Түүл буолан сүтүмэ. Галина Нельбисова
баар, салайар кадрдары бэ-лэмниир техникумҥа барыаҕыҥ» диэн этиитин үөрүү-нэн ылынан, сэмээр тэриммиттэрэ ыраатта.
Үөрэнэн бүтэн хосторугар кэлэн чэйдии олорон ким тугу кэтэрин, баттахтарын хайдах оҥостоллорун кэпсэтиитэ буолла.
– Чэ, кытаатыҥ, эдэрдэр. Баҕар, биригэдьиирдэр, управляющайдар, совхоз директордарын хотуттара буолар аналлааххыт буолуо. Үчүгэйдик оҥостуҥ, – Варялара мэлдьи буоларыныы холку, киниэхэ эрэ сыһыана суох биэчэргэ барар курдук саҥарар-иҥэрэр.
– Варя, эн дьону дьаһайа олорума, хата, эн биһик-ки биир саастыылаахтарбыт бааллара буолуо. Бу кыр-гыттар аналлара манна Сэргэлээххэ хаама сылдьар ини, – Марианна Варятын сэргэхситэ сатаата.
– Бу кыыс хойутуура буолуо, тоҕо да бүгүн бараҕытый, ол тётяҕытыгар? – Аня сиэркилэ иннигэр эргичийэ-эргичийэ таҥас мээрэйдэнэртэн ордубат.
– Оля бүгүн арыый сололоммут быһыылаах. Ха-йаан да барыахпын наада. Куттаныма, Аня, хойутуом суоҕа, – Даша таҥнан-саптан Олята кэлэригэр бэлэмнэнэр.
– Марианна, эн мин хааспын оҥоруох буолбутуҥ дии, – Аня хаас үргүүрүн туппутунан ороҥҥо олорор Марианнаҕа кэллэ.
– Оччоҕо «брежневскэй» хааспыт суох буолар дуо. Иһити хомуйуҥ, билигин кыыспын оҥорон биэриэм. Ааспыттааҕы курдук, остуол үөһэ сыттык ууран баран үргүөхпүт, – Марианна ааспыт сырыыга бииргэ үөрэнэр кыыстарын Лизаны хааһын үргээбит, кулгаа-ҕын үүттээбит «опыттаах».
Даша Олята кэлэн автобус тохтобулугар бардылар. Ахтыспыттар ахан, иккиэн да сонуннара баһаам эбит. Автобустан түһүөхтэригэр диэри астына кэпсэтэн тиийдилэр.
Ираида Никоновна кыргыттар киирэн кэлбиттэ-ригэр соһуйда ахан. Массыынаҕа таҥас сууйтара сыл-дьар эбит.
– Оленька, телефоннуоххун. Тугу эрэ астыам этэ буоллаҕа дии. Дьэ, билигин тугунан күндүлүүбүн, – Ираида Никоновна куукунатыгар киирэн тугу эрэ бэрийэн барда.
– Хайдах эрэ барыта ыксал. Тётя Ида, ончу ох-торум буолла. Биирдэ да соло буолбаппыт. Атын фа-культеттары көрө-көрө ымсыырыах курдукпун. Үөһээ курска чэпчиэ дииллэр да, – Оля куукунаҕа киирэн үөрэҕин түбүктэрин кэпсээн-ипсээн барда.
Даша да иһиттэҕинэ, киһиттэн улахан дьулууру, сыраны ылар үөрэх. Оля оҕо эрдэҕиттэн эмчит буолар эрэ баҕалаах этэ, куукуланан, бэйэлэрэ ыал буола да оонньоотохторуна кини мэлдьи маҥан халааттаах эмчит буолара. Иккиэн биир идэҕэ интэриэстээх дьон кэпсэтиилэригэр мэһэйдэспэт санааланан Даша саала-ҕа дьыбааҥҥа олорон хаһыаттары, сурунааллары көрө олордо. Чуумпу, ыраас дьиэҕэ олорор үчүгэйин! Уоп-сайга олорор туспа тартарыылаах, интэриэһинэй эрээ-ри, киһи дьиэ усулуобуйатын эмиэ сытыытык ахтан кэлэр түгэннэрдээх. Даша дьиҥинэн дойдутун, дьиэ-тин-уотун, ийэлээх-аҕатын саныыра кэмэ суох. Ордук киэһэ утуйаары сытан, эбэтэр сарсыарда уһуктан ба-ран дьиэтин санаан хараҕын уута тахсан, мунна кычыгыланан ылар. Дьоно да кинини суохтаан эрдэх-тэрэ. Ийэтэ үлэлэри, хотоннору, дьиэлэри бэйэтэ эр-гийэрэ буолаахтыа, аҕата өрөбүлүгэр эрэ көмөлөһөн эрдэҕэ. Урут дьиэ иһин Даша көрөн-истэн олордоҕо дии. Оо, хаһан эрэ кыһыҥҥы сынньалаҥ буола охсон тиийэр!