Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Валерий Луковцев
үс биричиинэни: суту-курааны, сэрии үтүргэнин, салалта сыыстарыытын – ааттаан баран, «пренебрежительное отношение к человеку, игнорирование культурно-бытовых, исторически сложившихся особенностей быта якутского народа» диэн оччолорго мээнэҕэ этиллибэт бэрт хоһуун тылларынан түмүктүүр (ф.З, оп.71, д.81, л.58).
Оттон таблицаҕа эргилиннэххэ – бу биһиэхэ тиийбит кырдьыктаах да, оччотооҕу кэми таба өйдүүргэ туһалаах да докумуоннартан биирдэстэрэ. Ол гынан баран, бэйэм өйдүүрбүнэн туох да уратылааҕар тохтообокко ааһарым хайдах да табыллыа суох курдук. Туох-ханнык иннинэ таблица дааннайдара 1940 сылтан саҕалаан 1944 сылы хабалларын, 1945, 1946, 1947 сыллары хаппаттарын бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Аатыттан да көстөрүнэн, «Дальстрой» иһинэн дьон кэлиитэ-барыыта, өлүүтэ-сүтүүтэ көрдөрүллүбэтэҕин уонна көрдөрүллүө да суохтааҕын быһыытынан, 1940—1944 сылларга 54 тыһыынча киһи хаайыыга барбыта ыйыллыбыт эрээри, онтон төһөтө өлбүтүн-сүппүтүн таблицаттан булбаккын.
Нэһилиэнньэ республика иһинэн хамсааһына (ис миграция), ЛУРП-ка үлэлииргэ ылыллан баран, ыаллыы уобаластарга сылдьыбыт дьон төһөтө-хаччата таблицаҕа эмиэ көрдөрүллүбэтэх. «Всего мобилизованных» диэн графаҕа 3042 сыыппара турар. Бу туох да мунааҕа суох военкоматтарынан ыҥырыллан республика тас өттүгэр армия наадатыгар үлэҕэ барбыттар буолуохтарын сөп.
Ону манныгынан дакаастыыбын. Холобур, 1943 сылга, хоргуйан өлүү үгэннээн турар кыһыныгар, көмүс бириискэлэригэр таһаҕас таһыытыгар колхозтартан 8300 атынан 2180 кэриэтэ киһи сылдьыбыта (оп.115, д.2, л. 61). Түүлээх, балык булда сэрии кэмигэр эмиэ биир ыарахан түһээн этэ. Дьон түүлээх булдугар, Екатерина II ыраахтааҕы саҕана дьаһааҕы кииһинэн төлүүр кыһалҕаттан дьон Даурияҕа барарын курдук, атын улуустарга кытта барара, балыкка Муустаах муораҕа тиийэ киирэрэ. Ол курдук, эмиэ 1943 сылга колхозтартан түүлээххэ 10500 дьиҥнээх булчут, 1000 үөрэнээччи булчут, балыкка 40964 үлэлиир кыахтаах колхозтаахтан 1720 киһи сылдьыбыт (эмиэ онно, 61, 65 лл.). Маны таһынан 14-тэн үөһэ саастаах оҕолору ФЗО-ҕа (фабрика-завод үөрэҕэр) хомуйуу, шахталарга, тутууга эҥин үлэҕэ ыытыы кытта баара. Райисполкомнар нөҥүө мобилизацияламмыт дьону, соҕуруу сокуон, ыйаах таҕыста эҥин диэн, салгыы сылы-сылынан хаалларар түбэлтэлэрэ үгүс этэ.
Справка об естественном движении населения Якутской АССР
Ити дьон төһө үгүстэрин сабаҕалыырга «Окончательные итоги учета численности сельского населения ЯАССР» на 1/1-1945 докумуоҥҥа «численность населения всего, включая отсутствующих, 166642, в т.ч. отсутствующих – 18867, наличное население – 147775» диэн суруллубута көмөлөһөр (ф.З, оп.71, д.91, л.4). «Отсутствующие» диэн кимнээхтэрий? Хайдах да эргит, бу үөһэ ахтыллыбыт быстах үлэҕэ колхозтартан барбыт дьон буолаллара чуолкай. Тыа сириттэн быстах кэмҥэ барбыттар ахсааннарын, колхозтаахтарга сыһыана суохтары эбэн, 22434 диэн бэлиэтээбиттэрэ