Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. Валерий Луковцев

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат - Валерий Луковцев


Скачать книгу
босуобуйа көмөнү Саха сирин оччотооҕу кэмин салалтата тыа сирин нэһилиэнньэтигэр оҥотторботоҕун кэриэтэ быһыылаах эбит. Нолуоктарын иэһин суотугар диэн ааттаан, сэриигэ барбыт дьон дьиэ кэргэттэрин, фроҥҥа өлбүттэр тулаайахтарын соҕотох ынахтарын тутан ылан өлөр өлүүгэ өйдүү-өйдүү анньыы, эбэтэр төлөөбөтөх буруйдарыгар диэн суукка биэрэн хаайыыга ыытыы курдук ыар аньыылаах дьайыы оччотооҕуга күннээҕи баар балаһыанньа эбит. Итинник киһи сатаан санаатыгар батарбат ыартан ыар балаһыанньатын туоһулуур Ньурба хорсун киһитин иһитиннэриитэ архыыпка хараллан сытар холобурун аҕалабыт.

      Тыаһыт 1942 с. алтынньы 1 күнүгэр силиэстийэҕэ биэрбит көрдөрүүтүгэр (Н.З. Копырин бэчээккэ архыыптан киллэриитэ) илэ бааччы түбүлээбит иэдээн туһунан бу курдук этээхтээбит: … «Правильное решение крестьянского вопроса, как говорил Ленин, есть правильное решение национального вопроса. Раз крестьянский вопрос решается неверно, раз национальный доход Якутской республики из года в год все уменьшается, то как быть носителю этого национального дохода – якуту-крестьянину? Подобные рассуждения привели меня, и не могли не привести в то убеждение, что якуты, как национальное целое, стоят на краю гибели. И действительно, в годы 40-й, 41-й, 42-й колхозники Чурапчинского, Горного, Кобяйского, Мегино-Кангаласского, Усть-Алданского районов умирали от голода; такое, скажем, вымирание приняло массовый характер, это всем хорошо известно. А между тем руководители якутских партийных и советских организаций и учреждений на это смотрели сквозь пальцы. И если в самые последние дни, летом 1942 года якутское правительство сочло нужным улучшить положение чурапчинцев – и то вышло наоборот, «первый блин с комом». Чурапчинцев перевели в Булунский, Жиганский и Кобяйский районы на охоту и в рыболовы, т.е. земледельцев и скотоводов перевели в охотники! Это ли правильное решение национального вопроса?.. Эти эксцессы, которые подорвали мои надежды на то, что Советская власть, вернее, коммунисты правильно решают национальный вопрос…(Мин бэлиэтээһиним. – Хомуйан оҥорооччу)

      Я подробности своей речи хорошо не помню. Скажу то, что помню: Во времена исторических катастроф (имел ввиду войну) судьбы карликовых национальностей решались всегда одинаково – они были сметены с карты мира. Потому якутские писатели… и якутские интеллигенты должны работать единодушно, не разобщаться, не враждовать, как это у нас было. Нас мало, великие нации могут нас поглотить. О направлении же этой совместной деятельности ничего определенного сказано не было …»

      Сэрии хонуутугар, тыылга эмсэҕэлэммэтэх дьиэ кэргэн сахаҕа суоҕун кэриэтэ. Чопчу холобурдары аҕыннахха, төрөөбүт нэһилиэкпиттэн, Таатта Баайаҕатыттан, балтараа сүүс дьон талыыта фроҥҥа аттаммытыттан аҥаардара кыргыс толоонугар хаалбыта. Ол иһигэр биир дьиэ кэргэнтэн Хобороос Малгина уолаттара – биэс бырааттыы Малгиннар уонна күтүөттэрэ. Аҥаардас, бэйэм аймахтарбыттан холобурдуур буоллахха: 11 оҕолоох Х.Р. Луковцев дьиэ кэргэниттэн


Скачать книгу