Былдьаама, дьылҕам, тапталбын. Айталина Никифорова

Былдьаама, дьылҕам, тапталбын - Айталина Никифорова


Скачать книгу
олорон оскуолабын бүтэрэбин диэ! Манна эн кыһыл көмүс мэтээлинэн оскуоланы бүтэриэҥ дии. Оттон куоракка туйгуннар эрэ элбэхтэрэ буолуо, онно тиксэриҥ биллибэт. Инньэ диэххэ наада!

      – Хата, ити сөпкө эттиҥ! Хайдах бэйэм да өйдөөбөтөхпүнүй? – кыыс үөрэн сирэйдиин сырдаата. – Билигин бараммын ийэбинээн кэпсэтиэм.

      Лиза улахан соруктаах киһилии дьиэтигэр сүүрэн тиийдэ. Икки этээстээх үрүҥ кырааскалаах тутууну дьон «райкомнар дьиэлэрэ» диэн ааттыыр. Манна баартыйа райкомун үлэһиттэрэ олороллор. Кыбартыыратыгар ойон киирдэ. Атаҕын таҥаһын устан, ыксаан тапочкатын да кэппэккэ көбүөрүнэн тэлгэнэ сытар көрүдүөр устун куукунаҕа ыстанна. Ийэтэ бэрэски оҥоро олорор.

      – Ыл, илиигин сууна охсон кэл, бэрэскитэ оҥорус. Бүгүн ыалдьыттар кэлэллэр.

      – Эмиэ дуо? Күн аайы бырааһынньык!

      – Бу да кыыс тылын! «Проводина» оҥорор буоллахпыт дии. Биһиги табаарыстарбыт элбэхтэр. Сааспыт тухары олорбут сирбититтэн көһөбүт. Саныахха эмиэ да ыарахан…

      – Оннук буолумуна! Мин мантан барыахпын, оҕолорбуттан арахсыахпын баҕарбаппын. Мин хаалан оскуоланы манна бүтэриэм. Эбээни кытта олоруом. Каникул аайы куоракка барыам. Хайа, уонна ол куоракка кыһыл көмүс мэтээл биэрэллэрэ биллибэт. Биир эрэ сыл хаалбытын кэннэ көһөр олох сыыһа! – Лиза кутан-симэн кэбистэ.

      – Ол-бу буолбаккын! Эйигин манна хаалларбаппын! Истиэхпин да баҕарбаппын! Куоракка да үчүгэйдик үөрэниэҥ. Оскуола дириэктэрин кытта аҕаҥ кэпсэппитэ. Төрүөтэ, хата, ити хаайыылаах уола диэ! – кырааскалаах хааһын түрдэһиннэрэн, ийэтэ кыыһыран-тымтан турда. – Лизочка, киһи дабылыанньатын эмиэ таһаараары гынныҥ! Ити туһунан миэхэ уонна этимэ! Бачча бырааһынньык буолаары турдаҕына кыыһырдыма ийэҕин.

      – Ийэ-э, киһини олох истибэккин! Эн хаһан даҕаны миигин өйдөөбөккүн! Аҕабыттан ыйытыам оччоҕо! – диэн баран кыыс кыыһыран, куукунаттан тахсан барда.

      Киэһэ ыалдьыттар тарҕаспыттарын кэннэ, Лиза хоһуттан тахсан, аҕатын аттыгар кэлэн дьыбааҥҥа олордо. Ийэлэрэ куукунаҕа иһит сууйара иһиллэр. Нина кэлин санаата көнньүөрэн ахан сылдьар. Дьэ, кини баҕарбыт санаата туолла! Кэргэнин улахан дуоһунаска анаатылар. Куорат киинигэр саҥа дьиэҕэ улахан кыбартыыра биэрэллэр үһү. Кини киэҥ сиргэ тиийэн тыйаатырга сылдьыа, бэйэтин курдук үрдүк таһымнаах дьону кытта алтыһыа. Бу тыа сиригэр уһуннук да олордулар. Кини куорат таһынааҕы бөһүөлэктэн төрүттээх буолан, бу ыраах тыа сиригэр тыына-быара ыгыллан да олордо. Маҥнай утаа учууталлаан иһэн, оҕобун, дьиэбин-уоппун көрөбүн диэн тохтообута. Онон дьиэтин сууйар-тарыыр үлэлээҕэ. Тыа сиригэр ханна сылдьыаҥый? Киинэҕэ баран кэлиэҥ. Сайын аайы соҕуруу сынньанар буоланнар, өссө тулуйан олордо.

      – Аҕа-а, мин манна оскуолабын бүтэриэхпин баҕарабын. Хайдах маҥнайгы кылаастан бииргэ үөрэммит оҕолорбун кытта тэҥҥэ үөрэхпин түмүктүөм суоҕай. Мин куорат оскуолатыгар олох үөрэниэхпин баҕарбаппын! Хайдах эрэ оҕолор буолуо, ол куораттар.

      – Барыта быһаарыллан турар ээ, чыычааҕыам. Онно баран эн куорат саамай үчүгэй оскуолатыгар үөрэниэҥ. Үөрэххэ


Скачать книгу