книгу
У сына Ивана три сына: Платон, 1959 г.р., Леонид, 1963 г.р., Иван, 1965 г.р. Сын Марины Иван Спиридонович Семенов, видимо, унаследовал гены Слепцовых-Унаровых – он известный в республике артист художественной самодеятельности, пишет стихи, сочиняет мелодии к песням…

      Кажется, Платон Алексеевич был одним из первых, кто нарекал детей новыми якутскими именами, зарегистрированными ЗАГСом, так он дал имена племянникам – Джулустан (Стремительный), Саргылан (Удачливый), Нюргустана (Славная), Солбуйар (Последователь), Айгылана (Щедрая), Нюргун (Могучий), Айталина (Прекрасная, по имени красавицы из олонхо), старшую дочь назвал Саргылана (Удачливая), младшую Сарданой (полевой цветок – саранка)…

      Генеалогическое «древо» любого рода дает интересный материал и демографической статистике, и по антропологии, и по генетике, и по истории… И как мы видим, весьма печальную картину показывают даты рождения и смерти – дети Хоочугур Алексея в среднем не достигали и сорока лет… 1935-ый тяжелый год унес несколько жизней, умирали молодыми от туберкулеза – рокового наследия прошлых голодных лет… Из 10 детей большой дружной семьи Слепцовых к началу 40-х годов не осталось в живых никого… Страшная и грустная статистика… Спад и всплеск рождаемости… Ныне оставшихся в живых около 20-ти внуков, более 50-ти новых отпрысков.

      В современном «древе» рода Хоочугур-Слепцовых смешалась кровь многих народов: якутская, русская, юкагирская, эвенская, таджикская, киргизская… Животрепещущая нить Ариадны тянется по лабиринтам веков, годов… Пусть она не прерывается и протянется еще дальше. Жизнь прекрасна.

      Вот такова история одного рода.

1998 г.

      Е.Д. Андросов

      П.А. Ойуунускай төрдө-ууһа, аймахтара

      Ойуунускай ийэтэ Дьэбдьэкиэй Баайаҕа Андросовтарын, Поповтарын кытары биир төрүттээҕин-уустааҕын туһунан аан бастаан 1937 с. Ойуунускай чугас аймаҕыттан, ырааҕы ырыҥалаан билэр сээркээн сэһэнньит кырдьаҕастан Иосиф Харитонович Поповтан ыаллыы олорон истибитим. Онтон салгыы, кэлин соҕус, Иван Афанасьевич Андросовтан, Баһымньылаах Баанньа диэн хос ааттаах, былыргылыы кыра үөрэхтээх, эмиэ олус сэһэнньит абаҕабыттан иститэлээбитим. Ол эрээри быдан хойуккааҥҥа диэри Ойуунускай ийэтэ Дьэбдьэкиэй кимнээхтэринэн биһиэхэ аймах уруу буоларын чуолкай билбэккэ сылдьыбытым. Онтон бу кэлин, арыый сааһыран, кырдьа майгытыйан иһэн, оҕонньотторум сэһэннэриттэн өйдөөн хаалбыппар олоҕуран, онно эбии архыып докумуоннарын хасыһан, ырытан, аны онно өссө эбии бу быйыл, Ойуунускай ырааҕынан да буоллар, биир аймаҕын, билигин Ытык Күөлгэ биэнсийэҕэ олорор 87 саастаах ытык, аарыма кырдьаҕас Дмитрий Егорович Габышев сэһэниттэн элбэх туһалааҕы, тускуллааҕы биллим, иһиттим. Балары таһынан өр сылларга бэйэм аҕабынан төрөөбүт төрүт төрдүбүн-ууспун дьаныһан туран үөрэтиим Ойуунускай ийэтинэн дьиҥнээх төрдүн-ууһун суруйарбар улахан тирэх, тулааһын буоллулар.

      Үс саха үөскүөҕүттэн, түөрт саха төрүөҕүттэн, киһи-сүөһү кииннээн, дьон-сэргэ түөлбэлээн олохсуйбут ытык кырдьаҕас Баайаҕа сиригэр Ыарҕа аҕатын ууһа диэн


Скачать книгу