Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
таба салгыны сытырҕалыы турарын курдук сэгэйбэхтээн, тула хайыспахтаата. Ыраах харааран эрэр тыыны көрөөт, дьигиһис гына түстэ. Ыраас харахтарын кэҥэттэр-кэҥэтэн, дьиэгэниччи көрдө. Иҥсэлээхтик, нэмийдэр-нэмийэн, салгыны эҕирийбэхтээтэ. Онтон соҕотохто ууга ыстанан кэбистэ, үрдүнэн сырдык таммахтар өрө ыһылыннылар. Уу түгэҕин суптурута көрүөлүү-көрүөлүү, икки илиитин иннин диэки ууммутунан, төттөрү-таары сүүрэкэлээтэ. Онтон уолун быһа үктүү сыһан, тымныы ууну үрдүгэр саба ыһан, сыыры өрө сүүрэн таҕыста.
Түөһүн түгэҕиттэн эһитэ охсон түргэн-түргэнник: «Микиитээ… Сыччыай, Микиитээ!..» – диэмэхтиир, бүдүрүйэн охто-охто, сыыр сирэйинэн сүүрэкэлиир. Онтон арҕастыы үүнэн лөглөйөн турар иирэ талаҕы эргийэ көтөн эрдэҕинэ, уол саспыт сириттэн ойон туран, балаҕанын диэки тэбиннэ. Үөһэ иирэлэр төбөлөрө түрдэс гыннылар, хаппыт лабаалар тыастара кумаланнылар. Микиитэ мэнигилээн олустаабытыгар ийэтэ чанчыгын тардаары эккирэтистэҕинэ, уол таһы куотан тамаһыйан хаалар буолара.
– Билиҥҥиттэн ситтэрбэт эбээт! Бэйи, буруйгун мунньан-мунньан баран, биирдэ муунталаһарбыт буолуо! – диэн сааныһыы буола-буола, утары умнуллан иһэр этэ. Ол үөрүйэҕинэн уол эрэллээхтик түһэн кэбистэ.
Кумах суолунан кини уончата ойбото быһыылаах, ийэтэ саба сүүрэн кэлэн, аҥаар илиитинэн туора харбаан ылла да, туохтан эрэ былдьаан куотан эрэр киһи курдук, сыыры өрө сүүрэн маҕыйда.
Сыыр үрдүгэр таһааран оҕотун туруоран кэбиһээт, икки харытыттан харбаабытынан сиргэ лах гына олоро түстэ.
– Ий-аа, тыы бэйэ-таа!.. – уол быһаарсыах курдук буолан иһэн, ытаан марылаан барда.
Ийэтэ бобо кууһан ылла. Хараҕын кытаанахтык быһа симэн баран, улам кытаатыннаран кууһа-кууһа, оргууй биэтэҥнии-биэтэҥнии, ботугуруу олордо:
– Тыы бардыын-бардын ууга!.. Бардыын-бардын бэйэтэ!..
Өр олордулар быһыылаах. Микиитэ нухарыйан барда. Онтон ийэтин саҥатыттан уһуктан кэллэ.
– Бэйи, аны баайдарбыт халҕаһалыы анньан көһөн иһэллэр. Дьиэбитигэр киирэ охсуохха.
Соҕуруу тыаҕа сүөһү үүрэр аймалҕан бөҕө буолбут. Тыа саҕатынааҕы талахтар быыстарыттан ынахтар мүлүкүччүһэн тахсан эрэллэр. Балаҕан иһигэр Өлөксөй ытаата. Кумах сыстан эриэн буолан бараннар, ийэлээх уол балаҕаннарыгар сүүрдүлэр. Балаҕаҥҥа киирээт, Сөдүөччүйэ: «Сыгынньахтанан, сыта оҕус!» – диэбитинэн, Микиитэ илиитин ыһыктан кэбистэ уонна сууланан сыппыт таҥаһын хаһыйа тэбиэлээн баран, ороҥҥо ытыы олорор Өлөксөйгө ыстанна.
Микиитэ сыгынньахтана сатыыр үгүс таҥаһа суох киһи, ньылбы сытыйбыт торбос ыстаанын сиргэ тэбэн кэбистэ да, нэк суорҕанын анныгар киирэн хаалла.
Дьиэ таһыгар сүөһү маҥыраһыыта, киһи айдаана, ыт үрэрэ сүрдэннэ. Микиитэ тулуйан сыппата, суорҕанын анныттан оронон тахсан, эһэтин арбаҕаһын бүрүнэ быраҕынан, соспутунан таһырдьа нырылыйан таҕыста.
– Сүөһү тэпсиэ, сэрэн!.. Илин диэки көрө сырыт, биһиги дьоммут эмиэ кэлиэхтэрэ, – диэн Сөдүөччүйэ хаһыытыы хаалла.
Микиитэ балаҕанын үрдүгэр ынчыктаһан таҕыста. Бэһиэлэйэптэр дьиэлэрин