Эн онно хайаан да тиий. Николай Босиков

Эн онно хайаан да тиий - Николай Босиков


Скачать книгу
Ол иһин ыытаахтаабыт. Манна Кэбээйи эрэ соботун собо диир дьон үгүстэр. Олору барыларын биһиги собобутунан – Биэттэ соботунан мах гыннарар кыах суох. Ол иһин саамай бэртэрин, чобооххуйааччыларын собо сиэһинигэр ыҥырдыбыт. Тамара киириэх буолла. Кыыс Өлүөсэ биһиги собо буһарар чиэскэ тигистибит. Киһим, хоту дойду киһитэ буолан, собону аанньа ахтыбат, хайдах буһарылларын да билбэт. Корпуһу олоччу кэрийэн, улахан уон икки собо холкутук батар миискэтин буллубут. Собобутун сууйдубут уонна хатырыктаатыбыт.

      Собо барахсан буста. Ыалдьыттарбыт кэллилэр. Кэбээйи оҕото кыһыл көмүс кылдьыылаах ачыкылаах, бэрт чэнчис, ыраас Кеша, собону сөбүлүүр, күндүргэтэр киһи быһыытынан, собо сиэһинин дьиҥнээх бырааһынньыкка холуйан, биир бытыылка шампанскайдаах. Мин утары хос кыргыттарыттан тэриэлкэлэрин хомуйан киллэрэн собо сиэһинин остуолун тартым. Соболору бэрт үчүгэйдик тэриэлкэлэргэ ылан уурталаан, шампанскайбын аһан кырыылаах ыстакааннарга кутуталаан баран, доҕотторбун остуолга ыҥырдым.

      Балык минньигэһэ барыбытын тарта.

      – Хайа, Кеша, биһиги Биэттэбит собото хайдах эбитий, – диэтим киһим үөрэ-көтө аһыы олорорун көрөн.

      – Үчүгэй собо эбит, тугу да эппит иһин. Ол эрээри биһиги Ньидьилибит собото туохха холонуой?! Бу балык суоҕар – балык, собо суоҕар – собо буоллаҕа, – диэтэ Ньидьили оҕото.

      – Саатар, аһаан бүтэн баран сириэххин. «Балык суоҕар баҕа да балык» диэччилэр. Эн онно холуйдуҥ дии, быһыыта? Ньидьили собото бөдөҥ эрэ буолар. Минньигэһинэн, миининэн кыра күөллэр соболоро ордук. Көтөр этиттэн хайа да бэйэлээх хаастааҕар, кубатааҕар, андытааҕар – чөккөй, мороду этэ минньигэс буолар, – диэн Тамара куолулаан турда.

      – Итиннэ бэринэбин. Мин кыргыттары кытта хаһан да мөккүһээччим суох. Кинилэр ас амтанын, суолтатын хайаабытыҥ да иһин, биһигиннээҕэр, эр дьоннооҕор, ордук билэллэр. Тамара сөпкө этэр, – диэн Кешабыт санаабатах өттүттэн тиэрэ эргийдэ. Бары күлсэн, биһиги, өрүс уҥуордааҕылар, Тамараҕа махтана түстүбүт.

      – Мин кыра эрдэхпинэ үүттэн, үүт үрүмэтиттэн араас аһы астыыллара минньигэс да буолар этэ. Билигин ону умнубуттар, оҥорботтор. Ким да онно кыһаллыбат быһыылаах, – диэтэ Тамара.

      …Хомус тыаһын истэ олоробун. Ити биһиги хомуспут – сахалар хомустара тыаһыыр. Итини Москваттан биэрэллэр. Мин тоҕо эрэ өрдөөҥҥүтэ собо сиэбит, саха таҥаһын, культуратын, искусствотын туһунан кэпсэтиспит киэһэбин өйдүү түстүм. Доҕотторум бииртэн биир көстөн кэллилэр. «Үүт үрүмэтин сиэбит киһи» диэн баран Тамара төбөтүн кыҥнары быраҕан олороро, тугу эрэ толкуйдуура бу баар.

      АБЫРАЛЛААХ ҮҮТ

      Сарсын омук литературатын туттарабын. Күнү быһа библиотекаҕа олорон таҕыстым. Учебнигынан, конспегынан син аахтым. Биирдэ санаатахха, эргийэн көрдөххө билбэт курдукпун. Миигин кытта кэккэлэһэ олорон күнү быһа историяны аахпыт Тамара барда. Мин сарсын туттарар буоламмын, күммүн толору туһанар санаалаахпын.

      Өргө диэри аахтым. Барытын хат бэрийэн, бэрэбиэркэлэнэн көрдүм. Сөпкө дылы. Үчүгэйдик


Скачать книгу