Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов
Билбэт дьон эмискэ көрөн соһуйар этилэр: «Тыый, бу кыыс Ойуунускайга дылы буолан түһэн», – дииллэрэ. Онон мин көрөн, наар аҕам тыыннааҕын оҥорон көрөр этим. Майгытынан эмиэ эдьиийим майгынныыра үһү. Сүрдээх туруору, кыра да дьиэги тулуйбат киһи этэ. Наһаа көнө, кырдьыксыт.
Аҕабын субу диэн утары сирэйин өйдөөбөппүн. Көхсүнэн олорорун наһаа өйдүүбүн. Кэтэҕин… Баттаҕын… Тараах ойуулаах көстүүмүн… Уруучука тутан олорор буолара.
Кэргэним – оскуолаҕа бииргэ үөрэммит табаарыһым Сергей Петрович Соловьев Москваҕа тыа хаһаайыстыбатын механизациялааһын уонна электрофикациялааһын институтн бүтэрбитэ. Техническэй наука кандидата, билигин тыа хаһаайыстыбатын институтугар конструкторскай бюро директорынан үлэлиир.
Улахан уолбут – Платон. Эһэтин аатынан. Төрүүрүгэр аат тала барбатахпыт. Ыал буоларбыт саҕана уол оҕо төрөөтөҕүнэ, хайаан даҕаны эһэтин аатынан буолуохтаах диэн кырдьаҕастар сүбэлээбиттэрэ. Улахан кыыһым – Мария, эбэтин, кэргэним ийэтин аатынан. Аччыгый кыыһым мин ийэм Акулина аатынан – Лина. Уолум манна СГУ-ну бүтэрбитэ. Идэтинэн – историк, археологиянан дьарыктанар. Институкка бииргэ үлэлиибит. Кэргэннээх. Сардаана Платоновна диэн кыракый кыыстаах. Улахан кыыс Мария университекка ассистент-преподаватель. СГУ-га нуучча тылыгар үөрэммитэ, МГУ-га үс сыл үөрэнэн аспирантураны бүтэрбитэ.
Аччыгый кыыһым Лина Михайлова омук тылын бүтэрбитэ. Кэргэнэ – юрист. Платон диэн уоллаахтар. Онон, Ойуунускай ситимэ салҕанар.
Оҕолорго «бу эһэлэрин курдук ээ» диэн хайаларыгар да тугу да бэлиэтии көрбөппүн. Биһиги кэргэмминээн оҕолорбутугар биир буруйдаахпыт. Оччотооҕу олох сүүрээнин сиэринэн төрөөбүт тылларын мөлтөхтүк билэллэр. Улаатан баран биһигини буруйдууллар, бэйэлэрэ билэргэ кыһалла-мүһэллэ сатыыллар. Эһэлэрин аата кинилэргэ улахан моральнай баттык, эппиэтинэс. Онон, эһэбитигэр, кини аатыгар күлүк түһэрбэтэх киһи диэн санаанан улааппыт дьон. Бэйэлэрэ сүрдээх сэмэйдэр. Мин сааһым тухары кинилэргэ аҕам аатын үрдүктүк тутан ииппитим: туох кылах гынар да, кырыйан, мунньан, альбом бөҕөнү оҥортообутум.
Аҕабын соччо өйдөөбөппүн, үстээх оҕо хааллаҕым, ийэм, эдьиийдэрим кэпсээннэринэн өйдүүр курдукпун. Үдүк-бадык уонна тоҕо эрэ көхсүн көрөбүн – эриэн дьураа көстүүмнээх аҕам остуолга нөрүйэн, төбөтүн кыратык кыҥнатан суруйа дуу, ааҕа дуу олорорун. Ардыгар кини төттөрү-таары хаамарын эккирэтэн сэрбэкэчийэрбин саныыбын. Уонна туман иһиттэн курдук аһыы олорорбут көстөр, аҕам ытыһыгар кэмпиэт уурар, онтун үрэрин кытта кэмпиэт мэлис гынан хааларын олус сөҕөрүм… Кабинет аанын аргыый сэгэтэн үс сирэй былтаҥнаан аҕабытын көрөбүт, аллара – мин, ортоку – Лаана, үөһэ – Муся. Аҕабыт бөппүрүөскэтин ыллаҕына: «Паапа бүттэ!» – диэн сүүрэн тиийэн, киниэхэ хатана түһэрбит. Аҕабыт остуоруйалыырын наһаа сөбүлүүрбүт. Иллэҥсийдэр эрэ, мин тобугар, эдьиийдэрим кириэһилэ икки өттүгэр олорунан кэбиһэрбит. Аҕам сирэйин араастаан тутта-тутта, саҥатын уларыта-уларыта кэпсиир. Биһиги күлсэбит, арыт куттанан ытаары гынабыт… Сороҕор кириэһилэ тиэрэ түһэн сыарҕа