Хотун Куо. Ойуур Уйбаан
быһыылаах. Оччотугар истиҥ кэпсэтии тахсыа суох, дьиэтигэр илдьэ оҕустахха табыллыыһы.
– Ханнык аадырыска илдьэбин? – Андрей Николаевич тугу ыйыталаһыан билбэккэ олорбохтоон баран, салгыы сэлэһэр сылтаҕы булла.
– Дзержинскэй уулуссаҕа, эдэр учуонайдар уопсайдарыгар. Мантан балачча тэйиччи ээ… – Күннэй хайдах эрэ килбиктик хоруйдаата. Сөбүлээбэт боппуруоһун таарыйтаран, барбах кумуччу тутунна.
Андрей Николаевич ону кыыс кырытыннара көрдө дии санаан, хомойбут көрүҥнэннэ.
– Мин быйыл учуонай степеммин көмүскээн, наука кандидата буоллум, – диэн Күннэй эмискэ айаҕа аһыллан, бэйэтин ситиһиитин быктарда.
– Бай, бачча эдэр эрээри дуо? – Андрей Николаевич соһуйан, кыыс диэки эргиллэ түстэ.
– Оччо эдэр буолбатахпын. Сүүрбэ биэс саастаахпын ээ.
– Мин отут алта саастаахпын да, учуонай степеним суох.
– Буола да сатаабатыгыт ини.
Кэрэ кыыс Андрей Николаевич кинини сэҥээрэ көрбүтүн сүрэҕинэн таайда. Бэйэтэ да көрдө көрөөт, кэрэхсээтэ дуу? Бу киэһэ бүтүмүөн, салгыылаах буолуон баҕарда. Сөптөөх тиэмэ тула сэһэргэһэн, сүрүн сыалын ситиһэргэ далаһа бырахта. Кыахтаах киһи көмөлөс диирдии таайтаран эттэ. Итинтэн сиэттэрэн сыыйа айахтара аһыллан, күө-дьаа истиҥник сэлэһэ олордулар.
Күһүҥҥү ардах курулаччы түстэр да, киэһээҥҥи Дьокуускай ордук киэркэйбиттии, суунан-тараанан тупсан, тыһыынчанан уот лаампаларынан тырымныы сандаара көрүстэ. Килэйбит-халайбыт киин уулусса устун маҥан өҥнөөх Архипов джибэ сыыйылыннаран кэлэн, эдэр учуонайдар уопсай дьиэлэрин аттыгар тохтоото. Күннэй массыынаттан тахсаат, тиэтэйэ-саарайа хааман сэгэлдьитэн иһэн, төһө да кыбыста санаатар, кэннин эргиллэн көрдө. Андрей Николаевич массыынатын түннүгүн сэгэччи аһан кинини одуулаһа олорорун, өссө хараҕынан имнэнэрин көрөөт, долгуйбутун биллэримээри мичээрдээт, уҥа илиитинэн сапсыйда уонна аны «дьон көрөн сиилиэ» диэбиттии, бэрт чэпчэкитик үрдүк кирилиэһи тахса турда.
2
Күннэй уопсай дьиэ тимир аанын аһан иһирдьэ киирэн, вахтер эмээхсин тыйыс сирэйин көрөөт, үөрбүтэ-көппүтэ сүтэ охсон хаалла.
– Бэҕэһээ эһиги хоскутугар айдаан тахсыбыт. Хабалыаргыт дуома холуочук кэлэн түннүккүтүн алдьаппыт. Хата эр киһи элээмэтэ буолан, буруйун билинэн, бэйэтэ кэлэн оҥоро сылдьар. Кыргыттар, арыгыһыт уолаттары чугаһатымаҥ, бүгүн эрдэ утуйаарыҥ! – Күннэй үһүс этээскэ тахсаары турдаҕына вахтер, кытаанахтык батарыта көрүтэлээн, кыыһырбыт омунугар кэлэҕэйдээн ыла-ыла, саҥаран бабыгыраата.
Ол аата, Люция Мишката холуочук кэлбитин хоһугар киллэрбэтэҕэ буолуо.
– Сөп-сөп, барытын өйдөөтүм, – Күннэй эмээхсин мөҕөр-этэр тыла-өһө сытыырхайан, устунан силистэнэн-мутуктанан барыахтааҕын сэрэйэн, тэскилии эрэ охсоору хап-сабар хоруйдаат, хобулугун тыаһа тоһугуруу турда.
Кыыс оҕо өр-өтөр буолбакка үһүс этээскэ тыбыгырайан таҕыста. Хоһун аанын аһан иһирдьэ киирдэ. Оо дьэ, сэрэйбит сэрэх! Люция кыыһырбыттымтыбыт