Түүл буолан сүтүмэ. Галина Нельбисова

Түүл буолан сүтүмэ - Галина Нельбисова


Скачать книгу
сырыт-таҕына үөлээннээх кыргыттара ымсыыран харахтара араҕааччыта суох. Даша Ирочкаҕа бэлэхтиирин бары-тын корзинаҕа сааһылаата. Таһырдьа тахсан ыалын тэлгэһэлэрин диэки көрбүтэ, оруобуна Роза сууйбут таҥаһын ыйыы сылдьар.

      – Роза-а, дорообо! Ирочкаҥ ханнаный? – Даша үгэһинэн күүлэтин боруогар олорунан кэбистэ.

      – Ол кыыс ханна эрэ сэлиэнньэ түгэҕин булла ини. Сөтүөлээри көҥүллэппитэ, күөлгэ бардылар дуу. Тоҕо ыйыттыҥ?

      – Наадалаахпын, Ирочкаҕа. Кэллэҕинэ миэхэ ыытаар.

      – Ол хотунуҥ эбиэтин көтүппэт. Кэлэн ааһыаҕа, этиэҕим. Хайа, хаһан Дьокуускайдаатыҥ? – Роза таҥаһын ыйаан бүтэн быар куустан туран кэпсэтэрдии сананна.

      – Сотору барабын. Сололоох эрэ буолларгын, дьом-мор киирэ тураар эрэ. Ким да билсибэтэҕинэ, ийэм наһаа санааргыыр. Ыалдьыттаах ыал үчүгэй диэн тыллаах. Уой, эн тиэргэниҥ сибэккилэрэ үчүгэйдэрэ бэрт ээ, ситэн ырааппыттар дии. Ол оруосабай өҥнөөх нарын да нарын сибэкки биһиэхэ тоҕо эрэ суох ээ. Күн-дьыл ырааппыт дии, оҕолор сөтүөлээн эрэллэр эбит дуу, – Даша, быйылгы сайын түбүктэригэр үтү-рүйтэрэн, сөтүө кэмэ саҕаламмытын билбэтэҕиттэн соһуйда.

      – Эбиэт буолбут, ас сылыттыахха сатаныыһы, – Роза дьиэтин диэки хаамта.

      Даша эмиэ, ас бэлэмнээн эбиэттии түһэн баран, таҥас суунардыы тэриннэ. Куйаас күн буолбут, таҥас куурдарга ааттаах эбит. Киһи салгыах курдук ардахтаан да биэрдэ. Сууйар таҥастарын бэлэмнээн саҕалыах курдук сырыттаҕына, аҕылаабыт-мэҥилээбит Ирочка сүүрэн элэгэлдьийэн кэллэ. Күн уота харааччы сиэ-бит, харахтара эрэ оҕолуу тиэхэлээх уоттарынан чаҕы-лыҥнаһаллар.

      – Даш-о, миигин ыҥырбытыҥ дуо? – Ирочка ыксыыр быһыылаах, биир сиргэ таба турбакка тэйиэккэлиир.

      – Даа, кырасаабысса, ыҥырбытым. Эн манна күүт эрэ, билигин кэлиэм, – Даша дьиэтигэр киирэн корзинатын таһааран кыысчааҥҥа уунна.

      – Бу тугуй? Кимиэнэй? – Ирочка соһуччу киниэхэ тиксибит корзинатын хайа да өттүттэн тутуон билбэккэ эргичиҥнэттэ.

      – Ирочка, эдьиий Дашаҥ улахан киһи буолла, оскуоланы бүтэрдэ. Сотору ыраах Дьокуускайга бара-бын. Бу эйиэхэ куукулалары, хампыат сууларын, от-крыткалары бэлэхтиибин.

      – Миэхэ?! Куукулалар, открытка-а! – Ирочка ба-рахсан үөрүүтүттэн хайдах да буолуон билбэтэ, кыраһыабай корзина толору симиллибит барыта киниэнэ буолбутун итэҕэйбэтэхтии тэпсэҥнии түһэн баран, хата өй булан, «баһыыба» диэн тылын ыһык-таат, дьиэтин диэки дьиэрэҥкэйдээн хаалла.

      Даша аны хаһан да эргиллибэт оҕо сааһа Ирочка сибэкки ойуулаах сиидэс былаачыйата тэлээрэ турбутун кытта ыраах-ыраах барбытын саҥата суох сайыспыттыы көрөн хаалла…

* * *

      Лилия уһуктуон наһаа баҕарар да, утуйар барахсан мип-минньигэс абылаҥа баһыйан кыайан турбакка өөр-өр сытта. Остуол чаһыытын хараҕын кырыытынан көрбүтэ, таайбыт курдук, бириэмэ ырааппыт. Дьиэ иһэ-таһа толору киһи быһыылаах, кэпсэтии-ипсэтии, күлсүү-салсыы ырааппыта иһиллэр. Оскуоланы бүтэ-рии


Скачать книгу