Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан. Группа авторов

Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан - Группа авторов


Скачать книгу
истээччи сүрэҕэр киирэрэ, ол кэнниттэн, онуоха олоҕуран, истээччи өйүн баһыйара. Оттон Аммосов хара маҥнайгыттан истээччи өйүн, санаатын хам ылааччы этэ. Оттон мөккүһэн, тыл охсуһуннарарга Платон эмиэ атыннаах курдуга. Кини тус бэйэтин тылынан-өһүнэн, өйүнэн-санаатынан баһыйан, утарылаһааччытын чаҕытар идэлээҕэ. Аммосовка итинник ньыма суоҕа. Платон Алексеевич утарылаһааччытын нөҥүөһүлүүр буолара, онон сүрүн баттаан кэбиһэрэ. Туой утарылаһааччытыгар этиитин тосхолун, таайтаран иһэн ситэрбэккэ, ханнан хаалара: «Буоллаҕа ини, буоллаҕа ини!» Бу өй-санаа атааката этэ. Манан эмиэ доҕоруттан атыннааҕа.

      Платон Алексеевич кэлэр көлүөнэҕэ, оччотооҕу ыччакка бүтүннүүтүгэр олус үчүгэйдик, сылаастык сыһыаннаһара. Ыччаты өйүү, кини сыыһаларын-алҕастарын көннөрө сатыы сылдьара. 1931 с. күһүөрү элбэх ыччат (соҕуруу үөрэнээччилэр, үөрэххэ саҥа киирээччилэр) борохуотунан соҕуруу бараары, Ленаны өксөйөн иһэбит. Уус-Кукка диэри сүүрбэччэ хонон айаннаатыбыт. Уус-Кукка урукку борохуотунан кэлбит көстөр, үөрэнээччилэр тобохторо баар эбит. Биһиги элбэхпит – үксэ устудьуоннар, саҥа үөрэнэ барааччылар. Манна хас хонон, хайдах уочараттаан барар – ыар боппуруос. Бөһүөлэккэ хара килиэп, хортуоппуй атыыланар. Эт, үүт атыыта суох. Микиитэ Слепцов биһикки биир эмис аты атыыластыбыт. Бааһынайбыт атыытын тута аҕалыҥ диир. Платон Алексеевич мэктиэлээн, сарсыҥҥа диэри, үп хомуйуохха диэри, иэс ыһыгынна. Өрүс биэрэгин хадьыр тааһыгар аты өлөрдүбүт, астаатыбыт, этин кырбастаан хаптарга ыйаан, сүүсчэкэ гына үллэһиннибит. Платоннаахха үһүөлэр диэн үс өлүүнү анаабыппытын, иккини эрэ ыллылар, оҕобут кыра диэн. Мин мөҕүлүннүм. «Куһаҕан киһи» үһүбүн. «Подхалим» диэтэҕэ дии, мин наһаа кыбыһынным.

      Күннэтэ биирдии оҥочону аттарга состорон өксөтөллөр. Платоннаах саамай тиһэх барбыттара, кэргэнэ кыыһырарын үрдүнэн, «эһиги уочараккыт кэллэ» диэн көрдөһөрбүт үрдүнэн. «Оҕолор бара оҕустуннар, оҕолор үптэрэ суох», – диирэ. Барыҥ диэн таах мээнэ хаайдахха, кыыһырар.

      Мин куоракка үөрэнэр, үлэлиир буоламмын, Ойуунускайдаах көлүөнэлэрин син кыратык баттаспыт эбиппин. 1924 с. Манньыаттаах Уолун сайыымпатыгар, Сэргэлээххэ, Былчаҕар Уола диэн киһиэхэ, балаҕаҥҥа сайылаабытым, сулууспалаах этим. Биһиги олорор олбуорбут иһигэр күөх кырааскалаах хоруобуйалаах, улахан соҕус дьиэҕэ – Платон, ол илин өттүгэр намыһах дьиэҕэ Иван Николаевич Винокуров, онтон арҕаалыы Костя Сокольников, оттон биһиги балаҕаммыт таһыгар ытыс саҕа соҕотох түннүктээх, оһоҕо суох кыараҕас хороҕор дьиэҕэ Горбунова диэн улахан үлэҕэ сылдьар секретарь кыыс олороллоро. Ол дьиэҕэ уонна Платоҥҥа баскыһыанньаҕа Аммосов Раятынаан тахсар быһыылаахтара. Аммосов киэһэ-сарсыарда тимир атынан тырылатар. Оччотооҕу Сэргэлээҕи үс төгүл велосипедынан эргийэрэ, олус түргэнник тэбэрэ. Миигин Винокуров уонна Сокольников билэллэрэ, билсэрбит да диэххэ сөп. Арыт Костя «Баабылап» диэн кыҥсыйан ыҥыран, тэлиэгэтигэр олордоро. Биир суукка – Наркомпросздравсобеска үлэлиирбит. Аммосов даҕаны, Ойуунускай даҕаны биһигини Павлов, Слепцов, Говоров диэн ыҥыраллар,


Скачать книгу