Түүл буолан сүтүмэ. Галина Нельбисова
киһиэхэ дылы маҥан таҥаһынан олоробун дуо.
– Олорумуна. Былааччыйаҥ барыларыттан кыра-һыабай этэ. Бэҕэһээ маамаҥ киэн туттан бөҕө. Уолат-тар бары эйигин одуулаһаллар быһыылааҕа.
– Ол миэхэ наада диигин дуо? Ити сыыҥтарын соһо сылдьар дьону этэҕин дуо? Куораттан булуом, уол оҕо талыытын, – Лилия былааччыйатын кэтэ-кэтэ күлэн сатарытта.
– Чэ, аргыый, улаханнык саҥарыма. Ыйааҕыҥ би-лиэ, ким кэргэнэ буоларгын, – Валентина Дорофеев-на үөһэ тыынан ылла.
– Маама, эн ыалдьыттаргар бар. Мин сирэйбин-харахпын көннөрүнэ түһэн баран тахсыам, – Лилия туалетнай остуолугар олорон хаалла.
Сотору дьиэ иһигэр уу чуумпу буола түстэ. Ийэтэ тахсан дьаһайда быһыылаах. Лилия тахсыбыта тэлгэ-һэҕэ тардыллыбыт остуолга бары орун-оннуларын булан олорбуттар. Биллэн турар, киһи үөйбэтэх-ахты-батах дьоно бары бааллар. Олохтоох сэбиэт председа-телэ Тарас Данилович кэргэнинээн, совхоз парткома Дмитрий Егорович эмиэ кэргэнинээн, олохтоох врач Елена Викторовналыын иҥин… Кулууп директора Алла Афанасьевна биэчэри иилээн-саҕалаан ыытта. Дьон бары тура-тура Валентина Дорофеевна маанылаан улаатыннарбыт, кэрэ сибэкки аатын биэрбит Лилията, кырдьык да хайдахтаах кыраһыабай кыыс буола улааппытын, оҕо эрдэҕиттэн олохтоох кулууп киэргэлэ буолбут үҥкүүһүт кыыс культура үлэһитин идэтин талара саамай сөптөөҕүн туһунан эттилэр. Ким да «оскуола-производство-үрдүк үөрэх» диэн девиз тыл-ларын ахтыбата. Бары таайан, билэн олордохторо эбээт, Валентина Дорофеевна туох иһин кыыһын фермаҕа ыыппатын.
– Күндү табаарыстар, мин аҕыйах тылы эмиэ этиэхпин баҕарабын. Алла Афанасьевна мин баарыаҥ-ҥыттан илиибин ууна сатыырбын ончу көрбөт курдук туттар, – дии-дии универмаг сэбиэдиссэйэ Христина Григорьевна, уһун күөкэгэр моонньун үөрүйэх бэйэ-лээхтик хамсатан, туран кэллэ.
– Баһаалыста, Христина Григорьевна. Үөрүүнэн истэбит, – тамада көҥүллүүр саҥата иһилиннэ.
– Биһиги универмаг дьоҕус коллектива оҕобутугар кыра бэлэхтээхпит. Лилиябыт аны улахан киһи буолла, кини кэрэтин, кыраһыабайын бу кыһыл көмүс ытарҕа уонна кулон тупсаран, ситэрэн-хоторон биэриэхтэрэ диэн эрэнэбит, – диэн баран Христина Григорьевна Лилияҕа дьоҕус бархат хоруопканы туттаран кэбистэ.
Лилия омуннаахтык үөрэн-көтөн хоруопканы аһа баттаабыта… рубин таастаах ытарҕа, сүрэх быһыы-тынан оҥоһуллубут кулон килэбэчиһэ сыталлар!
– Баһыыбаларыҥ, универмагтар, – Лилия атыы-һыт дьахталлар олорор сирдэрин диэки туһаайан илиитинэн далбаатаата. «Көмүһүм элбээтэ ээ. Үнүр ийэтэ эмиэ уруккуттан аныы сылдьыбыт хас да суол киэргэллэрин бэлэхтээбитэ. Кулгааҕы үүттэтэ охсуохха наада». Лилия улам-улам бу остуолга буола турар кэп-сэтииттэн хайдах эрэ сылайан наар атыны саныыр буолан барда. Барытын этэн-тыынан бүттүлэр, өрүсү-һэ-өрүсүһэ ону-маны атыны кэпсэтэллэр. Сэбиэт, оннооҕор партком холуочуйа быһыытыйдылар. Лилия саҥата суох ойон туран дьиэҕэ киирдэ. Кылааһын кыргыттара, дьүөгэлэрэ тугу гыналлара буолла? Саатар аҕыйах кыыһы ыҥыртаары гыммытын ийэтэ