Түүл буолан сүтүмэ. Галина Нельбисова
эрэ килиэбин булунар идэлэнэр ини. Үчүгэй эрэ киһиэхэ тахсан сынньалаҥнык олордор. Куоракка кыыһын эдьиийин аахха олордор кэпсэтиилээх. Эдьиийэ Люд-мила сааһыран баран, дьэ, кэргэн тахсан олорор. Кү-түөтүн, эчи, көрө да илик. Уолаттар кэпсииллэринэн, куһаҕана суох киһи быһыылаах. Огдообо үһү.
Валентина Дорофеевна хайдах эрэ тэһийбэккэ-тулуйбакка дьүөгэтигэр Татьянаҕа тахса сылдьаары, ханна эрэ шампанскайдааҕын санаан, ону-маны хасы-һан эрдэҕинэ, күүлэҕэ кыргыттар күлсэр саҥалара иһилиннэ, атах тыаһа топ-тобугурас буола түстэ. Валентина кимнээҕин билэ охсоору ааны аһа баттаа-быта Лилька дьүөгэтэ Зина, эмиэ биир кылааска үөрэммит кыргыттарын Уляны, Ленаны кытта кэлэн тураллар эбит. Хонуу сибэккититтэн оҥоһуллубут букеты туппуттар, туох эрэ суулааҕы кыбыммыттар.
– Лилька? – Зина дорообото-дыраастыйа суох соһуйбуттуу көрөн турда. Анараа кыргыттар, сыл аайы бу күн саалаҕа тардыллар мааны остуолу булан ылбакка, бэйэ-бэйэлэрин көрсө турдулар.
– Барбыта, ыраах, – Валентина Дорофеевна кыр-гыттар ыйытардыы көрбүттэриттэн хайдах эрэ ыксаан ылла.
– Пахай, эппэккэ барар эбит дуу. Дьэ эмиэ бодо-рууга дии. Өйүүн «Кырдалга» көһөбүт ээ, үлэлии. Оччоҕо кини Дьокуускайга барда дуо? – Зина чахчы хомойон сөҥүөрэн турда.
– Дьокуускайга… Үөрэххэ киирбэтэҕинэ даҕаны манна кэлбэт. Онно эдьиийигэр доҕор буолуо, ыарытыйар ээ, – диэн сымыйалаан барбытыттан Валентина Дорофеевна бэйэтэ да соһуйда.
Кыргыттар тугу да саҥарбакка, тэпсэҥнэһэ түһэн баран, тахсан бардылар.
Дашалаах Оля малларын сыһан-соһон түөртээх ав-тобустарын дьэ буллулар. Эчи итиитин, ончу салгын хантан да илгийбэккэ дылы, автобуска киһи элбэҕиин! «Автобуска уопсайынан элбэх киһи ортотугар киир-дигит да сэрэнээриҥ, сээкэйгитин таах сойботон ылыахтара» диэн ийэтэ ыаллара Розалыын сэрэппит-тэрэ. Автобус саамай кэннигэр суумкаларын чохчо-лоон баран тура тэбинэн айаннаатылар. Куорат киинин диэки чугаһаатахтарын аайы дьон эбиллэн, өссө эбии «лыык» курдук симиллэр буоллулар. Даша улахан кылаастарга үөрэнэ сылдьан балыыһаҕа көрдө-рүнээри куоракка син өр буолбуттаах, онон ханнык тохтобулга түһүөхтээхтэрин билэр. Дьокуускайга түһэр чугас ыала суох, онон туттарсар кэмиттэн саҕалаан уопсайга миэстэ туруорсуохтаах. Сарсыҥҥа диэри Олятын дьонугар барсан хонуохтаах. Куорат ыала хайдах көрсөллөрө биллибэт. Оля барахсан «долгуйума, биир хонор киһини туох да диэхтэрэ суоҕа» диэхтиир да, бэйэтэ да дьиксинэ саныыр буолуохтаах.
– Оля, бэлэмнэниэххэ, Орджоникидзе болуосса-тыгар түһэр эбиппит. Петр Алексеевпыт уулуссатыгар хайдах эмэ сатыы киириэхпит.
– Абыт-ууй, бу үлүгэри соһон өссө сатыылыыбыт дуо? – Оля атаҕынан тэбэн суумкаларын аан диэки сыҕарыталыы турда.
– Хайыахпытый, дьол көрдөһө, үөрэхтэнэ кэлбит дьон, – Даша икки суумкатын эр-биир илиитигэр ылаттаан, тахсар аан диэки дьулуруйда. Хата, элбэх киһи түһэр буолан, кэм холкутук таһырдьаны буллулар.
Кыргыттар итииргээбиттэрин,