Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов
оонньуур бөҕөнү муспут. Оттон кэмпиэтэ, бэчиэнньэтэ баһаам. Оҕом кэлээт, сылайбыта бэрт буолан, утуйан хаалбыта. Киэһэлик Платон көтөн түһэр, үөрбүт аҕай: «Кэллигит дуу? Хайа, оҕобут? Ханна баарый?» – «Утуйа сытар. Кыратык сыта түстүн, уһугуннарыма», – диибин. Суох, киһим истибэт, таҥаһын устаат, илиилэрин ириэрэн тиэтэйэ-саарайа мускунаат, хаһааҥҥыттан эрэ арахсан олус ахтыбыт оҕолоох киһилии баллыгырыы-баллыгырыы, кыысчааны сулбу тардан ылар, «чуу» дии-дии, саба түһэн уураабытынан-сыллаабытынан барар. Кыысчааным, бастаан соһуйан өрө көрө түһээт, сонно сыста түһэр: «Паапа!» Платон син биир бэйэтэ төрөппүтүн курдук таратара, таптыыра.
Биһиги онон, мунньан-тараан сэттэ оҕолоох ыал буолбуппут. Эттэххэ дөбөҥ бу. Хайа оҕону таптаабат, оҕону сөбүлээбэт киһи бачча элбэх оҕону иитиэ үһү?
«Олоҕун үгүс өттүгэр бөдөҥ салайар дуоһунастарга, бар дьон дириҥ ытыктабылыгар сылдьыбыт, аҥаардастыы «Ойуунускай дуо?» дэппит киһи ол балаһыанньатынан туһанар этэ дуо?» – диэн ыйытааччылар эмиэ баар буолуохтарын сөп. Саха норуотун тапталлаах уола, коммунист П.А. Ойуунускай бу да өттүнэн курустаал таастыы ыраас киһи этэ диэн быһаччы этэбин.
Биһиги ордук өр олорбут дьиэбит урукку Ворошилов уулуссатын 14-дэ, ити билигин музей буолбут дьиэ. Билигин көрдөхпүнэ, олус да бэрт дьиэ эбит, оҥорбуттара-тупсарбыттара бэрдикэтин! Оччолорго ити тулатыгар бадараан уонна чалбах халыйбыт, наһаа тымныы, наһаа сииктээх дьиэ этэ. Сайын буора-сыыһа, кыһын тымныыта-чэҥэ. Ыксаан арыт тыл көтөҕөрүм: «Тоҥон өлөрбүтүгэр тиийдибит, оҥотторо-өрөмүөннэтэ түспэккин эбээт», – диэн. Платон оччоҕо күлэр-салар: «Маннык дыбарыаска олорон эмиэ тугуҥ тылай? Итии буолбат дуо? Олус итии дьиэ доруобуйаҕа куһаҕан буолааччы». Арыт этэр: «Хайдах эмэ гынан олоро сатыахха, дьон биһигиннээҕэр куһаҕан усулуобуйаҕа олороллорун көрбөккүн дуо?»
Бу кэнниттэн эбии өрө баран, өссө тугу этиэххиний? Ол да буоллар, биллиилээх поэкка Сергей Степанович Васильевка махтаммыппын хаһан да умнуом суоҕа. Биирдэ, адьас ыксаабыт кэммитигэр, кини дьиэбитин өрөмүөннэтэн абыраабыта. Сергей Степанович оччолорго куорат Сэбиэтин исполкомугар бэрэссэдээтэллиирэ. Кини биһиги дьиэтээҕи усулуобуйабытын хантан билээхтээбитэ эбитэ буолла? Платон бэйэтэ көрдөһө барбатаҕа чахчы, бука, биһиэхэ сылдьар дьоннортон хайалара эрэ тыл тириэртэҕэ.
Дьиэбитигэр киһи таба көрөр мала-сала суох ыалбыт. Баар-суох миэбэлбит сыыһа ити билигин музейыгар турар. Кинигэ ыскаабын соҕуруу барарыгар М.К. Аммосов бэлэхтээбит этэ. Суругун остуола. Хас да венскэй иэҕии олоппостордоохпут. Иһит ыскааба – буфет баара, ол ханна-ханна тиийбитин өйдөөбөппүн. Итиэннэ Сүөкүччэ кэриэһэ диэн биир кыра көбүөрдээҕэ. Мантан ордук малбыт-салбыт суоҕа, аҕабыт була-тала да сатаабат этэ.
Таҥнар таҥаһыттан биир хара көстүүмнээҕин өйдүүбүн. Хаһан булуммут көстүүмэ эбитэ буолла, мин кэлиэм инниттэн баара. Уопсайынан, Платон ураты чэнчис-чэбэр киһи этэ. Кини ол соҕотох көстүүмүн, икки-үс ырбаахытын хаһан да киртиппэт, хараардыбат этэ, куруутун тэп курдук тутта-оҥосто сылдьаахтыыра. Ааттаах табахсыт этэ да, бэл диэтэр ону да биллэрбэтэ,