Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
кыратык дьигис гынна уонна ыаҕаһын халбарытан, оҕонньор диэки хайыста. Били күлэ-үөрэ олорор дьон бары кирийдилэр, кыччаатылар, суһуктуйдулар. Кэпсии-ипсии чаҕаарыйа олорбут Балааҕыйа тута бүдүк кырдьаҕас эмээхсин буолан хаалла. Сэмэн уот кытыытыгар тиийэн көхсүнэн турунан баран, чэлкэхтээх киэҥ харахтарынан тымныы-тымныытык ол-бу диэки кынчыатыы турда, туора киһи баар эбит диэн кыратык да сэҥээрэ барбата, халтарыта көрүтэлээн аһартаата. Ол курдук турбахтаан баран, эмиэ хоһооно суохтук кылана түһээт, бардьыгынаан ыйытта:
– Хайа, чэйбиэт?
– Ситэ оргуйа илик ээ, – диэтэ эмээхсин, бэрт улахан буруйдаах быһыынан.
Оҕонньор тугу да саҥарбакка эрэ, чаанньыгы сулбу тардан таһааран оһох кэннин диэки уунан умса тутан кэбистэ уонна кураанах чаанньыгы холумтаҥҥа иҥнэри бырахта.
– Бу ас хаһан!.. – диэн хаһыытаат, уокка кыынньа турар чугууннаах үүт диэки иҥиэттэн кэбистэ.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.