Барыта алҕас этэ…. Огдо

Барыта алҕас этэ… - Огдо


Скачать книгу
диэн тоҕо эрэ тыла тахсыбатаҕа. Ол иһин санаатын быһа эппитэ. – Мин миигин эрийбит-эрэйдээбит дьылҕам оҥоһуутун билэбин. Интернетинэн да балачча хасыһан көрөбүн, миэхэ көмөлөһүөх күүс суох. Мин кими да дьоллуур да, кэрэҕэ сирдиир да кэнэҕэским суох. Кырыымчык нүһэр олохпун кимиэхэ да соҥнообоппун. Ол иһин эйигин, туохха да соруйбакка таах кэпсэтэр доҕор оҥостубутум, ама, албын аатырыа дуо? Биир да түгэҥҥэ эйиэхэ сымыйалыыр санаам суоҕа. Арай, аһыллыбытым дьиктититтэн таайдахпына, эн курдук холку уонна өйдөөх кыыс (уол дьиҥэр «кини мин аттыбар баар буоларыгар наадыйар эбиппин» диэн санаабыта да, хантан миэхэ оннук дьол тосхойуой диэн, таһыгар атыннык эппитэ) кыра да кэмҥэ миэхэ көстөн-кэпсэтэн ааспыккар махтанар эбиппин…

* * *

      Маайыс наһаа хараастыбыта, истибитин итэҕэйбэккэ олорбута, уол кэпсээнэ уһунуттан сылайан дуу, биитэр санааҕа түһэн дуу, кини мааҕын үйэҕэ муостаҕа олорунан кэбиспитин да аахайбатаҕа… Виталий, истибит да киһи итэҕэйбэт, ыар билиниитин кыыс сүрэҕэр ыарыылаахтык ылыммыта… Биирдэ өйдөөбүтэ, иккиэн да саҥата суох олороллор эбит. Арай ыйыппакка сүүрэр харах уутун ыраас таммахтара уоллаах кыыс тохтоло суох мускуйар илиилэрин инчэппиттэрэ ырааппыт эбит.

      – Маша, миигин бырастыы, кырдьык да, хаартысканан… албыннаабыппар, буруйдаах эбиппин… – уу чуумпуну Виталий кэһиэҕирбит намыһах куолаһа уйгуурдубута.

      Иккиэн да онтон соһуйан дьик гыммыттара. Олорбохтуу түһэн баран:

      – Тыый, туох диэтэҥий, оттон бэйэлээх бэйэҥ киэннэрэ буоллаҕа эбээт. Эн ыыппатаҕыҥ буоллар, мин эн уруккугун хантан билиэ этимий? – диэн Маайыс уоскута сатаабыта.

      Виталий киниттэн тугу эрэ эрэйэргэ-күүтэргэ дылыта да, кыыс атыны тугу да саҥарбатаҕа, ордук-хос ыйыппатаҕа да, сураспатаҕа да…

      – Виталий, мин… сотору Питердиибин ээ… син балачча буоларым буолуо, – диэбитэ арай кини тыІаабыт чуумпуну быһа түһэн.

      Бүттэхпит ити. Оо, тугун баҕас куһаҕанай? Кыыс бардаҕа, кинини умуннаҕа. Субу көрөөт, аны кинини хаһан да көрсүбэт аналлааҕа эрдэттэн ыйыллыбыт эбит. Виталий туох баар күүһүн мунньунан мичээрдээбитэ буола сатаабыта, төбөтүн кэҕиҥнэппитэ.

      …Кыыс тоҕо эрэ дьиктитик иһийбитэ. Уу чуумпу нүһэрдик ыгылыппыта. Виталий: «…Манан мин дьолум ирээтэ бүттэҕэ, кэрэчээн Маайыһым, быраһаай… Оо, ол иһин даа, маннык кэрэ кыысчаан, ама да, мин курдук эрэннэрэрэ суохха, ырата мэлийбиккэ, кэскилэ кэхтибиккэ кэлэн көстүбүтэ да махтал ини…» – диэн иһигэр кытаанахтык саныы олорбута, сырдыгы көрдөрөр соҕотох хараҕын быыллаах муостаҕа туһулаабыта, сибилигин көрбүт нарын мөссүөнүн өйүгэр хатыы сатыырдыы, илиитинэн сүүһүн саба туттубута.

      Оттон Маайыс, көрдөххө тоҥкуруун курдуга эрээри, эмиэ да элбэҕи эргитэ саныы олорбута…

      …Бу баччалаах бэйэтэ, куба курдук куоҕайан тахсыар диэри, сибэкки кэриэтэ көрдөх аайы тыллан иһэр кыыһы, дьиҥэр элбэх уол тастан-кырыыттан сэҥээрэ көрөрө. Ол эрээри кыыс кэрэтиттэн саллан-чаҕыйан дуу, атынтан туохтан эрэ тардыстан дуу, киниэхэ чугаһааччы дэҥҥэ баар буолара. Оччоҕо


Скачать книгу