Түүл буолан сүтүмэ. Галина Нельбисова

Түүл буолан сүтүмэ - Галина Нельбисова


Скачать книгу
дьэ кимиэхэ кэргэн тахсыай? Кандидат да суох. Паапабыт төннөбүн диэн суруйа сатаабыта дии, ону аккаастаммыта.

      – Ол сөпкө гынар. Алдьаммыт иһити килиэйдиир туохха нааданый? Эһиэхэ саамай наада кэмигэр, кып-кыра эрдэххитинэ ытаппытынан быраҕыталаан баран, сирэйэ сааппакка өссө сурук суруйа сатыыр. Бэлэмҥэ кэлээри. Уолаттара аны кэлэн бырастыы гымматтар ини. Күүскэ хомойбуттара хаалбыт. Маамаҕын манна ыҥыран оһуокайга эҥин сырытыннарыахха баара, баҕар, биир эмэ киһини сөбүлүү көрүө этэ.

      – Биирдэ эмэ ыҥыран көрүөххүн. Мин санаабар, соҕотоҕун сылдьарын сирбэт, оннук олоххо үөрэнэн хаалбыт курдук.

      – Дьэ, быйылгыттан соҕотохсуйуон сөп. Уолаттар барбыттарын кэнниттэн эн баар буоллаҕыҥ дии. Үлэт-тэн кэллэҕинэ ким да суох буолуо, тыбыс-тымныы дьиэ көрсүө. Өссө куоракка соҕотох дьахтар кыһалҕата кэм аҕыйах. Оттон тыаҕа ото-маһа, уута-хаара… Саныы-саныы саллабын. Аҕаҕыт барбытын кэнниттэн куоракка көһөрө сатаабытым, буолумматаҕа дии.

      Лилиялаах Людмила Дорофеевна түүн үөһэ ааһыар диэри кэпсэтэ олорон хааллылар.

* * *

      Даша бүгүн дьонуттан сурук тутан үөрэн олорор. Ийэтэ, соло буолан сотору-сотору Даша суруктарыгар эппиэттэһэр кыаҕа суох. Этэҥҥэ олороохтууллар эбит. Биллэн турар, үтүө эрэ сонуннары суруйар, аҕаларын доруобуйата мөлтөөбүтүн Даша дьонтон истэн ыксыыр. Хайдах эрэ эмискэ дьүдьэйэн хаалбыт үһү, улуус киинигэр көрдөттөрө ыыта сатыылларын исти-бэт дииллэр. «Роза сотору-сотору киирэ-тахса турар. Ирочка эн бэлэхтээбит хаһаайыстыбаҕын тэнитэн оонньуур да оонньуур. Киирдэхпинэ үөрүү-көтүү буолар. Оляҥ ийэтигэр ончу суруйбат үһү. Лариса Саввична тулуйбакка-тэһийбэккэ почтаттан кэлэн сурук сура-һааччы. Биһиэхэ суруйбат, уолга суруйа сытар ини диэн мөҥүттэр этэ» диэн суруйбут ийэтэ.

      Оляны бэйэтэ да көрсүбэтэҕэ ыраатта. Олус ыарахан үһү медиктэр үөрэхтэрэ, бириэмэ булан кэлэн да барбат. Ираида Никоновнаҕа ыалдьыттыы барыах буолбуттара ыраатта да, Оля солото суоҕа бэрт. Онно холоотоххо Дашалаах үөрэхтэрэ кэм холку быһыылаах, тугу ирдииллэрин сыспакка-соспокко бириэмэтигэр оҥорон истэххэ үчүгэй. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттах-тарына учууталлар «устудьуоннуу бардаххытына кэһэ-йиэххит, эһиэхэ ким да наадыйыа суоҕа. Препода-вателлэр киирэн лекция ааҕа-ааҕа тахсан иһиэхтэрэ, эһиэхэ эрэ кыһаллыбаттар» диэн куттууллар этэ. Дашалаах үөрэнэр салаалара хайдах эрэ сылаас, ураты эйэҕэс эйгэлээх. Бука бары, ханнык да курска үөрэ-нэллэриттэн тутулуга суох, биир улахан дьиэ кэргэн курдуктар. Ыал түс-бас аҕаларын санатар преподава-теллэр эрэллээх эркиннээх, дурда-хахха дьонноох курдук санааны үөскэтэллэр. Үөрэммиттэрэ аҕыйах ый буолла эрээри, үөһээ курстардыын билсэн, «эн-мин» дэһэн ырааттылар. Аны улахан курстар кинилэргэ эмиэ туспа сылаастык, болҕомтолоохтук сыһыаннаһаллар.

      Оттон Сэргэлээх, устудьуоннар түһүлгэлээн олорор уопсайдара, эмиэ киэһэ аайы тырымнас, чаҕылыҥнас уоттарынан сандаарыйан ураты уйаҕас, истиҥ иэйии-ни саҕаллар. Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут Сэргэлээх уопсайдарын хас биирдии хоһугар эриэккэс


Скачать книгу