Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов
тутан, 1922 с. өлөрбүттэр. Кыра Никиитэ 1913 с. сэллик буолан өлбүт.
Дьэбдьэкиэйтэн төрөөбүт аҕыс оҕоттон П.А. Ойуунускай улаханнара. Ойуунускай бастакы кэргэнэ Хоочугурдааҕы кытары чугас ыаллыы олорбут Тэлэгэччийэ Өлөксөй (Сокольников) диэн аҕалаах алта оҕолоох ыал биир маанылаан улаатыннарбыт кыыстара Сүөкүччэ диэн этэ. Кинилэр ис сүрэхтэриттэн таптаһан холбоспут буоланнар, олохторун олус эйэлээхтик, дьоллоохтук саҕалаан иһэн, Сүөкүччэ сэллик ыарыыга ылларан, бэрт эдэркээн сааһыгар ииннэммитэ. Ойуунускай иккис кэргэнэ – Мэҥэ Хаҥалас кыыһа, аатырар кыһыл партизан Халлааскы Бөтүрүөп тобулута кырбаан, өлөрө сыһан араарбыт дьахтара – Татьяна Дмитриевна Александрова. Сөбүгэр үөрэхтээх, киэҥ өйдөөх-санаалаах дьахтар эбит. Кинилэр алта сылы кыайбат кэм устата дьоллоохтук олорбуттара. Татьяна Дмитриевна урут тобулута кырбаммыта таайан, 1929–1930 сс. диэки сэллик ыарыынан ыалдьан, кыра оҕотунуун утуу-субуу өлбүттэрэ. Платон Алексеевич үһүс кэргэнэ Чурапчы Болтоҥотугар Дириҥ Күөлгэ төрөөбүт, суруйааччы Күн Дьирибинэ балта, Чочоолоптор кыыстара Борисова Акулина Николаевна диэн этэ. Акулина оҕо эрдэҕинээҕи хос аата Саппыана Өкүлүүнэ диэн сурахтааҕа.
П.А. Ойуунускай эмиэ ийэтинэн балайда ыраах аймаҕа Николай Ефимович Попов билигин Ытык Күөлгэ эргиэн тэрилтэтин салайа-дьаһайа олорор, ыал аҕата. Онтон биһиги Баайаҕа Ыарҕа-Андросовтар Ойуунускай сыганнарынан буолабыт. Дьэ, ити курдук, Платон Алексеевич ийэтинэн төрдүн-ууһун, хаан-уруу аймахтарын тустарынан кылгастык кэпсээтэххэ итинник.
М.Н. Слепцова-Егасова
Бииргэ үөскээбиппит
Мин аҕам Нээстээр Платонович Слепцов 81 сааһын туолан баран, кулаахтааһын саҕана Ойуун күөлүгэр Түмэппий Сиипсэп ийэтин аахха сытан өлбүтэ. Биһиги кыстыкпыт Көрдүгэн диэн сир, чугас аймахпыт Бүөтүр кыстыга – Дэлбэрийбит. Бүөтүрдээх улахан дьадаҥы ыал этилэрэ. Кини Өлөксөй диэн уоллааҕа. Өлөксөй кыра эрдэҕиттэн хара үлэ арааһын билэн, ыар үлэҕэ миккиллэн улааппыта. Наһаа судургу, өс киирбэх, көнө, мэктиэтигэр кэнэн курдук киһи этэ. Оҕо эрдэҕиттэн Хоочугур диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Ити, бука, бэйэтин быһыытыттан-таһаатыттан, хаамыытыттан төрүттэммит быһыылааҕа. Дьадаҥы эрэйдээх этэрбэһин тилэҕэ тэһэҕэс, көтүллүбүт буолааччы. Онон хаар киирэн баран, куруутун, хас хардыылаатаҕын ахсын хоочугурас тыастаах хаамара.
Хоочугур Өлөксөй, этэллэрин курдук, сытыары-сымнаҕас киһи этэ. Икки кэргэнтэн 12 оҕоломмута. Иккис ойоҕо Дьэбдьиэй үтүө дьахтарынан биллибитэ. Хоочугурга былаана суох киэҥ-куоҥ көҕүстээҕэ, кыыһырар диэни билбэтэҕэ.
Былатыан миигиттэн аҕыс сыл балыс этэ. Кинини кыһыл оҕо эрдэҕинэ, тылланан, хаамар, сүүрэр да буолбутун иһин, көтөхпүт, сүкпүт оҕом этэ. Ордук сайынын биир тэлгэһэҕэ олорон, оонньоон улааппыппыт. Уҥуоҕунан кыратын, хатыҥырын иһин, сүрдээх кытыгырас, сытыы тыллаах-өстөөх, дэбигис атыттарга атаҕастаппат уол буола улааппыта. Обургу уолаттар күүстэринэн кыайар буоланнар, ардыгар атаҕастыах курдук