Былдьаама, дьылҕам, тапталбын. Айталина Никифорова
сири аннынан кэпсииллэрэ. Ол гынан баран, билиэҥҥэ түбэспиттэри таах ыытан кэбиспэттэр. Хайдаҕа эбитэ буолла? Атын бэтэрээннэр курдук ол-бу көрсүһүүлэргэ, кылаас чаастарыгар сылдьарын сөбүлээбэт. Сэрии сылын умна сатыыр курдук. Ийэлэрэ Огдооччуйа барахсан, оҕолорун аһыытыгар буолуо, уһаабатаҕа. Миитэрэй онон иччитэхсийбит өтөҕөр төннүбүтэ.
Кэлээт да, сэрии кэнниттэн эстибит холкуоһугар үлэҕэ туруммута. Дойдутугар ахтылҕанын үлэлээн таһаарар курдуга. Миитэрэйи холкуоска бэрэссэдээтэлинэн анаары гыммыттарыгар буолумматаҕа. «Үлэһит илии тиийбэт эбээт, мин кыһыл ытыспынан үлэлиэм. Салайары дьахтарга да сүктэриҥ», – диэбитэ. Уйбаан бэйэтэ оҕонньор наар үлэлээн өрө мөхсөн тахсарын көрө улааппыта. От кэмигэр бөһүөлэккэ кэлбэккэ да алааска олорон оттуура, кыһынын хотонтон тахсыбата. Бу билигин да хара сарсыардаттан хойукка диэри үлэҕэ миккиллэр. Хата, этэҥҥэ оҕо-уруу тэринэн быр бааччы олорор. Улахан кыыһа оскуола дириэктэрэ. «Ээ арба, били путевка дьыалатын ыйытыахтаах этим» кэргэнин сорудаҕын санаан өрө тыынна…
– Ульяна Сергеевна, дорообо! Киир, олор! Хайа, туох сонуннааххыт үөрэх чаастара? – Иван Гаврильевич кириэһилэтиттэн туран, симиктик туттан киирбит дьахтарга илиитин уунна.
– Сонуммут элбэх. Кэлиҥҥи сылларга математика, физика олимпиадаларыгар иннибитин биэрбэппит. Онуоха математика учуутала Михаил Петрович өҥөтө туох да улахан. Кини үлэлээбитэ ыраатта. Үөрэтэр оҕолоро наар ситиһии көтөллөөх күрэхтэһииттэн кэлэллэр. Биһиги кинини үтүөлээх учуутал аатыгар түһэрбиппит. Быйыл 60 сааһын туолар. Туох да биллэ илик дуо? – Ульяна Сергеевна, тойоно үтүө санаалаах көрсүбүтүн иһин, тута долгуйбута ааһан боппуруоһун туруоруста.
– Дьэ, бу дьыалабыай киһи тыла! Киирээт, туохха ыҥыртарбыппын да истибэккэ олорон, кимэн киирэҕин ээ? – Иван Гаврильевич күллэ. – Дьэ, кырдьык, эһиги үчүгэйдик үлэлээҥҥит быйыл «Артекка» путевка кэлбит эбит дии. Ону мин бүтэһигинэн иһиттим. Ол хайдаҕый?
– Иван Гаврильевич, мин эйигин билэрэ буолуо диибин ээ. Үөһээҥҥилэр эппиттэрэ буолуо диэн олох да отчуоттаабатаҕым. Истибэтэх эбиккит дуу? – үөрэх дьаһалтатын салайааччыта мух-мах барда.
– Мин өйдүүрбүнэн, мин манна салайааччынан олорорум тухары бу маҥнайгы путевка. Кими ыытаргытын баҕас миигин кытта сөбүлэһэр инигит?
– Оннук бөҕө буоллаҕа дии. Өссө быһаара иликпит, – диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла.
– Ульяна Сергеевна, эн билэҕин, мин кыыһым кыһыл көмүс мэтээлгэ баран иһэр, туйгун үөрэнээччи, спортсменка, үҥкүүһүт, музыкальнай оскуоланы быйыл туйгун сыананан бүтэрдэ. Онон кинини ыыттаххытына, ким да омнуолуо суоҕа дии саныыбын. Эн ону туох диигин?
– Оскуола педсэбиэккэ быһаарыахтаах. Сөп. Мин өйдөөтүм.
– Чэ, бэрт. Эн биһиги бэйэ-бэйэбитин өйдөһүөхтээхпит. Оччоҕо эрэ үлэ тахсар буоллаҕа дии. Оттон Михаил Петрович дьыалатынан Дьокуускайга бара сылдьан наҕараада салаатын кытта бэйэм үлэлиэҕим, – диэн кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн туран илиитин уунна.
Ульяна