Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Валерий Луковцев
иһин, итиччэ үлүгэр быһа-бааччы көҕүрээһин тахсыан табыллыбат. Бу биричиинэтин туһунан дириҥник, киэҥник ырытыһар, хоҥнохтоохтук кэпсэтэр кэм кэллэ дии саныыбын. Саарбахтааһына суох, нэһилиэнньэ ахсаана ити сөҕүмэр аҕыйааһына хоргуйан өлүүнү кытта быһаччы сибээстээх. Уонунан тыһыынча биир дойдулаахтарбыт, биир хааннаахтарбыт туох да буруйа суох эрээри суорума суолламмыттарын кэриэстиир, ахтар-саныыр кэммит кэллэ. Ити хайаан да биирдиилээн салайааччылар уонна аҕыйах дьон бөлөхтөрүн интэриэһинээҕэр үрдүктүк тутуллуохтаах.
Өлөр-өлүү, быстарыы түбүлээбит сүрүн биричиинэтэ туохханый? Онто да суох аҕыйах киһилээх республикаттан бачча үлүгэр элбэх киһи тоҕо хоргуйан өллө? Кинилэри быыһыыр, өрүһүйэр тоҕо кыаллыбатаҕай? Итиннэ араас биричиинэлэр баар буолуохтарын сөп. Мин санаабар, икки сүрүн биричиинэ баар быһыылаах. Бастакытынан, республика уонна оройуоннар оччотооҕу салайааччылара тыа сиригэр хоргуйан өлүү аһара үксээбититтэн, маассабай характердаммытыттан куттанан, ону тохтотор кыахтара суоҕун билинэн, норуокка итиэннэ дойду үрдүкү салалтатыгар адьаһын биллэрбэт, кистиир-сабар суолу тутуспут буолуохтарын сөп. Иккиһинэн, хоргуйан өлүүнү туох да суолтата суоҕунан ааҕан төрүт аахайбат, кыһаммат, дэҥ тыаттан киирэр биллэриилэри государствоны баһааҕырдыы курдук көрөн, күөмчүлээн, куттаан саба баттыырга дьулуспуттара буолуо.
Хайдаҕын да иһин, бу икки биричиинэ тосту, толоос, сүөргү быһыыттан атыннык сыаналаныахтарын сатаммат. Ону ааһан норуот иннигэр улахан ыар буруйу оҥоруу буолар. Тыа сиригэр үөскээбит быһыыны-майгыны бүүс-бүтүннүүтүн билэ-көрө олорон маассабай аччыктааһыны, дьон хоргуйан өлүүтүн таһаарыы, ама, сиэрдээх быһыыга киирдэҕэй, хайҕаллаах дьыала буоллаҕай?! Норуокка маннык иэдээни соҥнооһун, геноцид быһыытынан көрүллэн, сөптөөх сыанабыл бэриллиэхтээх.
Сэрии сылларынааҕы Саха сирин салалтата кыратыттан улаханыгар тиийэ, бу дьыалаҕа быһаччы сыһыаннаахтарын быһыытынан, эппиэтинэһи кинилэр сүгэллэр. Самалык биричиинэлэргэ сигэнэн, буруйу-сэмэни атыттарга сүктэрэ сатыыр сүөргү. Буруй олохтоох салайааччыга сытара көстөн турар суол. Үлэни-хамнаһы, дьыаланы-куолуну, үлэһиттэри барыларын иилээн-саҕалаан, салайан, хамаандалаан олорооччулар эппиэттээбэккэ, туораттан буруйу ким сүгүөн сөбүй? Өлөн эрээччилэр бэйэлэрэ дуо? Суох, кинилэр бэйэлэрин буруйдарынан хоргуйан өлбөтөхтөрө, атын туора күүс орооһуутуттан суорума суолламмыттара. Ол туора күүһүнэн эн – оччотооҕу салайааччы, буолаҕын.
Тоҕо көрө-көрө көрбөтөҕө, билэ-билэ билбэтэҕэ буолан кубулуммуккунуй, өлөн эрэри быыһаабатыҥ, өрүһүйбэтиҥ?! Оттон эн аһыыр аскын оҥорооччу, дэлэтээччи ити өлөн эрээччи буолбатах этэ дуо?! Тыа сирин дьонун, холкуостаахтары, аһы-үөлү оҥорооччулары хоргутан өлөрөн бараҥҥын кимнээхтэринэн государственнай былааны, фронт наадыйыытын толоруом диэн толкуйдаабыккыный? Эн, сэрии саҕанааҕы тыа сирин салайааччыта, мантан куотунар албаһыҥ биир: буруйдаахтар республика үрдүкү салайааччылара, обком, совмин. Киирэр сигналлары кинилэр тибэ олорбуттара диэҕиҥ. Ол биирдиилээн кииртэлээбит үҥсүүлэр, сигналлар улахан далааһына, уота-күөһэ суох буоланнар умулуннахтара.