Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов

Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов


Скачать книгу
Слепцов, тастыҥ аймахтара Василий Слепцов уонна Местниковтар ийэлэрэ, ииппит кыыспыт Паша Аянитова ийэтэ, бэйэбит кыыспыт Октябрина өлөллөр. Үгүстэрэ мин баарбар. Платон онуоха аһыы аһыйан аймаммытын, ытаабытын-соҥообутун биирдэ да көрбөтөҕүм. Көннөрү саҥатыттан-иҥэтиттэн матааччы, санньыйааччы. Кистэнэрэ-баттанара бэрдэ оччо эбитэ дуу? Онтон эрэ ордук Алампа өлбүтүгэр наһаа буорайбыта, Алампаны бэйэтэ сүүрэн-көтөн уҥуох туппута, литературнай нэһилиэстибэтин уонна рукопистарын сонно сылааһыгар институт архыыбыгар туттарбыта. Мин ону сөбүлүүрүттэн-таптыырыттан эбитэ буолуо дии саныыбын.

      Г.В. Ксенофонтовы, Н.Д. Неустроевы эмиэ сыаналыыра, А.Д. Неустроеваҕа ураты суолта биэрэрэ.

      Эдэрдэртэн сөбүлүүрэ үгүс этэ. Ол эрээри, саамай таптыыра А.Е. Мординов диэри гынабын. «Киһи тахсар киһитэ», – диэччи кини туһунан. Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап сотору-сотору сылдьар буолаллара. Тугу кэпсэтэллэрин, хайы үксү, өйдөөбөппүн. Ол эрээри Күннүк Уурастыырап кэллэр эрэ, сэһэн-сэппэн элбиирэ, олоҥхо дуорайара оһуоба буолааччы. Бииргэ үлэлээччилэрин П.П. Барашковы, Н.М. Заболоцкайы, Н.Н. Павловы сотору-сотору ахтар буолара, анарааҥҥылара да биһиэхэ үгүстүк сылдьаллара. Уопсайынан, ыалдьыт сылдьар, хоноһо хонор ыала этибит биһиги. Суруйааччылар, артыыстар, учуонайдар, революционердар, бартыһааннар, тус доҕотторо, тыа дьоно – ыалдьыт-хоноһо үгүс этэ. Эдэрдэр, литератураҕа саҥа холонооччулар, эмиэ үгүстүк сылдьаллара. Платон кинилэри кытта син биир тэҥнээхтэрин курдук болҕойон кэпсэтэр, сүбэлиир-амалыыр идэлээҕэ. «Па, эйигиттэн туох да тахсыа суох», – диэн кими эмэ быһа-бааччы этэн хомоппутун өйдөөбөппүн, наар өйдөтө-быһаара, үөрэтэ-такайа сатааччы.

      Москваҕа олорор кэммитигэр Саха сириттэн төрүттээх революционердар, партийнай-советскай деятеллэр, байыаннайдар үгүстүк сылдьар да, ыҥыран сырытыннарар да этилэр. Кинилэртэн Феликс Кону, Клавдия Кирсанованы, Иван Строду, Емельян Ярославскайы уонна да атыттары өйдүүбүн. Строд Москваҕа бастаан тиийэн, дьиэтэ суох эрэйдэнэ сырыттахпытына, олус абыраан турардаах. Кимин хантан билиэхпитий, биир кып-кыһыл нуучча утуйар таҥаспыт, чымадааммыт сыыһын туох да кэпсэтиитэ суох харбаан ылаттаат, этириэс эппитэ баара: «Чэ, бардыбыт, биһиэхэ бардыбыт. Суох, суох, аккаас ылыллыбат». Ол киһим Строд эбит, оччолорго Новомир биэстээх-алталаах оҕо этэ. Аҕыйах хонукка да буоллар, Стродтаахха наһаа үчүгэйдик олорбуппут, Иван Яковлевич Платоммун кыһыл оҕолуу ньилбэгэр өрө көтөхпүтэ, оччо өрө тутара.

      Биирдэ аҕабыт үлэтиттэн кэлэн баран, утуйар хоһуттан тахсыбата. Мин тугун билиэхпиний, «киһим сылайдаҕа, аччыктаатаҕа» дии-дии, куолубунан ас бэлэмнии, остуол тарда сырыттым.

      Ас тардылынна, оттон Платон остуолга суох. «Паапаа!» Эппиэт син биир суох. Сүрэҕим мөҕүстэ, хоско ыстанан киирдим. Киһим дэлби кубарыйбыт, таҥастыын-саптыын ороҥҥо сытар. Кини хаһан да маннык буолбат этэ, наһаа уолуйдум. «Тыый, ыалдьыбыккын дуу, паапа?» «Ээ, суох, ыалдьыбатым», – аат харата хардарда. Итиэннэ үөһэ тыынан


Скачать книгу