Барыта алҕас этэ…. Огдо

Барыта алҕас этэ… - Огдо


Скачать книгу
кыылга да киһиргэнэр кэрээнэ суохха дылыта. Ол иһин, син биир бу кыыстыын мин туохпун ситимниэмий дии санаат, урукку хаартыскаларын мунньан, биир-биир ыыталыыр буолбута. Санаатыгар, Виталий ити хаартыскалары булан ыытар-бэрийэр кэмигэр эмиэ эдэр, киһи кэрэхсиир мөссүөннээх, таптыан-таптатыан баҕалаах курдук сананан, аралдьыйан ылара. Сорох ардыгар эчэйиилээх этим дуу диэн эчикийэ санаабатах түгэннэриттэн соһуйара уонна бу тухары Маайыстыын курдук кими да кытта ис-иһиттэн арыллан-хомуллан астына сэһэргэспэтэҕэ ырааппытыттан курутуйара. Ол эрээри уһун да уһун түүннэр киниэхэ мэһэй буолбуттара – Маша, Машенька, Маайыс кыыс, лыҥкынатар куоластаах наһаа да намыын барахсан, ама, түүл дуу, үһүйээн дуу курдук симэлийиэ буоллаҕай? Оо, тугун баҕас куруһай кинини көрбөт дьылҕалааҕа, таптыыр-таптатар кыаҕа суох, оһолломмут буруйугар, олоҕун устата тулуйуохтаах муҥа буоллаҕа? Итинник санаа кинини утуйар уутун аймыыра, ардыгар, араас санаа эргичитэн-урбачытан, олус хаарыйан-эрэйэн, сордоох хараҕыттан халаан уутун халыс гыннарара. Бэрдэ диэн биирэ: Виталийы бу түгэҥҥэ туораттан ким да көрбөтө, кини ыгыллан-тууйуллан мөлтөөн ылар кэмчи кэмин, муҥун, ытыыр сэдэх түгэнин туоһулара – сиэрэй обуойдаах түөрт эркиннэрэ саҥата суох иһийэн тураахтыыллара, эмэгэти эрэ санатар, эчэйбит эдэркээн уолга көмөлөһөр кыахтара суоҕуттан киһини ордук самнарар тыыннаналлара…

      «Јйдөөх да кыыс, билиитэ да үксүн, оо, абаккам, уруккум эбитэ буоллун, хайдах эрэ сүүрэн тиийиэ этимий? Сэмэй бэйэлээх сирэйин ооккотун көрөөт таайыам этэ буоллаҕа: миэнэ дуу, атын уол анала дуу? Кини миигин сириэ этэ дуо? Суох ини? Виталий кыргыттарга мэлдьи да бэрт сыһыаннаах буолара, иирсэр-хаадьылыыр, атаҕастыыр-албынныыр кэмэлдьитэ суоҕа ээ. Оттон Маайыһы кини, бука, таптыа да таптыа этэ ээ…» – уол итинник санаата оонньууруттан эрэйдэнэр буолбута эрээри, күнүс миркэҕэ кыыс суруйбутун көрдөр эрэ барыта ааһа охсоро, кини иһиттэн чэпчиирэ, үөрэрэ-көтөрө, оттон киэһэ эт кулгааҕынан кэрэчээн кыыһын астына истэрэ. Биирдэ Маайыс… хайдах эрэ… кинини көрүөн баҕарар курдугун тылын тамаҕыттан таайбыта, ааранан дьаархаммыта, эмискэ сүрэҕэр ыттарбыта, ол иһин, түргэн үлүгэрдик атын сонуҥҥа аралдьыта охсубута… «Акаарыа, кыыс эйигин көрдөр эрэ – бүттүҥ, маннык кэпсэтиилэр, астык сэһэргэһиилэр итинэн бүтүөхтэрэ, ону кытта эн бэйэҥ… симэлийээхтиэҥ буоллаҕа…» – ити куттал санаа кини кутун хамсаппыта, эрдэттэн чаҕыппыта.

      Виталий ити туһунан санаабат буола сатыыра, барыта бүгүҥҥүнэн эрэ аастар диэн дьулуһар буолбута, Маайыстыын астына билсэр-кэпсэтэр кэмнэрин кыаҕа баарынан уһата-тарда сатаабыта.

      …Ол эрээри, эн бэйэҥ быһаарыныаҥ иннинэ, мэлдьи туох эмэ бүөлүү түһэрин куолутунан, бу да сырыыга… оннук буолбута. «Билигин суунуом, ып-ыраас киһи, Машенькабыныын астыктык да астыктык кэпсэтиэм уонна сылаастык утуйуом», – дии санаан, Виталий ваннаҕа киирбитэ.

      Тахсыбыта – айдаарбытынан Аня олорор! Тыаттан киирбит, биир киһи аргыстаах, аһаабыттар, онно эбии оҕотун соһо сылдьар!


Скачать книгу