Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов

Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов


Скачать книгу
ыраас сэбэрэлээх, байыаннай таҥастаах, куругар бэстилиэттээх киһи ачыкыта чаҕылыйар. Оҕолор: «Ойуунускай. Ойуунускай ол олорор», – дэһэ-дэһэ үтүрүйсэллэр. Ол икки ардыгар биһиги дьон, анньыалаһыы-үтүрүһүү күүһүрдэ быһыылаах, уокка оттор мас кыстаабыттарын сууллардыбыт, мас тыаһа өрө лиһигирээтэ. Дьон барыта биһиги диэки эргилиннэ. Ойуунускай эмиэ. Ойуунускай онтон Эрилик Эристииҥҥэ тугу эрэ эттэ. Эрилик саҥата дуорайда: «Оҕолоор, бу диэки кэлиҥ, манна миэстэ элбэх». Уолаттарбыт олоҥхо истэ хааллылар, оттон биһиги, кыргыттар, таһырдьаны булбуппутугар үөрүстүбүт. Дьэ, хаһан эрэ кутталбыттан атахпынан куоппут киһибин кытта сэргэстэһэ хаампытым, кэпсэппитим хайдах эрэ дьикти этэ. Дьылҕа оҥоһуута диэҥ дуо ону? Суох, оччолорго биһиги икки ардыбытыгар киһи санаатын тутара туох да суоҕа.

      Съезтэн төннөөт, общественнай олоххо өссө күүскэ кыттабын. Оччолорго актыбыыс дьахталлар бары биир пуорма таҥастаахпыт. Хара дьууппа, үрүҥ куопта, кыһыл былаат, лэппээһиннээх баттах. Итиэннэ түөспүтүгэр Ленин оҕо эрдэҕинээҕитэ ойууламмыт значогун анньынабыт…

      Күһүнүгэр элбэх оҕону, ол иһигэр миигин, оройуон салалтата Иркутскайга дуу, Читаҕа дуу үөрэххэ ыытарга быһаарар. Мин баҕарбыт баҕам туолар буолла диэн үөрүү бөҕө. Ол эрээри, дойдубуттан наһаа ыраатыыһыкпын диэн испэр дьулахаччыйабын. Ити сырыттахпына, кэлин А.Ф. Бояров кэргэнэ буолбут Маршинкевич диэн врач дьахтар миигин кутугунатар: «Ээ, онно барыма, ырааҕа бэрт. Хата, эмчит үөрэҕэр Дьокуускайга медтехникумҥа киир, ол быдан ордук буолуоҕа».

      Мин ити сүбэни ылынан куораттыыбын. Үөрэнэ. Бу сырыыга эмиэ, атын ханна барыахпыный, Кампеевтарга түһэбин, кинилэргэ дьиэлэнэбин. Платон арбы-сарбы соҕус этэ. Кэргэнэ Татьяна Дмитриевна бу сайын өлбүт.

      Мин ЯФАШ-ка үөрэнэбин. Платон кинигэ издательствотыгар дириэктэрдиир. Арай Платон киэһэ үлэтиттэн кэлэн аһаатар, сарсыарда оронуттан турдар эрэ, наар биһигини кытта тыл бырахсар, дьээбэлэнэр идэлэнэр. Арыт наһаа найааннаннаҕына куотан хаалабыт, хата, ону булбута эрэ баар буолар. Арыт уруок ааҕа олордохпуна, кэккэлэһэн кэбиһэр: «Көрдөр эрэ, туга ааҕаҕын?» Биһиги ити курдук улам бодоруһан, бэйэ дьоно буолан истибит. Ол эрээри мин син биир салларым-дьулайарым сүрдээх.

      Биирдэ, ити билиҥҥи Ленин проспегар куорат поликлиникатын аттыгар, бадаҕа, Национальностар кулууптара диэн баара, онно туох эрэ мунньах буолбутугар бардыбыт. Платон эмиэ барда. Саала тымныы баҕайы эбит, мин маркизет солко куопталааҕым, дэлби тоҥнум. Платон ону көрө түстэ: «Тоҥнуҥ дуу?» «Ычча, бу дойдугут тымныыта бэрт эбит дии», – өс киирбэх хардарабын. Платон ойон турда, биэсэлкэттэн сонун элэстэтэн аҕалла уонна санныбар бүрүннэри бырахта. Киһи эрэ буоллар, мин бу сырыыга бырдаҥалаабатым, сон сылааһыгар таттаран уонна «бу туох амарах киһитэй» диэн, нам-бааччы олордум. Кэпсэттибит. Мунньах кэнниттэн аргыстаһан дьиэбитигэр кэллибит.

      Хонуктар аа-дьуо ааһан истилэр.

      Биирдэ, сарсыарда, ороммун хомуйа сылдьан, сыттыгым анныттан бүк тутуллубут суругу булан


Скачать книгу