Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов
буоллар, төрөөбүт литературатыгар, наукаҕа олус улахан суолу хаалларыахтааҕар саарбаҕалаабаппын. Москваттан дойдутугар төннөн, 1935–1936 сс. дьоҕус да, обургу да кэпсээннэри үлүмнэһэн суруйбутуттан сылыктаатахха, кини, арааһа, улахан прозаическай айымньыга бэлэмнэнэн испит. «Оҕо куйуурдуу турарынан» толкуйдаатахха, ол, баҕар, автобиографическай да хабааннаах буолуон сөбө. Наукаҕа – саха норуотун кэскилигэр, урукку төрүттэри быһаарыыга, тылга, төрөөбүт культурабытыгар, фольклорбутугар, үгэстэрбитигэр уо.д.а.
Ол эрээри кинини политикаттан хайдах да туора туппаккын. Ойуунускай уһулуччулаах общественнай деятель. Кини М.К. Аммосовы кытта кииҥҥэ туруулаһан туран, Саха сиригэр автономияны ылары ситиспиттэрэ. 70 сыл устата Саха Автономнай Республикатыгар олордохпут дии.
2 баһа. ОЙУУНУСКАЙ ДОҔОТТОРО
В.Б. Окорокова
Ойуунускай уонна Аммосов
Сахаларга ураты иэйиилээх таптал туһунан номоҕунан Алампа Дуунньатыгар таптала буолар. Оттон күүстээх, бэриниилээх доҕордоһуу туһунан П.А. Ойуунускай уонна М.К. Аммосов олохторун тухары доҕордоһуулара сэһэҥҥэ сылдьар. Бойобуой сорудаҕы толороору арахсалларыгар, Ойуунускай Аммосовка хаартыскатын бэлэхтиир уонна суруйар: «Доҕорум Максим! Биһиги доҕордоһуубут бу бэлиэтин сүтэрбэккэ илдьэ сырыт… Икки сыл устатыгар эн биһикки хайдах эйэлээхтик олорбуппутун, революция күннэригэр хайдах күүркэйэн күүскэ үлэлээбиппитин өйдүү-саныы сырыт. Эн Платонуҥ. 12.05.1917 с.».
Платон Ойуунускай уонна Максим Аммосов Дьокуускайга устудьуоннуур сылларыттан билсэн, доҕордоһон барбыттара. Кинилэр төрөөбүт норуоттарын дьолун иһин охсуһааччылар, саҥа олоҕу тутааччылар буолан, бииргэ үлэлээбиттэрэ-хамнаабыттара. Ону кытта кинилэр бэйэ-бэйэлэрин бэркэ өйдөһөр дьон этилэр: олоххо көрүүлэрэ да, норуот духуобунай баайыгар сыһыаннара да барыта сөп түбэһэрэ.
В. Давыдова маннык ахтар: «Кинилэр куруук бииргэ сылдьаллара, биир ыалга, билиҥҥи Каландаришвили уулуссатыгар олорбуттара». Оттон Б.Б. Альперович маннык кэпсиир: «Эдэрдэртэн Платон Алексеевич Максим Кировичтыын ырааҕынан ордук чорбойор дьон этилэр – ордук дириҥник, киэҥник ырыталларынан, лоп-бааччы, хомоҕойдук да кэпсииллэринэн. Салайааччыларбыт уонна үөрэнээччилэр бу икки табаарыстарбытын улаханнык ытыктыырбыт. Биһиги, эдэр дьон, кинилэри ордугургаан: «Хаарыаны, кинилэр таһымнарын ситиспит киһи!» – диэн ымсыырарбыт. Платон Алексеевич политическай даҕаны, уус-уран даҕаны литератураны бэркэ умсугуйан ааҕар, үөрэтэр быһыылааҕа, нууччалыы иҥнигэһэ суох, хомоҕойдук саҥарара. Литературнай тылга, уобарастаан этиигэ улахан дьоҕурдааҕа соччоттон ала-чуо көстөрө. Куруһуок кыттыылаахтара бары РСДРП кэккэтигэр ылыллыбыт кэммититтэн ыла араас общественнай-политическай сорудахтарга, эппиэттээх мунньахтарга үгүстүк сылдьарбыт. Сорохпут куорат үөрэнээччилэрин, үлэһиттэрин, саллааттарын ортотугар, сорохпут улуустарга, нэһилиэктэргэ тахсан маассабай-агитационнай