Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Валерий Луковцев

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат - Валерий Луковцев


Скачать книгу
она не давала ему в школу роскошных завтраков. Все дети собираются вокруг него и глотают слюни. Валентина Мефодьевна была, конечно, недовольна. Но все-таки завтраки стали скромнее».

      Саха сиригэр 1938—1939 сыллартан кураан сута саҕаланан, кэлин салалта холбоһуктааһыны күүскэ ыытан, кэтэх сүөһүнү эһэн, алдьархай эбии мэҥэһик дириҥээбит. Өскөтүн ССРС үрдүнэн сэрии сылларыгар хас сэттис—ахсыс киһи өлбүт-сүппүт буоллаҕына, түгэх тыылга тыйыс килиимэттээх хотугу сиргэ олорор Саха сирэ хас үһүс киһитин сүтэрбит алдьархайыттан айманан, оччотооҕу саха бастыҥ дьоно, интэлигиэнсийэтэ, биирдиилээн да буоллар, киин былааска баар балаһыанньаны биллэрэ, суруйа сатаабыттар. Ол курдук профессордар И.М. Романов, А.Е. Мординов бырабыыталастыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Е.Е. Винокуров өрөспүүбүлүкэ уонна дойду салалтатыгар үөскээбит ыар балаһыанньаттан тыа сирин нэһилиэнньэтин быыһыырга сурук ыыталаабыттара. Суруйааччылар Ф.Г. Винокуров-Даадар, Н.Н. Павлов-Тыаһыт кырдьыгы эппиттэрин иһин сэбиэскэй былааһы баһааҕырдыыга буруйданан хаайыллыбыттара. Хоргуйуу тиэмэтин чинчийиини суруналыыстар Д.В. Кустуров, Н.И. Максимов, устуоруйа билимин дуоктара Е.Е. Алексеев, экономист Х.Н. Дьяконов маҥнайгынан сырдаппыттара, бэчээтинэн, радионан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыттара.

      Саха сирин хас оройуонун, холкуоһун аайы сутааһын тахсыбыта. Ол үрдүнэн нэһилиэнньэ нолуоктары таһынан күһэлэҥ аҥаардаах заемҥа суруттаран, оборуона фондатыгар итии таҥас, көмүс мал-сал, киэргэл, итии таҥас туттаран, «Советская Якутия» тааҥка холуонната, самолет эскадрильята тутулларыгар харчы сиэртибэлээн көмөлөспүтэ. Барыта 37,8 мөл харчы хомуллубута. 50 тыһ. ат аҥаардас киин оройуоннартан кавалерияҕа, артиллерияҕа, таһаҕас таһыытыгар ыытыллыбыта, онуоха эбии 27 тыһ. норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ көмөҕө, 19 466 ат көмүс хостооһунугар үлэҕэ босхо бэриллибитэ. Устуорук В.И. Пестерев даннайынан, 50 тыһ. тиийэ сылгы сэриилэһэр аармыйаҕа, үлэ фронугар, промышленноска Саха сириттэн ыытыллыбыт. Ол содулугар кураантан ото суох көнньүнэн охтубут ынах сүөһү оннугар, сатаатар, сылгыларын этиттэн дохуот ылыахтаах, көлүнэр ата суох буолан оҕуһу кытары ынаҕы көлүүр оҥостубут холкуостаахтар муҥнаахтар өлүүлэрэ, араас нолуокка, кыһалаҥ заемҥа төлүүрдэрэ суох буолан суукка бэриллиилэрэ, буруйга түбэһиилэрэ ордук улааппыта. Аҥаардас байыаннай нолуок 300 солк. эбит, ону харчынан хамнас ылбат, төлөбүргэ ылыахтаах дохуота да суох, босхо икки хараҥаттан хараҥаҕа диэри үлэлиир, кэтэххэ 1 ынах, 1 кыра сүөһү эрэ нэһиилэ көҥүллэммит, үлэни-хамнаһы кыайар дьоно фроҥҥа ньимси хомуллубут тыа сирин олохтоохторо туохтарынан төлүөхтэрэй?! Ол да иһин, норуотун имири эстэртэн өрүһүйбүт күн санаалаах Илья Винокуров оҥотторбут «Справка о естественном движении населения ЯАССР» (СР Национальнай архыыбын филиала, 3 ф., 71 оп., 81 дь., 58 л.) диэн докумуонугар 1940—1941 сылларга суукка дьыалалара түһэриллибиттэр, хаайыыга бириигэбэрдэммиттэр ахсааннара туһааннааҕынан 67 643 уонна 53 938 сыыппараҕа тиийбит. Бу маннык аҕаларын, уолаттарын, убайдарын фроҥҥа бүтүннүү кэриэтэ ыыппыт,


Скачать книгу