Баай барыылаах Байанайдан. Андрей Яковлев

Баай барыылаах Байанайдан - Андрей Яковлев


Скачать книгу
кутаҥнас кутанан эрэһиинэ тыыбын соһон, биэрэгиттэн эмпэрэтиҥи болоорхой уулаах, төгүрүктүҥү моһуоннаах күөлгэ икки илими үөс чорооххо холбуу баайталаан, илимнэрбин икки аҥыы атытан сэлэлии биэрэги бата үтэн кэбистим. «Эбэ Хотун бэристэҕинэ бэйэбит айахпытыгар уонна ыттарга ас баар буолуоҕа», – диэн бигэ санаалаах кытыыга таҕыстым. Мантан салгыы Тарыҥ үрэх уҥуор тахсыахтаахпыт. Сынньана олорон Куочукка түүлбүн кэпсиибин.

      Конец ознакомительного фрагмента.

      Текст предоставлен ООО «Литрес».

      Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.

      Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.

      1

      Аартык – суол саҕаланар төрдө.

      2

      Эбэ – бултуур күөл харысхал аата.

      3

      Кулуһун – күөс күөстэнэр кутаа онно.

      4

      Оллоон – чэй өрүнэргэ күөһү (биэдэрэни, хочуолу) ыйыыр мас.

      5

      Үөттүрэх – уоту булкуйар мас.

      6

      Үүтээн уораана – уһун кэмҥэ тоҥон турбут үүтээн тымныйбыт (уораана) салгына.

      7

      Хомурах куһа – сааскы бастакы кустар.

      8

      Сиҥэ – муус үрдүнэн халыйбыт хаар былаастаах уу.

      9

      Мончуук – тыыннаах куһу үтүгүннэрэн оҥоһуллубут кус күлүгэ.

      10

      Хомурах кумаара – кытархайдыҥы дьүһүннээх, дыыгынас саҥалаах бөдөҥ кумаар.

      11

      Сыымах – кыралаан, сыыйан курдук, кус өлгөмө суохтук айанныыр кэмэ.

      12

      Ырбыы – күөл мууһун быһыта сиэн ууну кытыытынан эргийэ тахсыбыт дьуххарбыт уу.

      13

      «Арай кусчут манньыйар» – ааптар.

      14

      Үөл кус – уу куһа. Киирэллэр: умсаах, биргинэх, орулуос, о.д.а.

      15

      Анды – турпан (нуучч.) Муора куһа.

      16

      Этэҕэ – бормыш (нуучч.) Таракаан курдук күөхтүҥү өҥнөөх уу үөнэ.

      17

      Дурда – булчут куска олорор хаххата.

      18

      Ыам кумаара – собо ыамын кэмигэр кыынньан тахсар бырдах бииһэ.

      19

      Амахтаабыт кус – тыһытыттан арахсыбыт атыыр кус.

      20

      Бырдах – киһи, сүөһү хаанын уулуур дыыгынас саҥалаах кынаттаах үөн.

      21

      Кэйээриҥнээһин – күөлү кыйа устан, тыалга оҕустаран, андылар кэннилэриттэн батыһан кустары үүрэн ытыы албаһа.

      22

      Быыралааһын – чуумпуга күөлгэ киирэн хойобул кустары умуһуннара сылдьан, көбөн тахсыбыттары ытан ылыы албаһа.

Скачать книгу