Хотун Куо. Ойуур Уйбаан
Аны уолбун, сиэммин Сиэнчиги хоту кучуйан илдьэ барыаҕа», – диэн кийиитигэр кыһыйан-абаран этэн аһарар. Эдэр ыал олоҕор орооһуо да суох этэ…
Күннэй бэйэтин олоҕун да оҥостуммакка сылдьан, убайын сиилии олороруттан сонньуйда. Оскуоланы, университеты ортотук үөрэнэн бүтэрбитэ, онон киһиргэнэрэ суох курдук. Үс сыл устата баара-суоҕа институт лабараана. Хамнаһа кып-кыра, сотору-сотору төрөппүттэриттэн харчы көрдөһөр. Тус олоҕо да табылла илик. Ийэтэ билэрдии суоппар Дьулуска эргэ биэрэ сатыыр. Күтүөт оҥостуон күн баҕалаах: «Көрсүө-сэмэй бэртээхэй уол. Күүһэ-уоҕа, үлэһитэ, толоругаһа сүр. Эйиэхэ иҥээҥниир да, чугаһаппаккын. Үчүгэй уолу куоттарарыҥ буолуо», – диэн күллэрээччи. Кыыһым соҕотох сылдьан хаалыаҕынааҕар, бэйэ билэр уолугар эргэ таҕыстын диэхтиирэ буолуо…
Кыахтаах, өйдөөх, баай, үрдүк култууралаах эрэ эр бэрдэ кини сүрэҕин сүүйүөн сөп. Бу аттыгар олорооччу «дьээдьэ» барсыан сөп курдук. Ол эрээри уҥа илиитин тарбаҕар кыһыл көмүс биһилэх ойохтооҕун биллэрэн кыһыылаахтык кылбачыйарын бэлиэтии көрдө. Буолумуна, арыый да үчүгэй эр дьону сытыы-хотуу кыргыттар сүгүн сырытыннаран бэрт. Былдьаһа-тарыһа эрийэн хачыгыратан, иннин ыллахтара ээ. Ол да буоллар эр бэрдэ, көҥүл-босхо барбычча, сүгүн-саҕын сылдьыбакка киниэхэ иҥээҥниир дуу? Дьиктитэ диэн, сүрэҕэ тоҕо эрэ минньигэстик нүөлүйэр…
Андрей Николаевич кыыс нарын-намчы синньигэс тарбахтарын таарыйда. Соһуйбуттуу утарыта көрүстүлэр. Кыыс сүрэҕэ күүскэ тэптэ, хайдах эрэ долгуйа быһыытыйда. Ону биллэримээри, иллюминаторы одууласпыта буолла.
Сөмөлүөт биир кэм көтөн куугунуур. Аллара киэҥ-куоҥ хонуу, тыа, онон-манан күөллэр, кэбиһиилээх оттор көстөллөр. Бай, аны өрүс араастаан эрийэ-буруйа кылбайа субулунна…
– Дьокуускай кэллэ! – ким эрэ үөрэ-көтө саҥа аллайда.
АН-24 Маҥан авиапордугар түһэр тыаһа иһилиннэ. Көтөр аал абырала дьэ ити. Чаастан эрэ ордугунан көтөн күпсүтэн кэлэ оҕустулар. Массыына эбитэ буоллар үнтү сахсыллан, сылайыа-элэйиэ аҕай этилэрэ.
Күннэй саҥата суох кытай тирии суумкатын ылан аан диэки дьулуста. Аҕыйах буолан, үтүрүһүүтэ-анньыалаһыыта суох сөмөлүөттэн түспүттэригэр күһүҥҥү сөрүүн тыал кууһан ылла.
– Саргылаана, куоракка тугунан бараҕыный? – диэн дьокутаат дьоһуннаах куолаһынан ыйытта. Хата, сэнээбиттии көрбөтө, улахамсыйа туттубата.
– Такси сыаната ыарахан, онон бука оптуобустанарым буолуо, – кыыс көнөтүнэн эттэ.
Онуоха эр киһи аһына санаатаҕа буолуо, бэйэтин джибинэн илдьэн биэрэргэ тылланна.
– Даа, эчи үчүгэйин! – Күннэй үөрэн мичилийэ түстэ.
Туора эр дьонтон дьиксинии бөҕө буолар этэ да, саҥа билсибит киһитэ тугу этэригэр барытыгар сөбүлэһиэх курдук туруктанан хаалбытыттан бэйэтэ да соһуйда. Эр дьон хараҕа быраҕыллар көстүүлээх кыыс буоларын билэр. Ол эрээри хаһан да үрдүк дуоһунастаах дьону кытта ханыылаһан, айах атан кэпсэтэ илик. Онон барыта соһуччу, сонун. Салгыы хайдах туттуон, саҥарыан-иҥэриэн да