Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов
буолуо дии саныырбыт. Бары коммунистар барылара доҕордуу буоллахтара дии. Итини, курданалларынан ууга киирэн, маҥан ыстааны икки өттүттэн тиирэ тардан, сууйа турар икки киһини сип-сибилигин да илэ-бааччы көрөр курдукпун.
Үөрэхпин бүтэрэн, тыаҕа үлэҕэ бараммын, Ойуунускай доҕотторун хараҕым далыттан сүтэрэн кэбиспитим. Арай 1937 с. бэттэх, куоракка икки сыл үлэҕэ хааламмын, Платон Алексеевиһы чаастатык көрөр буолтум. Москваттан кэлэрбин кытта кини миигин саҥа тэриллибит Тыл уонна история институтугар үлэҕэ ылбыта.
Кини дьиэтигэр элбэх эдэр дьон сылдьара, онуоха олус үөрэрэ. Ыалдьытымсах ыал этэ. Уһуннук кэпсэтиигэ хаадьылаһарын ордороро. Сэбиэскэй олох кэлбэтэҕэ буоллар, ким туох киһи буолуо этэй диэн тиэмэҕэ оонньуу-элэк былаастаан ыаһахтыырын өйдүүбүн. Бэйэтин аатырар олоҥхоһут буолуом этэ диирэ. Ырыаһыт эбэтэр поэт буолуом этэ диэбэт этэ хаһан даҕаны. Биирдэ биир доҕорун туһунан эппитэ: «Үҥсүүк-харсыык (дьээбэтинньик) киһи, улуус суруксута буолуоҥ этэ». Миигин куолуһут аҥаардаах, «кыра үөрэхтээх, судураай, хаартыһыт – арыгыһыт Хаҥалас буолуоҥ этэ», – диэбитэ. Кими даҕаны эбэтэр тойон, эбэтэр баттыгастаах баай, эбэтэр кинээс-кулуба буолуоҥ диэбэт этэ. Тоҕо эрэ барыбытын: «Кыра үөрэхтээх буолуоххут этэ», – диирэ. Кини баайдыы санаалаах ыччаты кытта сатаан доҕордоспото чахчы.
Амма Аччыгыйа, Уурастыырап, Күн Дьирибинэ, Абаҕыыныскай, С. Ефремов сылдьалларын үрдүнэн, литература туһунан, саха литературатын туһунан даҕаны тугу эппитин өйдөөбөппүн. Ити туһунан кэпсэппэт этэ. Кулаковскайы олус үрдүктүк тутара биллэрэ. Алампаны өлөрүгэр ыарыылаабыта, көмсүбүтэ биллэр. Мин санаабар, Алампа Софроновы кини бэрт өр араҥаччылаан сылдьыбыта. Оттон Софронов кини тылын кэспэтэҕэ, кини тылыттан тахсыбатаҕа биллэр.
Тустаан ханнык классигы ааҕарын билбэппин, ол туһунан биир да тылы быктарбат этэ. Арай биирдэ, куобахтаан эрдэ киирэн баран, Гете «Фауһа» остуолга арылла сытарын миэхэ ыйа-ыйа эппитэ: «Дьэ, бу – суруйааччы да суруйааччы!» – диэн. Бу айымньыны бөлүүн эмиэ аахпыта эбитэ буолуо, ол арылла сытарыттан күһэйтэрэн ити тыллары ыһыгыннаҕа. Улахан суруйааччы тууһурбут классиктаах буолааччы. Холобур, Суорун Шекспир, Шиллер драмаларын куруутун илдьэ сылдьар буолара, доҕорум Николай Егорович кэпсэтиигэ Горькай уонна Чехов туһунан ахтыстахха, кыыла турааччы. Бу икки суруйааччы даҕаны тугу ааҕалларын биллэриэхтэрэ суоҕа. Бука, ити кинилэргэ кистэлэҥнэрэ, таптыыр кыыстарын кэриэтэ эбитэ буолуо…
Ол тиэмэҕэ маны, манныгы суруйан эрэбин, эбэтэр суруйуоҕум, суруйарым буолуо диэбэт этэ Платон Алексеевич. Суорун, Амма Аччыгыйа эмиэ итинниктэр. Үтүө холобур.
А.В. Хоноехова
Олус истиҥник санаһаллара
Мин П.А. Ойуунускайы аан бастаан А.Д. Неустроевалаахха сылдьан көрбүтүм. Оччолорго мин педтехникумҥа үөрэнэрим. Анна Денисовна Тыл уонна литература институтугар үлэлиирэ. Онон, Ойуунускайы кытта биир дойдулаахтар, биир идэлээхтэр