Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов
кутурҕана» диэн хоһооннорун аахпыттар бу этиллибиттэри кытта сөбүлэһиэхтэрэ.
Платоннаах Сүөкүччэ балтараа сылтан эрэ ордук бииргэ олорбуттар. 1921 с. ахсынньыга Сүөкүччэтин Тааттаттан сүгүннэрэн, куоракка киллэрбит, онтон 1923 с. от ыйыгар соҕуруу эмкэ илпит. Сүөкүччэ онтон кыайан эргиллибэтэх: 1923 с. от ыйын 14 күнүгэр Ишим уонна Тюмень икки ардыларыгар тимир суолга өлбүт. Кини уҥуоҕа Тюмеҥҥэ сытар буолуохтаах.
1925 с. ахсынньы 10 күнүгэр Платон иккис кэргэнин кытта саахсаланар. Иккис кэргэнэ – Татьяна Дмитриевна Александрова. Татьяна Дмитриевнаны мин билэбин, өлүөр-сөлүөр эрдэҕинэ, саха дьахтарыгар эмиэ толуу үчүгэй дьахтар этэ. Татьяна Дмитриевна төрдө-ууһа Мэҥэ Хаҥалас диэки, Нөөрүктээйи нэһилиэгин (Павловскай) кыыһа. Кини бастаан аатырбыт кыһыл бартыһааҥҥа Георгий Осипович Петровка (Халлааскыга) кэргэн тахсыбыт эбит. Халлааскы кэлин Алдаҥҥа баран хаалбыт, онно тиийэн баран, «кэл» диэн ыҥырбытын Татьяна Дмитриевна барбатах. Кини онтон Дьокуускайга киирбит, сотору оччотооҕу Таатта оройуонугар дьахталлар ортолоругар үлэһитинэн ананан тахсыбыт. Ол сырыттаҕына тиийэн, Платон Чөркөөхтөн булар уонна кэргэннэнэр.
Платоннуун биһиги 1930 с. сэтинньи 6 күнүгэр холбоспуппут. Онтон ыла син ыал аатын ылан, кини былаҕайга былдьаныар диэри сэттэ сылтан ордук бэрт үчүгэйдик бииргэ олорбуппут.
Ол туһунан кэпсиэм иннинэ кылгастык бэйэм туспунан билиһиннэрээри гынабын. Мин 1906 с. бэс ыйын 8 күнүгэр төрөөбүтүм. Төрөөбүт сирим – Чурапчы. Чурапчы уруккута саҥа дэриэбинэ, билигин интернат-оскуола диэн ааттанар, ити Чурапчы күөлүн хотугулуу-арҕаа өттүгэр. Онтон тус хоту диэки үс километр холобурдааҕы бардахха, Бэттиэмэлээх диэн алааска тиийэҕин. Аҕам Николай Петрович Борисов олоҕо онно этэ. Ийэм – Евдокия Андреевна Саввина, аныгы дьон өйдөрүгэр дөбөҥнүк түһэринэн эттэхпинэ, С.А. Саввин-Күлүүк уол Күн Дьирибинэ аҕата Афанасий Андреевич Саввины кытта бииргэ төрөөбүт дьахтар эбит.
Ийэлээх аҕата иккиэн эрдэ өлөн хаалбыттара. Ийэм өлөрүгэр таайбын, Күн Дьирибинэ аҕатын, ыҥыран ылан кэриэһин эппит: «Кыыспын эн көр-харай, уолгар ханыылаан иит, киһи-хара оҥор», – диэн. Онон мин таайым аахха, А.А. Саввиҥҥа, иитиллибитим. Таайым оччолорго Чурапчы балыыһатыгар П.Н. Сокольников луохтуурга үлэлиирэ. Балыыһа хаһаайыстыбатын дьаһайара, аныгы сиэстэрэлэр курдук эмтииргэ, араас операцияларга көмөлөһөр этэ. Кини бас билэр алта аттааҕа, хортуоппуйу уонна араас оҕуруот астарын таптаан үүннэрэр дьарыктааҕа. Атын сүөһүтэ-аһа суоҕа. Онон оҕуруоту кытта булкуһан, араас үүнээйилэри бэрийэн улааппытым.
1917 с. Чурапчы оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Оччолорго уон биирдээх кыысчаан этим. Хас да сыл үөрэммитим кэннэ, Саха сиригэр гражданскай сэрии турбута. Устунан мин да, атыттар да үөрэммэккэ хаалбыппыт.
1923 с. таайым аах миигин, уон алталаах кыыһы, «син биир үөрэммэт оҕо буолла, эрдэ сылла оннун буллун» диэн, Алексей Дмитриевич Федоров диэн киһиэхэ эргэ биэрэн кэбиспиттэрэ. Федоровтыын алта сыл олорбутум, ол кэннэ арахсан хаалбытым. Арахсыым төрдө көннөрү