Сааскы кэм. Амма Аччыгыйа
өстөөхтүк өрө чаҕылла түһэр, дьэ эбии түргэтээн битийиктэнэр, суолтан туора хааман быһа түһэн Сэмэни арыылаан ааһарга оҥостор. Оҕонньор итинник тымныы кэпсэтииттэн кыратык да соһуйбат, хоргуппат. Саҥата дьэ ордук наҕылыйар:
– Дьэбдьиэ, табахтааххын дуо, тардыах эрэ.
Анарааҥҥыта ааһа көтөн мэтэстэнэн иһэн эһитэ охсор:
– Суох, суох! Эн миэхэ араас буолан бэлэстэтимэ!
Оҕонньор мэлийбитэ чахчы буолан, дьон имнэниһэн кэбиһэллэр.
– Дьэбдьиэ, уостааххын дуо, уураһыах эрэ.
– Суох, суох!..
Кэбиһиллэн эрэр оттор үрдүлэриттэн, тулаларыттан дьон соҕотохто күлэн ньиргиһэ түһэллэр. Дьэбдьиэ алҕас саҥарбытын сэрэйэн, эмискэччи эргиллэр:
– Туох, туох диир?!
Оҕонньор уҥуохтуун-сүһүөхтүүн накыйар, төбөтүн кыҥнатар, чахчы көрдөһө быһыытыйар:
– Табахтааххын дуо, тардыах диэтим, ыксаабычча…
– Суох диэтим!
– Уостааххын дуо, уураһыах диэтим, таптаабычча…
Дьэбдьиэ тугу этиэн, хайдах өһүргэниэн билбэккэ тэпсэҥэлии туран, күлэн чачыгырыы түһэр:
– Сатана уолун араас тыла диэн!..
Оҕонньор утары хардыылаамахтаан халбыҥнаталаан кэбиһэр да, хоппо күрдьэх курдук ытыһын утары уунар:
– Аҕал эрэ, үлэҕэ баттатан өллүбүт ээ. Үлэ киһитэ бэйэҥ билэҕин.
Дьэбдьиэ саппыйатын көтүтэн таһааран икки тарбаҕын төбөтүнэн кытаахтаан ылан кырбаммыт табаҕы оҕонньор ытыһын ортотутар уурар. Оҕонньор ытыһын муннугар сыһыары тутан сытырҕалыыр уонна этэр:
– Бэйэҕэр да суоҕа бэрт буолаахтаатаҕа…
– Миэхэ хантан дэлэйиэй?
– Оттон хайыай, оннук ээ… – Оҕонньор аны биир ытыһын тоһуйан куду анньар.
Дьэбдьиэ эмиэ икки тарбаҕын төбөтүнэн кытаахтаан оҕонньор ытыһын ортотугар уураат, өйдөнө охсон, өрө татынньахтыы түһэр:
– Хайа, иккиһин биэрдим дуу, аҕал бэттэх!
– Дьэбдьиэ, абыраатаҕыҥ бу дии…
Оҕонньор аргыый салбыҥнаан төннүбүтүн, оттор үрдүлэриттэн таҥнары сурулаан түһэ-түһэ, онтон-мантан сырсан кэлэн төгүрүйэ көтөллөр. Үөрүү-көтүү буолар, үлэ күүһүрэр…
Сэмэн оҕонньор үтүө майгыннаах, күлэ-оонньуу сылдьар киһи. Кини хараҥа дьиэтин, эйэлээх дьиэ кэргэнин аламаҕай майгына сырдатара буолуо.
Сэмэни Микиитэ хайаан да көрүөн баҕарар. Арай кинини көрдөҕүнэ көхсө кэҥиэх курдук. Ойон туран бэрт тиэтэлинэн дьулуруйан тиийэн сааһыгар сылдьыбатах балаҕаныгар көтөн түһэр.
Сэмэн оҕонньор эмээхсинэ бэрт үтүө майгыннаах, мэлдьи күлэн, табах дьаатыгар ыас хара буолбут туора-маары тиистэрэ ардьарыттан көстө сылдьар, хап-хара Балааҕыйа эмээхсин сүөгэй иирдэ олорор эбит. Өртөн көһүппүт ыалдьыта кэлбитин курдук эйэҕэстик көрүстэ. Микиитэни кытта бииргэ үлэлиир ньаллырҕай Уйбаан – киһи саккыраҥа, дьиэлээх тойон быһыытынан тэйгэҥниир, хаадьаҥныыр, көрдөөхтүк саҥара-саҥара күлэр. Оҕонньордоох саамай кыра, уон биэстээх-алталаах мааны кыыстара – мору-молтоҕор сирэйигэр бүлтэркэй харахтардаах кырасыабай Биэрэ түргэн-түргэнник